«Чолбон» ыалдьыта — Чурапчы улууһа
«Чолбон» сурунаал от ыйынааҕы нүөмэрин ыалдьыта – саха саарыннарын кыһата буолбут Чурапчы улууһа.
Прозаҕа:
— норуот суруйааччыта Василий Назарович Егоров-Тумарча «Одьулууннар» арамаанын «Болугур Айыытын хостооһун» диэн түһүмэҕэр аата да этэрин курдук миистикэлээх түбэлтэ ойууланар;
— норуот суруйааччыта Сэмэн Тумат «Саҕастыыр барахсан сүрэхпэр» саҥа эсселэригэр хоту дойду тыйыс айылҕата уонна киһи, көс уонна олохтоох дьон, аныгы сайдыы уонна түҥ былыргы үгэстэр алтыһыыларын уус-ураннык сэһэргиир;
— В.К. Арсеньев аатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы «Уһук Илин» литература бириэмийэтин лауреата Анатолий Слепцов «Хара Тумус» диэн кэпсээнигэр чурапчылары муустаах муора кытылыгар көһөрүү трагедиятын уратытык дьүһүйэр;
— Сомоҕо Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан «Эргиллии», Аграфена Кузьмина аныгы уонна былыргы алтыһыыларын туһунан «Баахылла» кэпсээннэрэ;
Оҕо литературатыгар:
— Улдьаа Харалы «Оноҕостуур Бэргэн» остуоруйа-олоҥхотугар саха бухатыыра хоту дойдуга мүччүргэннээх сырыылара сэһэргэнэр;
— уус-уран тылбаас маастара Альбина Борисова айбыт «Иэппэт буолбут ынах туһунан остуоруйата»;
— Мааны Маарыйа «Үргүүк хара ат» төрөппүтү уонна оҕону ситимниир аныгы остуоруйата;
Поэзияҕа:
— Вячеслав Хон «Ый аптаах ыллыгын буларым…», Ольга Янцен «Саҥата суох таптал сылааһа…» саҥа уонна Сэргэх Сэмэй «Улуу сис уолабын!» талыллыбыт хоһооннорун бөлөҕө;
— саха литературатыгар үгэ жанрын төрүттээччи Күн Дьирибинэ төрөөбүтэ 120 сылынан кини түһүүлээх-тахсыылаах олоҕун уонна чаҕылхай айар үлэтин Сэмэн Тумат сиһилии билиһиннэрэр ыстатыйата;
— Олимп чыпчаалыгар сирдьит Дмитрий Коркин төрөөбүтэ 95 сылыгар иитиллээччилэрэ – аныгы кэм боотурдара Павел Пинигин, Александр Иванов, Василий Гоголев ахтыылара;
— худуоһунньук Афанасий Собакин төрөөбүтэ 95 сылыгар кыыһа, Саха сирин Худуоһунньуктарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Ольга Скорикова аҕатын өспөт сурааһыннарын туһунан анаарыыта;
— филология наукатын хандьыдаата Саргылаана Ноева Далан «Тулаайах оҕо» уонна «Тыгын Дархан» арамааннарын уус-уранннык ырытыыта;
— Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаевтыын Алена Сысолятина «Чурапчыга олоҕу үлэ дьоно сүрүннүүр» сэһэргэһиитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: