710-с №-дээх быыбардыыр учаастакка куоластааһын көхтөөхтүк барар
Бүгүн, кулун тутар 15 күнүгэр, Арассыыйа Бэрэсидьиэнин талар үс күннээх быыбар саҕаланна. Дьокуускай куорат 710 №-дээх быыбардыыр учаастага сарсыарда оруобуна 8 чаастан үлэтин саҕалаата. Быыбардыыр учаастак үлэтин Арассыыйа уонна Саха сирин өрөгөйүн ырыатынан, баар быраабыланы барытын тутуһан саҕаланна. Бастакынан быыбардыы үөрэммит, нэһилиэнньэ аҕам саастаах араҥата куоластааһыҥҥа кэлбитин учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа бэлиэтиир.
710-с №-дээх быыбардыыр учаастак хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Оксана Борисова маннык кэпсиир:
— Биһиги 710 №-дээх быыбардыыр учаастакпыт оруобуна сарсыарда 8:00 ч. үлэтин саҕалаабыта. Быйыл быыбардыыр хамыыһыйабытыгар 15 киһи үлэлиир. Бастакынан быыбардыы үөрэммит, нэһилиэнньэ аҕам саастаах араҥата куоластыы кэлэр диэн бэлиэтиэххэ наада. Уруккуттан даҕаны учаастакпытыгар олус көхтөөх дьон куоластыыр. Биһиги учаастакпытыгар биир бастакынан Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев кэлэн куоластаабыта.
Быыбардааччыларбыт 7:30 ч. кэлэн уочараттаан барбыттара. Өрөгөй ырыата тыаһаан бүтээтин кытары, быыбардааччылар куоластаан барбыттара, бастаан элбэх киһи биирдэ кэлэн, уочараттаах этэ, онтон сыыйа оннугар түстэ. Барыта биһиги учаастакпытыгар эбии сыһыарыллыбыт дьону кытары холбоон 2350 киһи быыбардыахтаах. Сарсыарда балтараа чаас иһигэр 366 киһи куоластаабыта. Онон сылыктаатахха, бу үс күн иһигэр нэһилиэнньэ быыбарга кыттыыта үрдүк буолуо диэн эрэнэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: