Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгин олохтооҕо Авдей Федоров оҕо сааһыттан фермаҕа үлэлээн, билигин да эдэрдии эрчимин ыһыктыбакка үлэни-хамнаһы былааннаан, сүөһүтүн ахсаанын элбэтэргэ үлэлиир.
Бөһүөлэктэн тэйиччи тэринэн олорор хаһаайыстыба урукку кэмнэргэ республикаҕа «Бастыҥ от бэлэмнээччи» күрэх кыайыылаахтара. 2016 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын гранынан 100 миэстэҕэ саҥа хотону тутан үлэҕэ киллэрбиттэрэ. Маассабай төрүөх саҕаланан күн бүгүн 5 ньирэй төрөөтө.
Халлаан сылыйан үлэ үгэнэ. Билигин маһы кэрдээччилэр тиит, бэс мастары тиэйэллэр. Сотору кэминэн пилораманы үлэлэтиэхтэрэ. Бу курдук, араас хайысханы ылсан Авдей Федоров нэһилиэккэ дьон дьиэ туттан олохсуйалларыгар көмө буолар.
Фермер маны таһынан сыспай сиэллээҕи эмиэ иитэр. Күн ахсын көстөөх сиргэ атынан сылдьан, 8 үөр сылгытын аһатар. Тыа хаһаайыстыбата уһун үйэлиир, тыа сирин бастыҥ дьарыга диир биһиги дьоруойбут.
@suntaar_ulus
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…