Билигин биһиэхэ барыбытыгар эппиэттээх күннэр үүннүлэр. Бу күннэргэ буола турар хомуур биһигини барыбытын долгутар, аймыыр.
Ол өйдөнөр, үгүс дьон кэргэннэрэ, аҕалара, оҕолоро, аймахтара, доҕотторо хомуура ыҥырылыннылар. Маннык быһаарыылаах кэмҥэ биирдиилээн тэрилтэлэртэн саҕалаан, былаас уорганнарын араас таһымыгар салайан олорор дьон норуоттарыгар, дьоҥҥо-сэргэҕэ киһилии, үтүө сыһыаннаах буолуулара ирдэнэр. Дьоҥҥо кырыктаах, тоҥкуруун, дьалаҕай сыһыан букатын суох буолуохтаах. Хас биирдии улууска, куоракка, өрөспүүбүлүкэҕэ билигин салайан олорор баһылыктар миэстэтигэр хомуур хамыыһыйаларын салайаллар.
Биһиги бары билэбит, хомуур кэмигэр сыыһа-халты, омнуолаах туттунуулар түбэлтэлэрэ, хомойуох иһин, тахсыталыы тураллар. Ол курдук хомуурга түбэһиэ суохтаах, сокуон, ылыныллыбыт быраабылаларга сөп түбэһиннэрэн, араас бириичиинэнэн ыҥырыллыа суохтаах дьону хомуйуу курдук омнуолаах туттунуулар буолуталаатылар. Дьон-сэргэ итэҕэлин ылан, араас быыбардарга кыайан, баһылык диэн бочуоттаах эрэ буолбатах, улахан эппиэтинэстээх, суолталаах солону санныларыгар сүгэн үлэлии-хамныы сылдьар тумус дьоммут хомуур кэмигэр тахсар итинник алҕастар таһаарыллыбаттарыгар, итинник мөкү көстүүлэр содулларын аччатарга кыһаныахтаахтар.
Билигин дьоҥҥо, ордук чуолаан кыаммат-түгэммэт, быыһы-хайаҕаһы бэйэлэрэ кыайан тобулбат дьоҥҥо, болҕомтолоох буолуу, үтүө сыһыан, муунтуйар, буккуллар, өйдөммөт боппуруостарыгар быһааран биэрэр, кыалларынан көмөлөһөр, ыйан-кэрдэн биэрэр туохтааҕар да наада.
Биллэн турар, кыһалҕаны көрсүбүт туһааннаах дьон уордайара, ордук-хос тыллаһара, сорох ардыгар үөхсэрэ баар суол. Оннук түгэннэргэ былааска олорор дьон киэҥ көҕүстээх, уһуну-киэҥи, кэскиллээҕи толкуйдуур дьоҕура быһаарар суолталаах.
Бука бары биири өйдүөхтээхпит, бу маннык быһаарыылаах кэмнэргэ салалтаҕа олорор дьон миэстэтигэр уонна кэмигэр хайдах дьаһайан олорбуттарынан, туох быһаарыылары ылыммыттарынан көрөн сыаналаан, кинилэр тустарынан дьоҥҥо-сэргэҕэ үйэлэргэ хаалар өйдөбүл үөскүөҕэ.
Күүлэкээн.
Кэлэн иһэр саргылаах Саҥа дьылынан ытык-мааны сахам дьоно! Уһук хоту дьааҥы үрэх үрдүгэр турар Усуйаана…
Саха сирин экологияҕа министиэристибэтин сылы түмүктүүр мунньаҕар “Зеленый четверг” экология бырайыагын тэнитиигэ стратегическай сиэссийэ буолла.…
Дойдутааҕы МАХ мессенджергэ "Госуслуги. Култуура" диэн кыра сыһыарыы үлэлиир. Кини көмөтүнэн Арассыыйа үрдүнэн араас култуура…
СӨ ИДьМ Хаҥалас улууһунааҕы отделын дьуһуурунай чааһыгар маҕаһыын дьаһалтатын бэрэстэбиитэлэ табаар уонна каассаттан харчы уоруллубутун…
Ахсынньы 19 күнэ -- Кыһыҥҥы Ньукуолун. Кыһыҥҥы Ньукуолуҥҥа үгэс быһыытынан алаадьылыыллар. Бу ыйга дьон үксүгэр…
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа лииньийэни кытта холбоһуктаах улахан пресс-кэмпириэнсийэтэ бүгүн Москваҕа Гостинай дворга буолуоҕа.…