Устудьуоммут хорсун быһыытынан киэн туттабыт

Share

Бу күннэргэ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар үөрүүлээх сонун тиийэн кэллэ.

Биһиги холбоһукпут баһаарынайдары бэлэмниир бөлөҕүн маҥнайгы кууруһун устудьуона, Мэҥэ Хаҥалас Майатыттан сылдьар Жирков Николай Витальевич «За проявленное мужество» диэн мэтээллээх  РФ федеральнай мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ В.И.Матвиенко илии баттааһыннаах дастабырыанньаны Дьокуускай куоракка үөрүүлээх түгэҥҥэ тутта. Үөрэх кыһатын кэлэктиибэ   хорсун уолбутун эҕэрдэлиибит уонна эйигинэн киэн туттарбытын биллэрэбит.

Бу холобур буолар хорсун быһыы туһунан биһиэхэ маннык суруйан ыыттылар:

«Быйыл бэс ыйын 5 күнүгэр киэһээ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Майа сэлиэнньэтигэр биир уопсай дьиэҕэ буолбут баһаар кэмигэр, 2-с этээскэ олорор эбээбитин быыһаары сүүрэн киирэн иһэннэр (2-с этээс  уотунан толору кытыастарын көрөннөр)  кыайан үөһэ тахсыбаттарын билэн, аллараа таска сүүрэн тахсан, баар матараастары түннүк анныгар быраҕаттааннар, эбээбит 2 этээстэн ыстанарыгар улахан эчэйиини ылбатаҕа. Быраастар да: «Матараастар баар буоланнар, улахан эчэйиини ылбатах», —  диэбиттэрэ.  Ол ыксаллаах кэмҥэ  туора турбакка итинник түргэнник, сөптөөхтүк хамсанан  хорсун быһыыны оҥорбут Майа бастакы нүөмэрдээх  В. П. Ларионов аатынан орто оскуолатын 10-с кылааһын бүтэрбит Жирков Коляҕа уонна 8-с кылааһы бүтэрбит Ноев Робертка  барҕа махталбытын тириэрдэбит! Уолаттар ол да кэнниттэн уолуйан хаалбакка, кыахтара төһө тиийэринэн кыһалҕалаахтарга көмө буола сүүрбүттэрэ  хайҕаллаах, улахан махталлаах! Ол түгэҥҥэ сорох эр дьон мээнэ киинэ курдук көрө турарын  илэ харахпынан көрөн  сөхпүтүм да, хомойбутум да.

Онон бу оҕолор хорсун быһыылара  таах хаалыан баҕарбаппыт. Улахан махталбытын  өссө төгүл эһиэхэ, төрөппүттэригэр тириэрдэбит!

Уолаттарга баҕарыа этибит кытаанах доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу! Үөрэхтээх үтүө киһи буола улаатыҥ! Эһиги онорбут үтүөҕүт эһиэхэ 100 төгүл эргиллэн кэллин!» — диэн махталлаах дьон уолаттарга суруйбуттарын устудьуоммут Николай Жирков ийэтэ ыытта.

Коля оҥорбут хорсун быһыыта эдэр дьоҥҥо үтүө холобур буоллун! Бу идэҕин таларгар ити түгэн тирэх буоллаҕа. «Кытаат, үөрэххэр ситиһиилээхтик үөрэнэн, эппиэтинэстээх дьоһун киһи буола үүн, сайын!»- диэн баҕа санаабытын аныыбыт.

Ульяна Васильевна ЕГОРОВА, Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун дириэктэри үөрэх чааһыгар уонна производствоҕа солбуйааччы.

What’s your Reaction?
+1
14
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

11 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

11 часов ago