Психологтар байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр нэдиэлэ устатыгар 750 сүбэни-аманы биэрдилэр
Бу туһунан СӨ психологическай киинин дириэктэрэ Владимир Скрябин иһитиннэрэр. Кини Доннааҕы Ростовка байыаннай госпиталга психологтар мобильнай биригээдэлэрэ үлэлиирин этэр.
«Психологтары кытары байыастар кэтэмэҕэйдээбэккэ аһаҕастык кэпсэтэллэр. Маннык үлэ ыытылларыгар дойдулаахтарбыт эрэ буолбакка, атын эрэгийиэннэр байыастара кытары махтаналлар«, — диэн бэлиэтиир.
Саха сиригэр, кини эппитинэн, байыастар дьоннорун кытары нэдиэлэ устатыгар ордук элбэх үлэ Алдан, Бүлүү, Ньурба, Уус Алдан улуустарыгар уонна сүрүн кииҥҥэ ыытыллыбыт. Дьааҥыга бөлөх тиийэн нэһилиэктэри хабан үлэлээбит. Ону сэргэ, госпиталларга үлэлээбит киин филиалларын психологтара, байыастары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытары тэйиччиттэн олорон үлэлэрин салгыыллар.
«Уоппускаҕа кэлбит байыастары кытары үлэ эмиэ ыытыллар. Маныаха психологтар үлэлэһэллэригэр байыастар бэйэлэрэ сөбүлэһиэхтээхтэр. Ол эрээри, арыт, психологтары кытары сибээстэспэттэр, ыйыппаттар, сүбэ-ама көрдөөбөттөр. Оннук түгэҥҥэ биһиги дьиэ кэргэттэрин эбэтэр нэһилиэктэр, улуустар дьаһалталарын кытары үлэлэһиэхпитин сөп, байыаска өйөбүлү, көмөнү оҥороллорун курдук«, — диир Владимир Скрябин.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин дириэктэрэ байыастары уонна кинилэр чугас дьоннорун кытары үлэ босхо ыытылларын этэр.
«Байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, чугас дьонноругар психологическай өйөбүлү оҥоруу Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, эрэгийиэн Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина тус сүрүннээһининэн, кэлим сүрүннүүр киини уонна нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстабылын тэрилтэлэрин кытары ыкса сибээстээх ыытыллар«, — диэн бэлиэтиир Владимир Скрябин.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3381328 көрүҥ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…