9-с кылаас кэнниттэн туттарсааччыларга бүддьүөт миэстэлэрэ

9-с кылаас кэнниттэн туттарсааччыларга бүддьүөт миэстэлэрэ

13.10.2023, 15:00
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэни (9-с кылаас кэнниттэн) күһүн туттаран аттестат ылбыттар, билигин үөрэххэ кириэн баҕалаахтар бүддьүөт миэстэлэрин туһунан ыйыталаһаллар.

СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин Билимҥэ, идэҕэ үөрэтиигэ уонна тус сыаллаах бэлэмнээһиҥҥэ судаарыстыбаннай бэлиитикэ департаменын салайааччыта Иннокентий Оконешников иһитиннэрбитинэн, үөрэххэ ылыы быраабылатыгар олоҕуран, миэстэ баар түгэнигэр үөрэх тэрилтэлэрэ сэтинньи 25 күнүгэр диэри ылаллар диир.

Алтынньы 9 күнүнээҕи туругунан, тохсус кылаас кэнниттэн маннык идэлэргэ бүддьүөт миэстэлэрэ бааллар:

— “оленевод-механизатор” (Арктикатааҕы хотугу норуоттар кэллиэстэрэ);

— “судостроение” (Жатайдааҕы тиэхиньикум);

— “монтаж и эксплуатация оборудования и систем газоснабжения” (Ньурба тиэхиньикума);

— “машинист на открытых горных работах” (Таатта улууһун Н.Е. Мординов аатынан Харбалаахтааҕы үөрэх комплекса);

— “гидрометнаблюдатель”, “мастер общестроительных работ”, “оператор информационных систем и ресурсов”, “сварщик ручной и частично механизированной сварки (плавки)”, “пожарный” (Арктика оробуочай идэлэргэ бэлэмниир киинэ);

— “вокальное искусство”, “сольное и хоровое народное пение”, “хоровое дирижирование”, “теория музыки” (М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһэ).

+1
2
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: