Саха сиригэр биир кэлим босуобуйаны 75 тыһыынча оҕо уонна 3 тыһыынча кэриҥэ хат дьахтар ылар. Босуобуйа төлөммүт суумата 4,7 миллиард солкуобайга тэҥнэстэ. Бу туһунан Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаатын салайааччы Марина Герман иһитиннэрдэ.
Биир кэлим босуобуйаны ыларга сайабылыанньаны “Госуслуги” портал, Элбэх өҥөнү оҥорор киин нөҥүө, эбэтэр, Социальнай пуондаҕа тиийэн биэриэххэ сөп.
— Социальнай пуонда салаата босуобуйаны биэрэригэр атын тэрилтэлэртэн тустаах докумуоннары бэйэтэ көрдөөн ылар. Холобур, дьиэ-уот туһунан сибидиэнньэни “Росреестр”, тырааныспар туһунан – ИДьМ, уу суудунатын туһунан – ЫБММ биэрэр. Ол эрээри, сороҕор докумуоннары Социальнай пуонда килийиэннэрин сулууспатыгар илдьэн биэриэххэ наада буолар. Өскөтүн бу урукку, атыыламмыт баай-дуол туһуттан аккаас кэллэҕинэ, тустаах тэрилтэҕэ баран, чуолкайдаһыахха наада. Тэрилтэ бигэргэппитин кэнниттэн, пуондаҕа сайабылыанньаны иккистээн суруллар, — диэн Марина Герман эттэ.
Биир кэлим босуобуйа хат дьахталларга уонна дьиэ кэргэн дохуота хас биирдии киһиэхэ тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына, бэриллэр диэн Социальнай пуонда пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Төһө тымныйарый? Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа улуустарыгар кыралаан кыралаан хаардыыр.…
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…