“250 киилэ саха мүөтүн ыллыбыт”
Быйыл өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын иһинэн тупсаҕай буолууга уонна тирэхтээх сайдыыга сэбиэтин чилиэнэ Людмила Николаева көҕүлээһининэн Инвестицияны тардыыга ааҕыныстыбата кыттыытынан уонна СӨ Дьоҕус урбааны сайыннарыыга пуондатын өйөбүлүнэн тэриллибит 2022 сыллаахха мүөтү оҥорон таһаарыыга саҕаламмыт бырайыак үлэтин салҕаата.
Бырайыак эспиэрдэринэн Удмуртияттан бырааттыы Николай уонна Александр Сапаевтар буоллулар. Кинилэр ыҥырыалаах хонууларыгар оҥоһуллубут мүөтү Швейцарияҕа кытта таһаарбыт уопуттаах дьон. Сапаевтар күн-дьыл уустук усулуобуйалаах Саха сиригэр мүөттээх ыҥырыаны иитиэххэ сөбүн быһаардылар. Ыҥырыа уйаларын Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Алдан улуустарыгар туруорбуттара.
Мүөтээх ыҥырыалар уйалара турар сүрүн сиринэн Төхтүр (Мэҥэ Хаҥалас) талыллыбыта. Хас да уйаны бу улуус Ороссолуодатыгар илдьибиттэрэ. Атыттары Алдан улууһун Ыллымах сэлиэнньэтигэр, Томпо улууһун Күбэлээх үрэх уонна Амма өрүс тастарыгар. 2024 сыллааҕы мүөтү ылыы сезона сабылынна. “ Бэртээхэй уопуту баһылаатыбыт, онон кэлэр сылга олохтоох айылҕаҕа тирэҕириэхпит”,— диир эспиэр Николай Сапаев.
КЭСКИЛЛЭЭХ САЛАА
Өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын иһинэн Тупсаҕай буолууга уонна тирэхтээх сайдыыга сэбиэтин чилиэнэ Людмила Николаева мүөтү ылыы кэскиллээх буолуоҕун бэлиэтээтэ: «Биһиги саха мүөтүн ылыыга үс сыллаах эспэримиэммитин түмүктээтибит. Быйылгы сылбыт үтүө түмүктэрдээх. Уйалары Алдан, Амма, Мэҥэ Хаҥалас уонна Томпо оройуоннарыгар туруоран, географиябытын кэҥэттибит. Ол лабораторнай чинчийиини ыытыыга хаачыстыбатын, пыльцатын састаабын, өҥүн, сытын, амтанын быһаарыыга көмөлөһүөҕэ. Биһиги Николай Сапаевы уонна кини хамаандатын кытта сөптөөх түмүктэри оҥорон, эһиил бырамыысыланнай оҥорон таһаарыыга киирэр соруктаахпыт. Кыһын ыҥырыалар уйалара турар сирдэрин бырайыактыахпыт уонна бырайыакпыт кээмэйин улаатыннарыыга үлэлиэхпит. Төрөөбүт дойдутугар уонтан тахса сыл ыҥырыаны иитиини баһылаабыт Николай Сапаевка бу Удмуртия тас өттүгэр тахсыыга бастакы уопута буолар».
Бырайыак былаана — аҕалбыт ыҥырыаларын кыстыктарын бэлэмнээһин. “Билигин кыстыкка бэлэмнэнэбит, ыарыылартан харыстыыбыт, дьиэни-уоту бэлэмниибит. Ыҥырыалар дьиэлэрэ кыһын сылаас уонна хараҥа буолуохтаах. Иһирдьэ икки сылытар тэрили туруоруохпут, температурата 0‑тан +5 кыраадыска диэри буолуохтаах. Тымныйдаҕына датчик сылытар тэриллэри холбуоҕа. Ыҥырыалар кыһын көрүүгэ наадыйбаттар. Муус устар ыйга таһырдьа таһаарыахха наада”,— диир Николай Сапаев.
Кини кэлэр сезоннарга ыҥырыаны иитиинэн саҥа дьарыктаныан баҕалаахтары үөрэтэр былааннаах. Ол курдук, 2025 сыл ыам ыйын бүтүүтэ үөрэтиини саҕалыахтара.
Анна СТРУЧКОВА, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин миниистирин бастакы солбуйааччы:
— Бырайыак саҥа, үрдүк хаачыстыбалаах таһымҥа таҕыста.Ону ыҥырыалаах хонуулары араас сиргэ туруоруу, Саха сирин исписэлиистэрэ Удмуртиятааҕы кэллиэгэлэрин кытта бииргэ үлэлээһиннэрэ туоһулуур.Өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ бырайыагы салгыы өйүүр баҕалаах. Былааҥҥа —тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр оҥоһуллубут мүөтү таска таһаарыы. Бу бородууксуйаны тэнитэргэ бэртээхэй рекламанан буолуоҕа. Хотугу мүөт туһалааҕын киһи барыта билэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: