А.И. Бастрыкин тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыы боппуруоһун хонтуоруолга ылла

Share

Арассыыйа Силиэстийэлиир кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыы боппуруоһугар суһал сүбэ мунньаҕы ыытта.

А.И. Бастрыкин ВКС эрэсииминэн тулаайах оҕолору дьиэнэн-уотунан хааччыйыы эйгэтигэр буруйу оҥорууга территориальнай силиэстийэлиир уорганнарынан силиэстийэ үлэлэрэ хайдах баран иһэллэрин туоһуласта.

Сүбэ мунньахха тулаайах оҕолорго дьиэ-уот быраабын көмүскээһин уонна бырааптарын чөлүгэр түһэрии боппуруостара болҕомтоҕо ылыллаллара бэлиэтэннэ. Олор ортолоругар бүддьүөтү улаатыннарыы, бырагыраамалары ырытан оҥоруу, сэртипикээттэри биэрии кыһылаҕалары быһаарыы ситэтэ суоҕа ыйылынна.

Быйыл территориальнай силиэстийэлиир уорганнарынан дойду үрдүнэн тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыы бырааптарын олоххо киллэриигэ 249 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Хоромньу суумата 172 мөлүйүөн солкуобай буолбут. Сүбэ мунньах кэмигэр бэрэссэдээтэл субъектар силиэстийэлиир управлениеларын салайааччыларын дакылааттарын иһиттэ.

Ол иһигэр Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтин салайааччыта В.В. Кондратенко бу хайысхаҕа үс холуобунай дьыала көбүтүллүбүтүн уонна тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыыга суут быһаарыыларын толорботохторун туһунан иһитиннэрдэ. Кини холуобунай дьыалалар суһаллык силиэстийэлэнэригэр, сотору кэминэн буруйдаахтар суут иннигэр туруохтара диэн эрэннэрдэ. Ону сэргэ тулаайах оҕолору кытта көрсүһүүлэр ыытыллыбыттарын туһунан кэпсээтэ.

Дакылааттары истэн баран, А.И. Бастрыкин тулаайахтар олорор бырааптарын кэһии чахчыларыгар процессуальнай үлэлэр ыытыллыбыттарын мөлтөҕүнэн аахта. Сүбэ мунньах түмүгүнэн кини сорох силиэстийэлиир управлениеларга кэккэ бэрэбиэркэлээһини ыытарга анаата уонна эрэгийиэн баһылыктарыгар тулаайах оҕолор бырааптарын эйгэтигэр кыһалҕаны суһаллык быһаарарга сорудахтаата.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мындаҕаайыга сайыҥҥы «Кустук» лааҕыра аһылынна

Бүгүн Чурапчы улууһун Мындаҕаайы нэһилиэгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын «Кустук» лааҕыра аһылынна. Бу туһунан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Баһылыктар быыбардара өссө ханна буоларый?

Бэс ыйын 18 күнүгэр Саха сиринээҕи Быыбар киин хамыыһыйата муниципальнай быыбардары анааһына салҕанар. Быыбар киин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Таатта уопсастыбанньыктара субуотунньуктарга көхтөөтүк кытталлар

Манчаары оонньууларыгар таатталар эппиэтинэстээхтик бэлэмнэнэн, араас хайысхалаах үлэни көхтөөхтүк ыыталлар.  Улуустааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, улуус…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ПМЭФ-2025: Саха сиригэр автономнай энергокомплекстары оҥорор собуот тэриллиэҕэ

Санкт-Петербург куоракка норуоттар икки ардыларынааҕы экэнэмиичэскэй пуорум чэрчитинэн Саха сиригэр автономнай (гибриднэй) энергетическай комплекстары оҥорон…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр бэрэсидьиэн субсидиятын иитинэн 14 бырайыагы олоххо киллэрэллэр

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов Уһук Илин федеральнай уокуругар киирэр эрэгийиэннэр экэнэмиичэскэй кииннэрин социальнай…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Киин куорат киинэ павильонугар сылга 40-тан тахса киинэни оҥорон таһаарыахтара

2027 сылга Дьокуускайга дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан элбэх өҥөнү оҥорор киинэ павильона арыллыаҕа. Сүрүн…

2 часа ago