700-тэн тахса киһи ойуур баһаарын умулларарга үлэлиир

Share

Саха сиригэр баһаары умулларыыга 749 киһи, 50 тиэхиньикэ үлэлиир. Ону сэргэ аҕыс МИ-8 бөртөлүөт, 16 салгын суудуната баһаары умуллараллар.

Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ ойуурун хаһаайыстыбатын сүрүн леснигэ Андрей Коноплев брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

«Ойуур баһаарын түргэнник суох оҥорорго наадалаах дьаһаллар ылыллаллар. Ойуурга буола турар баһаардартан нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суоһаабат”, — диэтэ А. Коноплев.

Биир суукка иһигэр 1,5 гаа уопсай иэннээх ойуур баһаара бохсулунна.  Ону кытта этиҥтэн 487 гаалаах сиргэ 13 ойуур баһаара турбута бэлиэтэннэ.

Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 98 266 гааҕа 48 ойуур баһаара турар: 8 – Нерюнгри улууһугар, 7 — Кэбээйигэ, 6 — Алдаҥҥа, түөртүү баһаар — Бүлүүгэ, Томопоҕо, үстүү  — Аммаҕа, Дьааҥыга, Өлүөхүмэҕэ, иккилии — Булуҥҥа, Үөһээ Бүлүүгэ, Үөһээ Халымаҕа, биирдии — Абыйга, Горнайга, Уус Алдаҥҥа, Хаҥаласка, Эбээн Бытантайга уонна Дьокуускай куоракка.

Ону таһынан Абый уонна Үөһээ Халыма улуустарыгар 2 лантшафтнай баһаар турбута билиннэ. Бу баһаартартан Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Үөһээ Халымаҕа 4 баһаар салгыы тарҕанара тохтотулунна.

Ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньата Өлүөхүмэ улууһугар салҕанар. Баһаары утары охсуһуу ураты эрэһиимэ Алдан, Амма, Бүлүү, Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Өлүөхүмэ, Муома, Мэҥэ Хаҥалас, Нерюнгри, Нам, Сунтаар, Орто Халыма, Томпо, Таатта, Хаҥалас, Уус Алдан улуустарыгар уонна Дьокуускай куорат уокуругар киллэрилиннэ.

Быйыл өрөспүүбүлүкэ баһаары бохсууга 50 салгын суудуната, беспилотниктар уонна сөҥүүнү түһэрэргэ 2 зондировшик-сөмөлүөт, ону таһынан 1,2 тыһыынчаттан тахса киһи үлэлиэҕэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Балаҕан ыйын 19 күнэ: ардах, хаар уонна тыал

Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар быстах ардыыра, сорох сирдэринэн инчэҕэй хаар…

9 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

26 саастаах дьахтарга холуобунай дьыала көбүтүлүннэ

Дьокуускайга полиция 3 отделын дьуһуурунай чааһыгар эт-хаан эчэйиитин ылбыт  Кангаласс олохтооҕо дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Ол…

9 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын хамаандалара «Путь воина» күрэхтэһии кубогын иһин киирсиэхтэрэ

Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии икки полуфиналын түмүгүнэн Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын «ВОИН»…

10 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөнү уорбут

Дьокуускайга 35 саастаах дьахтар үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөн солкуобайы уоран, холуобунай дьыала тэрилиннэ. ИДьМ Силиэстийэлиир…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Өбүгэлэрбит хаһаас астара

Уһун, тымныы кыһыннаах, тыйыс айылҕалаах хоту дойдуга олорор буоланнар, өбүгэлэрбит барахсаттар күөх сайын уунар уйгутуттан…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан Үөһээ Бүлүүгэ үлэлиир

Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүгэ үлэ сырыытынан Ил Дархан Айсен  Николаев уонна СӨ…

11 часов ago