Салгыы
9 ый устата 8551 оҕо төрөөтө

9 ый устата 8551 оҕо төрөөтө

03.10.2022, 14:41
Бөлөххө киир:

2022 сылга алтынньыга диэри өрөспүүбүлүкэҕэ 8551 оҕо төрөөтө, онтон 6,6 тыһыынчаттан тахса дьиэ кэргэн 100 тыһыынча солкуобайдаах “100 сыл оҕолоро” хапытаалы ыллылар. Бу хапытаал быйыл, Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар төрөөбүт оҕолорго бэриллэр.

Хапытаалы олорор усулуобуйаны тупсарарга, тырааныспар атыылаһарга, кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарарга, оҕо үөрэнэригэр уонна эмтэнэригэр ыытыахха сөп. Ону тэҥэ, 3 саҥа хайысха эбиллэн биэрдэ: оҕо аатыгар уурунуу кылаатын арыйарга, Арассыыйа устун сынньана барарга уонна оҕо олоҕун, доруобуйатын страховкалааһыҥҥа.

Быйыл 1388 дьиэ кэргэн 122 мөлүйүөн солкуобай суумалаах хапытаалын туһанна. Олорор усулуобуйаны тупсарыыга 88 мөлүйүөн солкуобайы, тырааныспары атыылаһыыга 32 мөлүйүөн солкуобайы ыыппыттар. Сорох үбү оҕо аатыгар уурунуу кылаакка уонна страховкаҕа туһаммыттар.

Айсен Николаев эппитинэн, “100 сыл оҕолоро” хапытаал кэлэр сылга эмиэ бэриллэр буолла. Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ 1 мөлүйүөн киһилээх кирбиигэ чугаһаан иһэр. Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар 1 мөлүйүөннээх кирбии куоһарыллара күүтүллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
29 марта
  • -15°C
  • Ощущается: -22°Влажность: 47% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: