95 сыл — тыа хаһаайыстыбатын билимин сайдыытыгар
Быйыл Покровскайдааҕы селекциялыыр ыстаансыйа тыа хаһаайыстыбатын билимин былаһааккатынан буолбута 95 сылын туолла. Ааспыт үйэ саҥатыгар уруккутунан Орджоникидзевскай оройуон Ленин аатынан холкуос сиригэр-уотугар ТХНЧИ иһинэн Покровскайдааҕы уопуту туһанар-оҥорон таһаарар селекциялыыр ыстаансыйа тэриллибитэ.
Институт иннигэр билим ситиһиитин туһанан, хаалан иһэр үлэлээх хаһаайыстыба оҥорон таһаарар-экэнэмиичэскэй көрдөрүүтүн ынах сүөһүнү иитиигэ, сири туһаныыга үчүгэй көрдөрүүнү ситиһэн, өрөспүүбүлүкэ холкуостарыгар уонна сопхуостарыгар холобурунан буолар сорук турбута.
Ааспыт өрөбүллэргэ Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр института Хаҥалас улууһун Ой сэлиэнньэтин Бэлэнтэй диэн сиригэр — историческай миэстэҕэ ыһыах ыста. Бу ытык сиргэ 1928 сыл от ыйыгар Дьокуускайдааҕы сэлиэксийэлиир уопут оҥорор ыстаансыйаҕа икки сири биэрбиттэрэ. Билигин бу сир нэһилиэнньэҕэ сэлиэксийэлиир ыстаансыйа диэнинэн биллэр уонна туспа микро-оройуон быһыытынан сайдар, кэҥиир.
Устуоруйаттан быһа тардан
Саха сиригэр маннык ыстаансыйаны тэрийии туһунан идиэйэни өссө 1913 сыллаахха Столыпин бырагырааматынан тэриллибит Переселенческэй салалта — сир-геоботаническай этэрээттэрин салайааччылара Борис Алексеевич Федченко уонна Василий Петрович Дробов императорскай хаһыакка суруйбуттар. Оттон дьиҥинэн, 1926 с. Максим Кирович Аммосов Саха сиригэр аграрнай тэрилтэлэр ситимнэрин тэрийии туһунан дьаһалынан тэриллибитэ. Ол кэннэ аатырбыт сэбиэскэй учуонай, Ботаника уонна саҥа култуура Бүтүн Сойуустааҕы институтун тэрийэн салайбыт Николай Иванович Вавилов Дьокуускайга ыстаансыйаны тэрийээччинэн-дириэктэринэн бэйэтин үлэһитин Георгий Андреевич Балабаевы ыыппыт. Кини кэлэн, нормативнай баазаны олохтоон, сир-уот боппуруоһун быһааран, үлэһиттэри хомуйан, ыстаансыйа саҥа сэбиэскэй систиэмэҕэ киирэрин ситиспит.
Билим сайдыыта
Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын билимин сайыннарыынан тирэх ыстаансыйалары хаста даҕаны төхтүрүйэн, тэрийэ сатаабыттара. Саха сирин киэҥ нэлэмэн сиригэр-уотугар 1908 с. тэриллибит научнай-чинчийэр тэрилтэнэн аан бастаан Бактериологическай лаборатория буолбута. Ол эрээри ССРС НА Дьокуускайдааҕы эспэдииссийэтэ 1925 с. эрэ Саха сирин усулуобуйатыгар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыны билимҥэ олоҕуран, ыстаансыйаны тэрийбитэ.
Ол курдук, 1926 с. Ветеринарнай-бактериологическай институт, ол кэннэ 1927 с. Георгий Андреевич Балабаев салайааччылаах Тыа хаһаайыстыбатын уопуту оҥорор киин ыстаансыйата тэриллибитэ.
1928 сыллаахха Саха АССР Совнаркомун «Об организации сельскохозяйственной опытной станции» дьаһала тахсыбыта. Г. П. Балабаев уопуту оҥоруу дьыалатыгар туруорбут сыала-соруга бигэргэммитэ итиэннэ Дьокуускайдааҕы ыстаансыйа үлэтин хайысхата уонна тэрээһиннэрэ олохтоох хаһаайыстыба уратытыгар сөп түбэһиэхтээҕэ ыйыллыбыта. Бу дьаһал өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатын билимэ олохтоноругар улахан оруолу ылбыта.
Бастатан туран, Саха АССР Совнаркома билим ситиһиилэрэ бааһынай хаһаайыстыбаларга кэмигэр киирэн иһэригэр уопут дьыалатын сайыннарыы наадалаа-
ҕын билиммитэ. Иккиһинэн, тыа хаһаайыстыбатын киин үөрэҕин тэрилтэлэригэр ыччаты үөрэтиигэ ураты болҕомто ууруллубута. Үсүһүнэн, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын киин ыстаансыйатын РСФСР уопуту оҥорор уопсай ситимнэригэр киллэрэр туһунан хадатаайыстыбалыырга быһаарыллыбыта. Ону таһынан Бүтүн Сойуустааҕы прикладной ботаника институтун уонна агрономия уопутун институтун кытары сибээстээх үлэни тэрийиини туруорсубуттара.
Инньэ гынан, 1930 с. алтынньы 2 күнүгэр Ленин аатынан тыа хаһаайыстыбатын Бүтүн Сойуустааҕы академиятын аччыгый Президиумун мунньаҕар Саха сирин хадатаайыстыбатын көрөн бараннар, ыстаансыйаны Бурдук хаһаайыстыбатын Сибиирдээҕи институтугар уонна Үүт хаһаайыстыбатын Сибиирдээҕи институтугар бэйэлэрин ситимнэригэр киллэрэргэ этиллибитэ.
Институт билиҥҥитэ
ТХНЧИ дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу Михаил Черосов Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр института бүгүн Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр тыа хаһаайыстыбатын бөдөҥ уонна кэлим билим тэрилтэтинэн буолар диэн этэр. Институт туруоруллубут соруктары чиэстээхтик толорор: АПК-ны билим өттүнэн хааччыйыы, оҥорон таһаарыыга билими туһаныы, өрөспүүбүлүкэҕэ научнай каадырдары бэлэмнээһин тиһиктээхтик барар.
Институт иһинэн 14 салаа үлэлиир. Институт тэриллиэҕиттэн тыа хаһаайыстыбатын култуураларын саҥа суортарын таһаарыыга, ынах сүөһү, сылгы, таба боруодаларын тупсарыыга, бэтэринээринэй эми-тому оҥорууга, тыа хаһаайыстыбатын култуураларын үүннэриигэ, бородууксуйаны астааһыҥҥа саҥа технологиялары олоххо киллэриигэ үлэлиир. Тыа хаһаайыстыбатын дьоҕус академията өрөспүүбүлүкэ агро-оскуолаларын кытары ыкса үлэлиир. Онон дириэктэр этэринэн, тэрилтэ үбүлүөйдээх сылы дьоһуннаахтык, кэккэ ситиһиилээх көрүстэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: