Офтальмолог, онколог, кардиолог уонна хирург-быраастар тустарынан сиһилии ааттаан-суоллаан махталлаахтык суруйуохтааҕым туһунан биир идэлээхтэрбиниин, суруналыыстардыын санаа атастаспытым өр буолла да, ол билиҥҥитэ араас биричиинэлэринэн кыалла илик.
Былааммын хайаан да толоруом диэн бигэ эрэллээхпин. Ол бэйэтэ дьоһуннаах төрүөттэрдээх. Бастакытынан, 1999 сылтан, ол аата үйэ чиэппэрэ хараҕы, кутталлаах искэни уонна сүрэх-тымыр ыарыыларын эмтиир аанньаллар көрүүлэригэр-истиилэригэр сылдьабын. Олору сиһилии буолбакка, кылгастык уопсай тылынан кэпсиибин.
1999 сылтан өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатыгар глаукома ыарыынан учуокка турабын уонна ааспыт кэмҥэ алта, ол иһигэр Иркутскай куоракка микрохирургия институтун салаатыгар уустук эпэрээссийэлэри аастым.
2017 сылтан кутталлаах искэн ыарыыга учуокка турабын. Чинчийиини, эмтэниини Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкология диспансерыгар уонна Санкт-Петербург куоракка РФ Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин чэрчитинэн үлэлиир Н.Н.Петров аатынан онкология национальнай чинчийэр институтугар барабын. Бу кутталлаах ыарыыттан икки уустук эпэрээссийэни аастым, барыта этэҥҥэ буоларыгар эрэнэбин.
Аны, 2023 сыл бүтэһигэр сүрэх быраастара олус кичэллээхтик чинчийэн сүрэҕим тымырдара улаханнык бүөлэммиттэрин быһаардылар, суһал эпэрээссийэни анаатылар. Барыта этэҥҥэ ааспыта.
Дьэ, ити курдук, ыарыыларбын кылгастык суруйан туран, ыарыһах уонна суруналыыс быһыытынан барытын сиһилии махталлаахтык суруйарбын иэспинэн ааҕабын уонна ону “Саха сирэ” хаһыатынан хайаан да толоруоҕум.
Суруйуум түмүгэр доруобуйа харыстабылын эйгэтин бары үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыктарынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ туһаайан маннык этэбин:
-Эмчиттэри харыстыаҕыҥ уонна биһиги махталбытыгар уйдаран бөҕө доруобуйалаах, үлэлэригэр ситиһиилээх, олохторугар дьоллоох буоллуннар!
Николай РЕБРОВ, суруналыыс
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…