73 байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэтэ ититии тиһигэр холбонно

Саха сиригэр 2024 сылга анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын 73 дьиэтин кииннэммит сылытыыга холбообуттарын туһунан өрөспүүбүлүкэ ОДьКХ уонна коммунальнай хаһаайыстыбатын уонна эньэргиэтикэ министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Тэрээһини «ОДьХ РС (Я)» ГУ уонна «Теплоэнергосервис» АУо Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан олоххо киллэрэллэр.
Быйыл өссө 45 олорор дьиэни кииннэммит ититиигэ холбуохтара. 21 байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэтэ ититии тиһиктэригэр холбонорго бэлэм. Кииннэммит сылааһы хааччыйыыга холбонорго РФ бырабыыталыстыбатын 2115 №-дээх нүөмэрдээх 2021 сыл сэтинньи 30 күнүнээҕи “Сылаас ситимнэригэр холбонуу (технологическай холбонуу) быраабылаларын бигэргэтии туһунан” уурааҕын 15-с пуунугар сөп түбэһиннэрэн, анал сайабылыанньа биэриэххэ наада.
Тустаах дуогабары түһэрсиигэ ирдэниллэр докумуоннары бу сигэнэн билсиэххэ сөп: https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3489651.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: