804 №-дээх быыбардыыр учаастак куоластааччыларын сүргэтин көтөхтө
Дьокуускай куорат Smart-бибилэтиэкэтин дьиэтигэр 804 №-дээх быыбардыыр учаастак чилиэннэрэ, арааһа, саамай креативнайдар быһыылаах. Быыбар учаастагар киирэн иһэн тута сүргэҥ көтөҕүллэр, хараҕыҥ сырдыыр.
Дьокуускайдааҕы территориальнай быыбардыыр хамыыһыйа быыбардыыр учаастактары киэргэтиигэ, быыбардааччылары тардыыга, таҥаска-сапка куонкурус биллэрбит. Онно сөп түбэһиннэрэн быыбардыыр учаастактар быйыл уратытык, сорохтор креативнайдык ойуу-дьарҕаа түһэрэн, араастаан киэргэтэн быыбардааччыларын көрүстүлэр.
Дьокуускай куорат 804 №-дээх быыбардыыр учаастагар киирээт хараҕыҥ сырдык саарыл таҥастаах, эмиэ оннук өҥнөөх баттахха иилинэр ободуоктаах быыбар хамыыһыйатын чилиэннэригэр тута быраҕыллар. Быыбардыыр саала төһө даҕаны кыараҕаһын иһин, куоластыы кэлбит дьоҥҥо анаан настарыанньаны көтөҕөн, тула шариктар ыйаммыттар, уҥа өттүгэр сөрү сөп күһүҥҥү матыыптаах фотозоналаах.
804 №-дээх быыбардыыр учаастакка сылдьан бэрэссэдээтэлэ Таттина Прокопьеваны кытары кэпсэтэбит.
— Мин быыбар учаастагар 2013 сылтан бэрэссэдээтэлинэн үлэлиибин. Урут 751 №-дээх быыбардыыр учаастак бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитим. Быыбардыыр учаастакка барыта 13 киһи үлэлиир. Биир чилиэммит, Анна Халысова бүгүн төрөөбүт күнэ, ол гынан баран сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэ үөһүгэр сырытта. Кини быйылгы быыбарга аан бастакытын чилиэнинэн үлэлиир, ол гынан баран үтүө суобастаахтык, эҥкилэ суох үлэлиирин бэрэссэдээтэл быһыытынан бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Бу учаастакка аныгылыы КОИБ куоластааһын бүлүтүөннэрин ааҕар электроннай тэрил турар буолан, үлэбит арыый чэпчээтэ. Кылаабынайа тиэхиньикэбит хаппырыыстаабатаҕына, түмүк тута ааҕыллыа. Биһиги быыбардыыр учаастакпытыгар испииһэгинэн 1536 киһи баар, ону таһынан ханна тиийбит сирдэринэн куоластыыр сайабылыанньалаах 294 киһи киирдэ. Онон, бүгүҥҥү туругунан, 1753 киһи буолла, ити уопсай испииһэгинэн уонна ханна тиийбит сирдэринэн куоластааччылары аахтахха. Ааспыт икки күҥҥэ 600-тэн тахса киһи куоластаата, бүгүн быһаарыылаах, кылаабынай күҥҥэ өссө кэлэн быыбардыахтара диэн эрэнэбин. Быыбардыыр учаастакка киирэр дьоҥҥо барыларыгар ыҥырыылар ыытыллыбыттара.
Быыбар аайы аан бастаан куоластааччыны бэлиэтиир, өйдөбүнньүк бэлэх туттарар үгэстээхпит. Бэҕэһээ икки уол, бүгүн биир кыыс олохторугар аан бастаан куоластаатылар. Биһиги кинилэргэ Дьокуускай куорат логотиптаах төлөпүөн уурар, туһалаах малы бэлэхтээтибит, оҕолор онтон наһаа үөрдүлэр. Сокуоннай сааһын саҥа сиппит оҕо улахан олоххо аан бастакы боччумнаах хардыыта буолар, онон өр кэмҥэ өйдөөн хаалыаҕа диэн эрэнэбит.
Биһиги 804 №-дээх быыбардыыр учаастакпыт Территориальнай быыбардыыр хамыыһыйа биллэрбит үс номинациялаах: бастыҥ оҥоһуулаах саала, биир тэҥ пуорма уонна бастыҥ видеоролик куонкуруһугар кыттарга сананныбыт. Кылаабынайа, биһиги быыбардааччыларбыт олус астыннылар, саалаҕа киирээт үөрэ түһэллэр, сүргэлэрэ көтөҕүллэр. Быыбардааччыларбыт үгүстэрэ бүгүн былыттаах хараҥа күҥҥэ эһиги сырдыгынан сыдьаайаҕыт, настарыанньабытын көтөҕөгүт диэн астыналларын эттилэр. Биһигини кытары хаартыскаҕа түсүһэн, баттахха иилинэр ободуоктарбытын уларсан, бары даҕаны дуоһуйа астынан бараллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: