779-с №-дээх быыбардыыр учаастакка куоластааһын үгэнэ
33-с №-дээх оскуола дьиэтигэр баар 779-с №-дээх быыбардыыр учаастак бэрэссэдээтэлэ Сергей Лыткин сарсыарда олох эрдэттэн кэтээн көрөөччүлэри кытары КАИБ-тары уонна дьиэҕэ сылдьан куоластатар ууруналары кичэйэн бэрэбиэркэлээбиттэрин, оруобуна 8:00 ч. буоларын кытары өрөгөй ырыатынан доҕуһуоллатан үлэ саҕаламмытын кэпсээтэ.
«Сарсыарда оруобуна 8:00 ч. буоларын, өрөгөй ырыата тыаһаатын кытары быыбардааччылар киирэн куоластаан саҕалаабыттара. Чаас иһигэр 100-тэн тахса киһи куоластаабыта. Биһиги учаастакпытыгар 15 быыбар хамыыһыйатын чилиэнэ үлэлиир, куоракка саамай улахан учаастактартан биирдэстэринэн буолар. Олохторугар аан бастакытын, саастарын туолан, быыбардыыр эдэр дьон куоластаан бардылар, кинилэри биһиги олохторугар биир сүрүн хардыыны оҥорбуттарынан – дойду Бэрэсидьиэнин талыыга куоластаабыттарын иһин эҕэрдэлээтибит. Кинилэргэ кыракый өйдөбүннньүк бэлэхтэри туттардыбыт», — диэтэ бэрэссэдээтэл.
779-с №-дээх быыбардыыр учаастак бэрэссэдээтэлэ Сергей Лыткин элбэх киһи сарсыарда үлэлэригэр баран иһэн куоластаабытын этэн туран, быыбарга көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: