75 саастаах биэнсийэлээх 2,7 мөл. солк. тахса харчытын түөкүттэргэ албыннаппыт

Share

Түөкүттэр кинини биэнсийэлээх дьоҥҥо харчыларын улаатыннаран биэрэбит диэн итэҕэппиттэр.

Нэдиэлэ устата биэнсийэлээх дьахтар бэйэлэрин “Газинвест” анаарааччыларабыт дэнэр түөкүттэргэ харчытын ыыппыт. Түөкүттэр саастаах киһини дьиэҕиттэн тахсыбакка элбэх дохуоттаныаҥ, биэнсийэлээх дьоҥҥо биһиги көмөлөһөбүт диэн тылларын ылыннарбыттар. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Эмсэҕэлээччи барыстанаары, туох баар уурумньу харчытын ханна да суох инвестиционнай бырайыакка ук диир билбэт дьонун этиитигэр киирэн биэрбит.

Бастаан кини 10 тыһ. солкуобайы, ол кэнниттэн өссө биирдэ эмиэ итиччэ сууманы укпут. Ол кэнниттэн түөкүттэр ууруна сытар 2,769 мөл. солкуобайгын барытын ук, хас эмэ төгүлүнэн улаатыннаран биэриэхпит диэн итэҕэппиттэр. Бэйэтин харчыта барыта бүппүтүн кэнниттэн, өссө 500 тыһ солк. кирэдьиит ылан ыыт диэбиттэрин, хата, баан биэрэртэн аккаастаабыт. Бу эрэ кэнниттэн эмсэҕэлээччи түөкүттэргэ түбэспитин өйдөөбүт уонна полицияҕа үҥсүбүт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга 4 сулустаах гостиница тутуллуоҕа

Дьокуускай куорат киинигэр, Чернышевскай уулуссатыгар 12 этээстээх аныгы гостиница тутуллуоҕа. Бу туһунан Ил Дархан "РИК"…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Баччаларга сэрэнэн-сэрбэнэн, чуумпутук сылдьарбыт

Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…

41 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Бу — интэриэһинэй. Зонтигы ким айбытай?

Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Босхо мэдисиинискэй көмөҕө уларыйыы киирдэ

РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Амма сыырын Москваҕа уонна Благовещенскайга атыылаан эрэллэр

Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Трамп Гренландияны тоҕо былдьаста?

Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.

2 часа ago