9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Share

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн бигэргэттэ. Кинилэр РФ Холуобунай кодексын 4-с ыстатыйатын “б” пуунунан, 5-с ыстатыйатын 158-с чааһынан буруйданаллар.

Силиэстийэ быһаарбытынан быйыл сайын икки буруйданааччы Өймөкөөн улууһугар харчылаһа кэлэн баран, көмүс хостуур тэрилтэҕэ үлэҕэ киирбиттэр. Биир күн сууйар тэрилгэ ааспыт сууйуу кэмиттэн көмүс сорҕото (частицы) хаалбытын булбуттар уонна кистээн хомуйбуттар. Бу дьон 1,5 киилэ кэриҥэ көмүһү уоран, үлэлиир миэстэлэриттэн чугас сиргэ кистээбиттэр, үлэлэриттэн уурайан баран олорор сирдэригэр барбыттар.

Дьиэлэригэр тиийэн баран, биир буруйданааччы киниэхэ уонна кыттыгас киһитигэр массыына ыытар дастабырыанньалара суох буолан, билэр киһитин массыынанан Саха сириттэн Ростов уобалаһыгар кистээбит көмүстэрин аҕалалларыгар тылыгар киллэрбит. Быйыл атырдьах ыйыгар үһүөн Дьокуускай куоракка көтөн кэлэн, «Nissan Patrol» массыына атыылаһан, Өймөкөөн улууһун туһаайыытынан айаннаан, кистээбит көмүстэрин ылбыттар.

Төннөн истэхтэринэ массыыналарын Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр тохтоппуттар, массыынаны ньэҥньийэн көрүү түмүгэр көмүһү булбуттар. Буруйдуур түмүгү бигэргэтии кэнниттэн борокуратуура холуобунай дьыаланы суут көрүүтүгэр ыыппыт. Көмүһү былдьаабыттар. Тустаах буруйу оҥоруу иһин бу дьон 15 сылга диэри хаайыыга барыахтарын сөп.

What’s your Reaction?
+1
11
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
6
+1
1

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

2 часа ago