9 мөлүйүөн солкуобайыттан маппыт…
26.12.2022, 15:44
Бөлөххө киир:
Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо интэриниэт, төлөпүөн нөҥүө түөкүннээһиҥҥэ киириилэрэ тахса турар. Мииринэй куорат 54 саастаах олохтооҕо 9 мөлүйүөн солкуобайын түөкүттэргэ «ууран биэрбит». Ол хайдах?
Ол курдук, түөкүттэр баан үлэһиттэрэбит диэн кубулунан Мииринэй олохтооҕор биир күн эрийбиттэр. Итиэннэ хайа эрэ дьон кини тус кэбиниэтигэр киирэн кирэдьиит оҥотторбуттарын туһунан иһитиннэрбиттэр. Онон ити дьайыыны тохтотор туһуттар, эмсэҕэлээччиттэн уопсайа 8,3 мөл. солк. суумаҕа икки кирэдьиити ыларыгар сүбэлээбиттэр уонна харчыны кинилэр хонтуруолларыгар сылдьар счетка ыытарыгар эппиттэр. Хомойуох иһин. эмсэҕэлээччи баан сымыйа үлэһиттэригэр итэҕэйэн, кирэдьиит ылбытын таһынан, өссө бэйэтин 400 тыһ. солк. суйдаппыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: