Владимир Ткачук «Азия оҕолорун» туһунан санаатын үллэһиннэ
Владимир Ткачук, 16 саастаах, «Азия оҕолоругар» Минскэй куораттан кэлэн кытынна.
Волейболунан дьарыктанар. «Азия оҕолоругар» кыттан баран санаатын үллэһиннэ.
— Күрэхтэһии хайдах ааста?
— Күрэхтэһии мин санаабар үчүгэйдик ааста. Интэриэһинэй. Хамаандалар бары олус күүстээхтэр. Биһиги турунан дьарыктаммыппыт, ол иһин үчүгэй түмүгү ситистибит дии саныыбын.
— Долгуйуу баара дуо?
— Бастаан биллэн турар долгуйбутум. Ол гынан баран күрэхтэһии баран истэҕин аайы, долгуйарыҥ сыыйа тохтоон барар эбит.
— «Азия оҕолоро» оонньууларыгар хайдах бэлэмнэммиккиний?
— Күрэхтэһиигэ бэлэмнэниибит биир ый курдук буолбута, туспа спортивнай комплекска. Онно күҥҥэ иккитэ олус күүстээх эрчиллиилэр буолбуттара. Ол эрээри, сыалбытын барытын толордубут, үчүгэйдик кытынныбыт, бэлэмнэниибит таах ааспата.
— Хамаандаҕытыгар уопсайа хаһыаҕытый уонна хайа хамаандалары кытары кииристигит?
— Биһиги хамаандабытыгар 12 киһи кэлиилэр уонна 6 сүрүн. Бөлөхпүтүгэр Казахстаанныын оонньоотубут, Ураллааҕы федеральнай уокуругу, Уһук Илин, Саха сирин хамаандаларын кытары күөн көрүстүбүт.
— Уопсай санааҕын үллэстиэҥ дуо? «Азия оҕолоро» тэриллиитин сөбүлэтин дуо?
— Тэрээһин мин санаабар саамай үрдүк таһымҥа ааста. Бейджиктарынан эрэ киллэрэллэр эбит. Онно болҕомтобун уурдум. Уопсайбытыгар волонтердар сирдээн киллэрбиттэрэ. Уопсай дьиэ иһин эмиэ сөбүлээбитим, астара-үөллэрэ эмиэ үчүгэй.
— Оттон Дьокуускай куораты туох дии санаатыҥ? Сөбүлээтиҥ дуо уонна куорат кэрэхсэбиллээх сирдэригэр сырыттыгыт дуу?
— Куорат үчүгэй. Куоракка күүлэйдээтибит да, ураты кэрэ сирдэрин көрбөтөхпут. Мамонт музейын сөбүлээбитим. Волонтердар, тэрийээччилэр эмиэ элбэх араас аралдьытар бырагыраамалары оҥорбуттара, үҥкүүгэ сылдьыбыппыт.
— «Азия оҕолоругар» кэлин кыттар оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Күүскэ кыһаллыахха наада. Эрдэттэн уһуннук бэлэмнэниэххэ. Туох баар кыһамньыгын ууруохтааххын уонна наһаа долгуйуо суохтааххын эбит. Оччоҕуна эрэ ситииһиилэниэххэ сөп.
Евгения Петрова
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: