700-тэн тахса киһи кэлим реабилитацияны ааста
Айсен Николаев сорудаҕынан, Ю.П. Степанов аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр кэлим реабилитацияларын социальнай-чэбдигирдэр кииннэригэр байыаннай дьайыы 375 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин 343 чилиэнэ доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэн, кэлим реабилитацияны аастылар. Бу туһунан киин дириэктэрэ Асида Алексеева брифиҥҥэ кэпсээтэ.
— Биһиги байыаннай сулууспалаах организмын уопсай үлэлиир туругун, өйүн-санаатын, иэйиитин, эйэлээх олоххо үөрэниитин көрөн, чөлүгэр түһэригэр туһулаан үлэлиибит. Киин кинилэргэ социальнай-психологическай уонна социальнай-мэдиссиинискэй көмөнү оҥорор, — диэн кини эттэ.
Киин «Самородок» бассейны, Арчы дьиэтин кытта бииргэ үлэлэһэр. Бассейнҥа гидрокинезотерапия дьарыга ыытыллар. Арчы дьиэтигэр алгыс туомун толорон, ыраастыыллар, өйдөрүн-санааларын бөҕөргөтөллөр.
Үгүс байыастар уонна дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ араас хабааннаах консультацияҕа наадыйаллар. Онон араас тэрилтэлэр исписэлиистэрин кытта 62 көрсүһүү тэриллибит.
Маны тэҥэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр мэдиссиинэ-социальнай реабилитацияларын техникум-интэринээтин кытта идэҕэ туһаайыы үлэтэ ыытыллар. Манна 51 байыас уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин 66 чилиэнэ хабылыннылар.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: