80 саастарын ааспыт кырдьаҕастары көрүү төлөбүрүгэр уларыйыылар киллэрилиннилэр
Саха сиригэр атын киһи көрүүтүгэр наадыйар дьону көрөргө бэриллэр сорох төлөбүрү атыннык оҥорор буолуохтара. Ол туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Арассыыйа Социальнай пуондатын отделениетын управляющайа Марина Герман тохсунньу 21 күнүгэр брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
Кини эппитинэн, 80 саастарын ааспыт дьону эбэтэр I группалаах инбэлииттэри көрөрүнэн сибээстээн үлэлээбэт дьоҥҥо бэриллэр төлөбүрү оҥоруу уларыйыаҕа. Төлөбүр кээмэйэ, оройуоннааҕы коэффициены учуоттаабакка, ыйга 1,2 тыһыынча солкуобай.
«Бу сыл тохсунньутуттан кинилэри көрөр-харайар дьоҥҥо ыйдааҕы төлөбүр оҥоһуллубат. Төлөбүр тута 80 сааһын туолбут эбэтэр 1 группалаах инбэлиит биэнсийэтигэр киллэриллэр.
Социальнай пуонда отделениета урут анаммыт төлөбүрдэри барытын болдьох бүтүөр диэри салгыы оҥоруоҕа”, — диэн Марина Герман эттэ.
Кини I группалаах инбэлиити эбэтэр 80 сааһын ааспыт кырдьаҕаһы көрүү кэмин страховка ыстааһыгар киллэриэххэ сөбүн санатта (сайабылыанньа суруйан).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: