Салгыы
990 миэстэлээх саамай улахан оскуола эһиил үлэҕэ киллэриллиэҕэ

990 миэстэлээх саамай улахан оскуола эһиил үлэҕэ киллэриллиэҕэ

Ааптар:
23.10.2022, 10:21
Бөлөххө киир:

Эһиил Дьокуускай куоракка  «Прометей» микрооройуоҥҥа өрөспүүбүлүкэҕэ саамай улахан оскуола үлэҕэ киириэхтээх. Оскуола  990 миэстэлээх. Бэҕэһээ СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы  Сергей Местников тутуу хаамыытын билистэ.

Дьиэ уопсай иэнэ 15 тыһыынча кв. миэтэрэттэн тахсар, сыаната – 1,5 миллиард солкуобай кэриҥэ. “Үөрэҕирии” национальнай бырайыак уонна “Аныгы оскуола” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак чэрчилэринэн тутулла турар.

«Тутууга ирдэбил барыта тутуһуллар. Бу оскуолаҕа оҕолор  кэлэр сылга балаҕан ыйын  1 күнүттэн үөрэниэхтэрэ. 2023 сыл бастакы аҥаарыгар лицензияны, көҥүлү ылыы докумуоннарын оҥорууга үлэтин ыытыахпыт. Бу элбэх бириэмэни ылар», — диэн  Сергей Местников иһитиннэрдэ СИА-ҕа.

Тутуу  96%-на бэлэм. Билигин миэбэли, оборудованиены таҥыы үлэлэрэ ыытыллар. Оскуолаҕа  аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттиир. Үөрэнэр кылаастар,  медблок, библиотека, мастарыскыайдар,  330 миэстэлээх остолобуой, 250 миэстэлээх аактабай саала, спортивнай саала  бааллар.

Хаартыскалар: https://ysia.ru/uchebnyj-protsess-v-samoj-bolshoj-shkole-yakutii-nachnetsya-s-1-sentyabrya-2023-goda/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: