Мэҥэ Хаҥаласка киһини ытырбыт клещкэ энцефалит ыарыыны буллулар

Мэҥэ Хаҥаласка киһини ытырбыт клещкэ энцефалит ыарыыны буллулар

07.06.2023, 19:15
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр сайын саҕаланыаҕыттан 68 киһи, ол иһигэр 12 оҕо клещкэ ытыртарда диэн “Роспотребнадзор” управлениета иһитиннэрэр.

Хаартыска: СИА.

Ол курдук, Ленскэй оройуонугар 27, Алдаҥҥа – 27, Өлүөхүмэҕэ – 9, Нерюнгригэ – 8, Мэҥэ Хаҥаласка – 3, Сунтаарга – 2, Мииринэйгэ, Тааттаҕа, Чурапчыга – 1-дии, Дьокуускайга – 4 киһи эмсэҕэлээтэ.

Мэҥэ Хаҥаласка киһини ытырбыт клещкэ энцефалит ыарыы булулунна. 31 чинчийиигэ туох да ыарыы суох. 52 киһиэхэ инфекционнай ыарыылары сэрэтэр үлэ ыытылынна.

Өрөспүүбүлүкэҕэ клещ энцефалитыттан быһыыны 3772 киһи, ол иһигэр 319 оҕо ылбыт. Алдаҥҥа, Ленскэйгэ, Хаҥаласка исписэлиистэр дьон элбэхтик сылдьар сирдэрин үөнү өлөрөр булкадаһыгынан ыстараллар.

Клещ энцефалиты, туляремияны, Лайм ыарыытын, моноцитарнай эрлихиоһы, о.д.а. кутталлаах инфекционнай ыарыылары тарҕаталлар. Ол түмүгэр киһи баралыыстыан, эбэтэр, өлүөн да сөп.

Клещ ытырбытын биллэххитинэ, бэйэҕит хостуу сатаабакка, миэдиктэргэ көрдөрүөххэ наада. Ойуурга барар буоллахха, уһун сиэхтээх куопталаах, бэргэһэлээх сылдьыахха наада, ыстаан иитин бачыыҥкаҕа, саппыкы иһигэр киллэриэххэ наада. Үөннэри тэйитэр эмтэринэн ыстарына, таҥаһы-сабы, ордук саҕатын көрүнэ сылдьар ирдэнэр диэн 2-с №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа-Суһал мэдиссиинэ көмөтүн киинин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 6°C
  • Ощущается: 3°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: