Ааспыт сууккаҕа 10 ойуур баһаарын умуруордулар

Share

Үөһээ Дьааҥы, Бүлүү, Нерюнгри, Өлүөхүмэ уонна Уус Маайа  улуустарынан сууккаҕа 7546 га иэннээх сиргэ 10 ойуур баһаарын умуруордулар.

От ыйын 16 күнүнээҕи туругунан Саха сиригэр барыта 936 004 га иэннээх сиргэ 164 ойуур баһаара турбута биллэр. Биир ойуур баһаара «Өлүөхүмэ» заповедникка умайар. Бу туһунан оптуорунньукка күн сарсыарда Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

«Үөһээ Дьааҥыга — биир, Бүлүүгэ — биир, Нерюнгрига — үс, Өлүөхүмэҕэ — түөрт, Уус Маайаҕа — биир ойуур баһаара умуруорулунна. Уопсайа 46 709 га иэннээх сиргэ биэс ойуур баһаара тохтотулунна», — диэтэ Андрей Коноплев. Миниистир этэринэн, сууккаҕа эмиэ 891 га иэннээх сиргэ 16 ойуур баһаара булулунна. Саха сирин үрдүнэн уоту бохсууга 1771 киһи уонна 141 тиэхиниьикэ кытынна.

«Як-40 зондировщик-сөмөлүөт бүгүн Өлүөхүмэ улууһугар искусственнай ардаҕы ыҥырыыга үлэлиэҕэ, былыт баар буоллаҕына Ленскэй улууһугар көтөрө былааннанар. Бе-200 амфибия сөмөлүөт Өлүөхүмэ улууһугар нэһилиэнньэлээх пууннарга чугас ойуур баһаарын бохсууга туһаныллара былааннанар», — диэн Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Саха сиригэр федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи таһымнаах ЫБМ эрэсиимэ үлэлиир, сэттэ улууска муниципальнай таһымнаах ЫБМ эрэсиимэ оннунан хаалар. Санатан эттэххэ, от ыйын 15 күнүттэн Ленскэй оройуонугар ЫБМ эрэсиимэ биллэриллибитэ. Дьокуускайга уонна Саха сирин 10 улууһугар буруо тарҕанара бэлиэтэнэр.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атырдьах ыйыгар күһүн билгэтэ

От ыйа түмүктэнэр бүтэһик күннэрэ тураллар -- бэтинсэттэн атырдьах ыйыгар үктэнэбит.  Атырдьах ыйын өбүгэ саҕаттан…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүлүү тимир уустара бастакы норуоттар икки ардыларынааҕы этно-бэстибээлгэ кыайдылар

От ыйын 26-27 күннэригэр Кош-Агач оройуонун Горно-Алтайскай куоратыгар Куйактанар сиргэ СӨ норуотун маастара Иван Павлов…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Хаартыска: Аллайыахаҕа хараҥаччыны илимтэн быыһаатылар…

Аллайыаха улууһугар уу кытыытыгар быраҕыллыбыт эргэ илимҥэ дьиэ хараҥаччыта хам ылларан, мүччү-хаччы мэҥэстэн сытар этэ.…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Саха сирин күрэсчиттэрэ дрон күрэҕэр Уһук Илиҥҥэ чөмпүйүөннээтилэр

Саха сирин хамаандата дрон күрэҕэр Уһук Илин уокуру күрэхтэһиитигэр уонна чөмпүйэнээтигэр ситиһиилээхтик кыттан, 40 баар…

6 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Ленскэйгэ 17 саастаах оҕо массыынаны күрэтиигэ сыһыаннааҕын быһаардылар

Суһал иһитиннэриинэн  ИДьМ сулууспатын Ленскэй улууһун отделын холуобунай ирдэбилин үлэһиттэрэ 17 саастаах олохтооҕу «Toyota Land…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Күн Эко» — экологтары иитэн таһаарар!

Кэмпэндээйигэ "Сир уустара" төгүрүк сыл үлэлиир киин оҕолору араас хайысханан сайыннарар. Бу сайын Саха сирин…

7 часов ago