Саха сиригэр атын киһи көрүүтүгэр наадыйар дьону көрөргө бэриллэр сорох төлөбүрү атыннык оҥорор буолуохтара. Ол туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Арассыыйа Социальнай пуондатын отделениетын управляющайа Марина Герман тохсунньу 21 күнүгэр брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
Кини эппитинэн, 80 саастарын ааспыт дьону эбэтэр I группалаах инбэлииттэри көрөрүнэн сибээстээн үлэлээбэт дьоҥҥо бэриллэр төлөбүрү оҥоруу уларыйыаҕа. Төлөбүр кээмэйэ, оройуоннааҕы коэффициены учуоттаабакка, ыйга 1,2 тыһыынча солкуобай.
«Бу сыл тохсунньутуттан кинилэри көрөр-харайар дьоҥҥо ыйдааҕы төлөбүр оҥоһуллубат. Төлөбүр тута 80 сааһын туолбут эбэтэр 1 группалаах инбэлиит биэнсийэтигэр киллэриллэр.
Социальнай пуонда отделениета урут анаммыт төлөбүрдэри барытын болдьох бүтүөр диэри салгыы оҥоруоҕа”, — диэн Марина Герман эттэ.
Кини I группалаах инбэлиити эбэтэр 80 сааһын ааспыт кырдьаҕаһы көрүү кэмин страховка ыстааһыгар киллэриэххэ сөбүн санатта (сайабылыанньа суруйан).
Саха сиригэр чэпчэтиилээх ипотека бырагыраамалара салгыы үлэлиэхтэрэ. 2025 сылга Саха сирин олохтоохторо «Дьиэ кэргэн ипотеката»,…
Киин Баан сүрүн ыстаапката 21 %-ҥа диэри үрдээн быйыл потребительскай кирэдьиит ыстаапката 40-50 %-ҥа диэри…
Саха сирин айан-тутан таһаарааччылара олохтоох туойтан инновационнай броняны оҥорон таһаарбыттарын билиһиннэрдилэр. Бу туһунан «Якутия» технопарк…
Дьокуускай куорат полицейскайдара массыынаны күрэтии дьыалатын арыйдылар. Олохтоох эр киһи массыынатын күрэппиттэрин туһунан полиция дьуһуурунай…
Бүгүн -- СӨ Ил Дархана Айсен Николаев төрөөбүт күнэ. Кини 1972 сыллаахха тохсунньу 22 күнүгэр…
Бэнидиэнньиккэ, тохсунньу 20 күнүгэр, Дьокуускайга салгын температурата -13С кыраадыс тымныы буолан, күннээҕи 7,2 кыраадыс муҥутуур…