Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 80-тан тахса аҕам саастаах биэнсийэлээхтэргэ уонна бастакы группалаах инбэлииттэргэ биэнсийэҕэ ый ахсын 1200 солк. эбилик төлөбүрү аныыр туһунан федеральнай сокуоҥҥа илии баттаата.
Бу туһунан «Российская газета» иһитиннэрэр. Төлөбүрү анатарга сайабылыанньаны биэрии ирдэммэт диэн Госдуума спикерэ Вячеслав Володин иһитиннэрдэ.
Саҥа өйөбүл бу гражданнары көрүүгэ-истиигэ ананар эбилик төлөбүр тиһигин уларытарга туһаайыллар. Бу иннинэ 1200 солк. кээмэйдээх төлөбүр инбэлииттэри уонна аҕам саастаах дьону көрөр-истэр гражданнарга сайабылыанньа быһыытынан ананар буолара. Мантан инньэ кэлэр сылтан эбии төлөбүр харчыта утарынан биэнсийэлээхтэр уонна инбэлииттэр счеттарыгар түһүөҕэ, ону тэҥэ сыл ахсын киирбит уларыйыыларынан хос ааҕыллар буолуоҕа (индексацияланар). Ону кытта Уһук Хоту сир олохтоохторугар уонна манна тэҥнээхтэргэ, уустук усулуобуйалаах килиимэттээх территорияларга төлөбүрдэр оройуоннааҕы коэффициены учуоттаан улаатыннарыахтара.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…