80 тыһ. солк. уорбут дьахтар тутулунна

Share

Баан каартатыттан аҥаардастыы дистанционнай түөкүттэр эрэ уорбаттар. Ол курдук бу күннэргэ баан каартатын кытары сибээстээх биир түбэлтэ таҕыста.

Дьокуускай куораттааҕы 1 нүөмэрдээх  полиция отделыгар баанын счетуттан 80 тыһ. солк. уордарбыт  эр киһиттэн  сайабылыанньа киирбит.

Полиция үлэһиттэрэ  суһал-ирдиир үлэ кэмигэр 28 саастаах Бүлүү улууһуттан төрүттээх уорбаланааччыны туттулар.

Ол курдук, биир күн, эмсэҕэлээччи табаарыһын кытта кини  дьиэтигэр арыгылаабыттар. Ол кэмҥэ кинилэргэ Бүлүүттэн төрүттээх дьахтар кэлбит. «Аһыы» олорон дьахтар эр киһи төлөпүөнүн паролун өйдөөн хаалбыт.  Дьахтар эр киһиэхэ  гостиницаҕа  баран арыгы иһиэххэ диэн этии киллэрбитигэр, эмсэҕэлээччи тута сөбүлэспит. Онно тиийэн салгыы  арыгылаабыттар. Эр киһи утуйбутун кэннэ, дьахтар  эмсэҕэлээччи төлөпүөнүттэн мобильнай бааныгар киирэн 80 тыһ. солк. уорбут.

Билигин дьахтарга РФ Холуобунай кодексын 158 ыст. 3 чааһынан холуобунай дьыала көбүтүлүннэ.

What’s your Reaction?
+1
13
+1
4
+1
0
+1
0
+1
10
+1
0
+1
7

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мировой сууттар үлэлэригэр уларыйыылар киириэхтэрэ

Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

4 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

5 часов ago