80 саастаах дьоҥҥо эбии төлөбүр суумата икки төгүл үрдүөҕэ

80 саастаах дьоҥҥо эбии төлөбүр суумата икки төгүл үрдүөҕэ

29.01.2026, 12:30
Хаартыска: "Эдэр саас" сайтан
Бөлөххө киир:

Олунньу 1 күнүттэн 80 саастарын туолбут кырдьаҕастар страховой биэнсийэлэригэр эбии ылар бигэргэммит төлөбүрдэрэ үрдүөҕэ.

 

Холобур, кырдьаҕас тохсунньуга 80 сааһын туолбут буоллаҕына (эбэтэр, 1-кы группалаах инбэлииккэ тахсыбыт киһи) олунньуга страховой биэнсийэтигэр үрдээбит эбии төлөбүрү ылыаҕа. Бу 2013 сыл ахсынньы 28 күнүнээҕи 400 №-дээх федеральнай сокуон ыйыытынан оҥоһуллар.

Биэнсийэҕэ бигэргэммит эбии төлөбүр суумата 2026 сылга — 9584 солкуобай. Оттон олунньуга бу төлөбүр икки төгүл үрдээн, 19 169 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. 

Сокуон ыйарынан, бу маннык эбии төлөбүрү биир эрэ хайысханан биэрэллэр. Холобур, бу киһи урут 1-кы группалаах инбэлиит буоларынан үрдээбит төлөбүрү ыла сылдьыбыт буоллаҕына, 80 сааһын туоллаҕына, бу төлөбүрэ үрдээбэт. Биирдэ эрэ үрдүүр, иккистээн үрдэппэттэр.

 

Бары сонуннар
Салгыы
29 января
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: