Салгыы
Ааҕааччы интэриэһин тардыаҕа

Ааҕааччы интэриэһин тардыаҕа

11.10.2024, 15:15
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ “Айар” кинигэ кыһатыгар саха төрдүн-ууһун, норуот түҥ былыргытын, хантан хааннаах, кимтэн кииннээх омук буоларбытын билэргэ-көрөргө дьулуһааччыларга саха биллиилээх фольклориһын, этнограбын, кыраайы үөрэтээччитин  Сэһэн Боло  “Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн инниннээҕи саха олоҕо “ олус интэриэһинэй, дьоһуннаах кинигэтэ бэчээттэнэн таҕыста.

Бу кинигэ үһүс тахсыыта буолар. Дьон-сэргэ, ааҕааччы  интэриэһин улаханнык тардыбыт, кэрэхсэммит, урукку Дьокуускай уокурук сахаларын былыргыны суруйбут кэпсээннэриттэн таҥыллыбыт Сэһэн Боло кинигэтэ 1994 сыллаахха  5000 ахсаанынан бэчээттэнэн баран, бэрт түргэнник кинигэ маҕаһыынын долбуурдарыттан бүтэн элбэх киһи маппыт кинигэтэ буолар.

“Саха омук төрдө буолбут улуу өбүгэлэрбит туох санааттан, ханнык чымаан күүскэ үтүрүйтэрэн бу ураты тыйыс айылҕалаах дойдуну булан олохсуйбуттара, хайдах-туох дьаһанан, тэринэн олорбуттара, улуу уустар—улуустар кимтэн хаан тамайан, сыдьаан тардан тэнийбиттэрэ, ким кимниин күөнтэспитэ, кыргыспыта—бар дьон уоһуттан түспэккэ кэрэ кэпсээн буолан күн бүгүҥҥэ диэри тиийэн кэллэ. Ол кэпсээннэртэн саамай сүөгэйэ-сүмэтэ түмүллүбүт кинигэ—сахалар төһө дириҥ силистээх-мутуктаах, туох оҥоһуулаах-ыйаахтаах омукпутун, түгэх өбүгэлэрбит былыт саппыт былыргы сылларыгар туох-ханнык олохтоох-дьаһахтаах эбиттэрин билиэхтэрин баҕалаахтарга—дьоһун бэлэх   “диэн суруллар кинигэ ис хоһоонун билиһиннэриигэ. Кинигэни хос таһаарыы Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников көҕүлээһининэн оҥоһулунна. 1800 экземплярдаах.

“Саха төрүттэрэ Лиэнэҕэ кэлиэхтэрин иннинэ хайа сиргэ, дойдуга олоотторо уонна кинилэри ким баһылыктаабыта” , “Аан маҥнай Лиэнэни булбут саха төрүттэринэн кимнээх уонна хайа омуктар этилэр. Саха төрүттэрэ сурук-бичик диэни билэллэрэ дуо?” ,“Омоҕой, Эллэй уонна Улуу Хоро удьуордара кимнээҕэ. Кинилэргэ атын омук тоҥус хаана сыстыһан булкуһуулара” о.д.а.—бу барыта саха историческай фольклорун хомуйбут Сэһэн Иванович Боло улахан сыранан хомуйбут баай матырыйаалыттан таҥыллыбыт суруйуулар.

     “Cэһэн Боло   “Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо  “ кинигэтэ хос тахсыыта, туох да мөккүөрэ суох, билиҥҥи дьон-сэргэ норуотун ааспыт устуоруйатын билиитигэр, үүнэр көлүөнэ түҥ былыргы төрүттээх-уустаах, дириҥ силистээх-мутуктаах омук эбиппит диэн эрэллээхтик сананарыгар, уопсастыба оллҕурбут сиэрэ-майгыта, духуобунай сыаннастара чөл хаалыытыгар чахчы көмөлөөх буолуоҕа” диэн суруйар саҥа кинигэ киирии тылын суруйбут, устуоруйа билимин дуоктара Сардаана Боякова.

                                               Галина ВАСИЛЬЕВА

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: