Салгыы
«Мин геологтыы барыам этэ. Миигин үөрэттиннэр!» (салгыыта)

«Мин геологтыы барыам этэ. Миигин үөрэттиннэр!» (салгыыта)

26.05.2023, 17:00
Хаартыска: АЛРОСА пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

(Иннин манна аах)

 Бииргэ үлэлээһин

Биһиги дьоруойбут Матвей Петров устуоруйатыгар төннөн, АЛРОСА ХИФУ  бырамыысыланнас хампаанньаларыттан биир сүрүн бииргэ үлэлэһээччитэ буоларын бэлиэтиэххэ наада. Университет ректора Анатолий Николаев кэпсээбитинэн, хайа-хостуур сүрүн хампаанньаны кытары бииргэ үлэлээһин үрдүк үөрэх кыһатыгар улахан суолталаах эрэ буолбатах, ону таһынан Саха сиригэр стратегическай суолталаах.

– АЛРОСА – Саха сиригэр үлэни биэрээччи улахан хампаанньа. Кэнники сылларга  университеты бүтэрбит  сүүһүнэн кэриҥэ ыччат  хампаанньа араас тэрилтэтигэр  үлэҕэ киирдэ. АЛРОСА биһиги эндаумент-пуондабытын эмиэ үбүлүүр. Ол көмөтүнэн университеты сайыннарарга хайысха­лаах бырайыактары олоххо киллэрэбит. Биһиги сүрүн бииргэ үлэлэһээччибитин кытары хардарыта бииргэ үлэлээһиммитин кэҥэтэр былааннаахпыт, – диэн ректор бэлиэтээн эттэ.

Билигин АЛРОСА ХИФУ энда­умент-пуондатын алта тус сыаллаах хапытаалыттан иккитин донорынан буолар – инфраструктураны, науканы, үөрэҕи сайыннарарга уонна социальнай өйөбүлгэ, ону таһынан университет үлэһиттэрин үөрэтэргэ, идэлэрин үрдэтэргэ уонна стажировкаҕа.

АЛРОСА 2012 сылтан эндаумент-­пуондаҕа миллиард аҥаарын кэриҥэ солкуобайдаах сууманы укта. Өссө 65 мөлүйүөн солкуобай Мииринэйгэ ХИФУ салаатыгар (МПТИ) тус сыаллаах көмө быһыытынан бэриллибитэ.

«Биһиги эдэр каадырдары кэрэхсиибит”

Өрөспүүбүлүкэ сүрүн үөрэҕин кыһатын бүтэрбиттэри АЛРОСА күүтэллэр, онон көхтөөх үлэ барар. Холобур, хам­­паанньа сыл аайы бакаансыйалар дьаарбаҥкаларыгар кыттар. Уочараттаах бакаансыйа балаҕан ыйыгар ХИФУ-га буолуоҕа, университет эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ атын үөрэҕин кыһаларын, орто үөрэҕин кыһаларын устудьуоннарыгар быраактыкалар тэриллэллэр.

АЛРОСА Биир кэлим батарар тэрилтэтин үлэһиттэри кытары үлэҕэ менеджерэ  Ольга Саввина иһитиннэрбитинэн, устудьуон бы­­раактыкатын бэйэтэ тэрийиэн сөп.

– Хампаанньаҕа ордук наадалаах идэлэринэн «Сир баа­йын сир анныттан хостооһун”, “Сир үөһээ араҥатыгар хайа үлэтэ”, “Хайа массыыналара уонна тэриллэрэ”, «Уотунан хааччыйыы”, “Бырамыысыланнай уонна гражданскай тутуу”, «Гидрогеология» буолаллар.

Өскөтүн устудьуон бу хайысхаларга үөрэнэр уонна АЛРОСА-ҕа быраактыкаланыан баҕарар буоллаҕына, саайка киирэн анкета-са­­йабылыанньаны толоруон наада.

Ону таһынан  истипиэндьи­йэни үһүс уонна онтон үөһээ куурустар устудьуоннара уонна сирэй кэпсэтии түмүгүнэн орто бааллара 4 уонна онтон үрдүк көрдөрүүлээх устудьуоннар ылыахтарын сөп. Наукаҕа арыйыылар, саҥаны киллэриилэр,  кэмпириэнсийэлэргэ кыттыбытын туһунан араас сэртипикээттэр сэҥээриллэллэр. Устудьуоннар истипиэндьи­йэни  үөрэнэр  кэмнэригэр ылаллар, быраактыканы барар сирдэригэр айаннара уонна  быраактыка  төлөнөр. Онтон быраактыканы ситиһиилээхтик аастахтарына – үлэҕэ ылылларга суоттаныахха сөп.

Үлэ быраактыкатын барыан баҕалаахтар уонна истипиэндьи­йэни сэҥээрээччилэр мантан аллараа баар QR-коду туһанан билсиэххитин сөп. Ону таһынан, сиһилии иһитиннэриини molodezh@alrosa.ru электроннай почтаҕа суруйан билсиҥ.

АЛРОСА-кылаас

Анал кылаас үөрэҕин былаа­на икки сылга суоттаныллар, манна математиканы, физиканы, информатиканы уонна тиэхиньиичэскэй английскайы дириҥник үөрэтэллэр.

Ону таһынан оҕолор наука кэмпириэнсийэлэригэр уонна олимпиадаларга кытталлар. АЛРОСА-кылаас  үөрэнээччилэрэ куруук араас олимпиадалар куон­курустар призердарынан уонна кыайыы­лаахтарынан буолалларын бэлиэтиэххэ наада.

– АЛРОСА-кылааска босхо үөрэниллэрин бэлиэтиир тоҕоос­тоох. Преподавателлар хамнас­тарын, олимпиадаларга уонна куонкурус­тарга барыы ороскуо­тун барытын АЛРОСА бэйэтигэр ылынар, – диэн Анна Александровна кэпсиир.

АЛРОСА-кылааска аан бас­таан Мииринэйгэ политиэхиньиичэскэй лиссиэй баазатыгар күнүс эрэ үөрэниэххэ сөптөөҕө. Ол гынан баран, сотору кэминэн бырайыак  ыраахтан үөрэтии суотугар географиятын кэҥэттэ.

Быраактыка уонна  үлэҕэ  киирии

АЛРОСА-кылааска оскуо­ла паартатыгар олорон эрэ үөрэммэккин. Холобур, быйыл Мииринэй оҕолоро производственнай эбийиэктэргэ сырыттылар. Манна АЛРОСА үлэһиттэрэ бэйэлэрин үлэлэрин туһунан кэпсээтилэр, прибордар уонна тэриллэр хайдах үлэлииллэрин көрдөрдүлэр, хас биирдии­лэрэ хампаанньа уопсай дьыалатыгар кылааттарын суолтатын бэлиэтээн эттилэр.

Сааскы өрөбүллэр кэмнэригэр АЛРОСА-кылаас үөрэнээччилэригэр “АЛРОСА-смена” тэрээһин Иркутскайдааҕы  национальнай чинчийэр тиэхиньиичэскэй университекка буол­бута. Иркутскайтан АЛРОСА-кылаас үөрэнээччилэригэр анаан­-минээн бүтүн бырагыраама оҥоһуллубута. Онно оҕолор инженер, геодезист, химик-технолог, геолог оруолларыгар холонон көрбүттэрэ. Инженернэй эбийиэктэри моделлаабыттара, кейстэри таайбыттара, трениннэргэ туһалаах кэпсэтии үөрү­йэхтэрин ылбыттара.

АЛРОСА-кылаас – хайыы үйэ инникилэрин туһунан толкуйдуур үөрэнээччилэргэ аналлаах быра­йыак. Оҕолор дьарык­тар кэмнэригэр преподавателларыттан (БКЭ сорудахтарын оҥорооччулар уонна ааптардар)  ылар тиэхиньиичэс­кэй базалара  дойду ханнык баҕарар тиэхиньиичэскэй үрдүк үөрэҕин кыһатыгар киирэргэ үчүгэйдик көмөлөһөр.

АЛРОСА-кылааһы бүтэрээччилэр хампаанньаны кытары дуогабар түһэрсээт, хайыы үйэ бастакы куурустан үрдүк үөрэх кыһатыгар эбии бэриллэр корпоративнай истипиэндьийэҕэ суоттаныахтарын сөп. Ону таһынан сөбүлэһии быһыытынан, устудьуоҥҥа инникитин АЛРОСА тэрилтэлэригэр бы­­раактыката төлөнөр. Онтон үрдүк үөрэҕин бүтэрдэҕинэ, кинини хампаанньаҕа үлэ күүтэр.

АЛРОСА-кылааска киирэргэ туох нааданый?

Физикаҕа уонна информатикаҕа тест туттарар, идэҕэ тест уонна тус кэпсэтиини ааһар. ОГЭ кэнниттэн математикаҕа түмүктэрин аҕалар. Булгуччулаах усулуобуйанан бу кылааска үөрэнэр туһунан хам­паанньаны кытары дуогабар түһэрсиитэ буолар.

Үөрэнээччилэргэ АЛРОСА Корпоративнай университетын бырайыактара

Быйыл «Мой выбор» оонньууга Мииринэйтэн, Удачнайтан, Чернышевскайтан, Айхалтан уонна Арыылаахтан 133 үөрэнээччи кытынна. Оҕолор оонньуу кэмигэр инженер идэтин билистилэр.

Мииринэй үөрэнээччилэрэ «Техномодуль» бырагырааманан тиэхиньиичэскэй бырайыактары оҥороллор. Быйыл АЛРОСА Корпоративнай университета аудитория кэҥээбитин өйдөөн, «Месяц профориентации» ыйы быһа ыытта. Үөрэнээччилэриттэн ыйыталаһыы кэнниттэн  Арассыыйа 18 үрдүк үөрэҕин кыһата киллэриллибит испииһэгэ оҥоһуллубута. Онно Экэниэмикэ үрдүкү оскуолата, Н.Э.Бауман аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай тиэхиньиичэскэй университет уо.д.а. бааллар. Үрдүк үөрэх бэ­­рэстэбиитэллэрэ оҕолорго үөрэххэ киирии, үөрэнии уратыларын туһунан кэпсээтилэр уонна  устудьуон буолуох­таах ыччаттар кэрэхсээбит ыйытыыларыгар хоруйдаатылар.

Эльза Курманаева:

– Мин 9-с кылаас кэнниттэн 10 кылааска салгыы үөрэниэхтээхпин билэр этим. Үөрэнэр оскуолабын эбэтэр АЛРОСА-кылааһы талар кэм кэлбитэ. Бырагыраама быһыытынан киирбит эбии уруоктары, эбии быра­йыактары кэрэхсээбитим.

Корпоративнай университет үлэһиттэрэ АЛРОСА-кылаас, үөрэх бырагырааматын, үөрэнэн бүтэрдэххэ туох ураты үтүө өрүттээҕин кэпсээбиттэрэ. Мин санаабар, ол иккиэннэриттэн тугу таларбар дьайбыта быһыы­лааҕа. Мин быһаарыныыбын төрөппүттэрим уонна учууталларым өйөөбүттэрэ. Сайаапка суруйбутум, тест  туттарбытым.

Игнат Лабазюк:

– Мин мэлдьи лүөччүк буолуохпун баҕарарым уонна билигин ол баҕабар айанныыбын.  Бары хардыылары барытын болҕомтолоохтук үөрэтэн баран, бастаан 10 кылааска, онтон институкка  барыахха наадатын өйдөөбүтүм. Биһиэхэ “АЛРОСА-кылаас” быра­йыак туһунан кэпсээбиттэригэр, онно лүөччүктэргэ наадалаах тиэхиньии­чэскэй английскай тыла, физика, математика баалларын билэн баран, идэни таларбар мунаарбатаҕым.

Билигин үөрэххэ киирэргэ бэлэмнэнэбин. Үрдүк үөрэҕи бүтэр­дэхпинэ, “АЛРОСА авиакомпанияҕа” үлэлии барыам  дии саныыбын.

Тихон Дмитриев:

– Мин 9-с кылаас кэнниттэн оскуо­лабар хаалабын диэн билэр этим, онтон үөрэхпин АЛРОСА-кылааска салгыыр кыах баарын билэн баран, онно барарга быһаарыммытым.

Үөрэхпит кэмигэр толорор сорудахтарбыт, биллэн турар, ыарахаттар. Ардыгар институт таһымнаахтар, ол гынан баран, преподавателлар үчүгэйдик быһаараллар, сыыһаларбытын уонна ыарахаттары бииргэ дьүүллэһэллэр. Биир тылынан эттэххэ, эн бэйэҥ инники сайдыыгар интэриэстээх буоллаххына, барытын кыайыахха сөп.

Назар Торба:

– Мин физикаҕа, математикаҕа уонна информатикаҕа эбии ди­риҥ билиини ылар туһугар 9-с кылаас­тан Чернышевскай бөһүөлэгэр АЛРОСА-кылааска онлайн үөрэнэбин. Быйыл оскуоланы бүтэрэбин уонна тиэхиньии­чэскэй идэҕэ киирэр былаан­наахпын. Стипендиат буолуох­пун, быраактыканы барыахпын уонна үлэм миэстэтэ мэктиэлэнэрин билиэх­пин баҕарабын. Мин манна хаалыам этэ. Баҕар, АЛРОСА-ҕа инженеринэн төннөргө былааннанабын.

Анастасия МОСКВИТИНА суруйуутуттан тылбаас

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: