85 саастаах кырдьаҕастан 40 сантиметрдаах искэни ылан бырахпыттар
Балашихаҕа Москва уобалаһын онкологическай диспансерыгар синньигэс оһоҕоһугар улахан саркома диагностаах 85 саастаах дьахтар киирбит. Иһэ олус улаатан, оттон ыарыыта күннээҕи олоҕор мэһэйдиир буолан үрүҥ халааттаах аанньалларга тиийбит.
Ыарыһаҕы кытта кэпсэтии түмүгэр, быраастар кэмиттэн-кэмигэр ыарыы баарын биллэрбитэ икки сыл буолбутун чопчулаабыттар. Бу кэм устата кини бэйэтэ билэринэн ыарыытын мүлүрүтэр эмтэри иһэ сылдьыбыт эбит.
— Биһиэхэ киирэригэр искэн 40 см диаметрдаах этэ, ыарыһаҕы быыһаары тута эпэрээссийэлээн, искэнин ылан бырахтыбыт. Эпэрээссийэ этэҥҥэ ааста, дьахтар салгыы химиотерапияны ааһара ирдэнэр, — диэн 4-с нүөмэрдээх онкогинекология салаатын сэбиэдиссэйэ Ирина Карьгина кэпсиир. Бу туһунан дойду Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин саайтыгар суруйаллар.
Туоххут да ыалдьыбат да буоллаҕына, сыллата ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр инниттэн быраастарга сылдьаргытын умнумаҥ диэн өссө биирдэ тоһоҕолоон этэллэр. Оттон дьарҕарбыт, олохсуйбут ыарыылаах буоллаххытына бырааска көрдөрүнүөхтээх кэмҥитин куоттарымаҥ диэн сүбэлииллэр. Ыарыы эрдэ булулуннаҕына судургутук эмтэниллэрин санаталлар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: