Ааҕааччы суруга: Хоту дойду чулуу киһитэ
Кэлэр сылга Булуҥ улууһун Намыы сэлиэнньэтэ төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиэҕэ. Ыраахтааҕы кэмин саҕана манна таба, сылгы, ынах ахсаана билиҥҥитээҕэр элбэх этэ. Тоҕо диэтэххэ, ким хара үлэни кыайар, ол бары ыарахаттары туораан, тыыннаах ордоро. Кинилэр тыа хаһаайыстыбатын тэнитээри мэччирэҥ сирин кэҥэтэллэрэ, сүөһүлэрин, табаларын көрөллөрө-истэллэрэ.
Кыра оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ бары үлэлээн, күн солото суох буолаллара. Ол эрээри саамай сүрүнэ – үлэни сатаан тэрийии. Оччолорго салайар үлэ нэһилиэстибэ курдук бэриллэн иһэрэ. Салайааччылар сүөһүнү элбэтиигэ туруналлара, нэһилиэктэрин дьонун-сэргэтин туһугар, кинилэри аһынан-үөлүнэн, таҥаһынан-сабынан хааччыйарга кыһаналлара.
Кэлин кинилэр холкуос салайааччылара буолан, тас эйгэни кытта сибээһи туппуттара.
Сатаан салайар дьоҕурдаах буолуу киһи төрдүттэн-ууһуттан бэриллэн иһэрин Бурцев Петр Николаевич олоҕо туоһулуур.
Петр Николаевич бу Намыы сэлиэнньэтиттэн төрүттээх. Былыргы Бороҕон нэһилиэгин кинээстэриттэн төрүттээх киһи буоллаҕа. Оччотооҕу эдэр уолаттар дьиҥнээх эр киһи буолаары бары аармыйаҕа бара сатыыллара. Ол иһин Сэбиэскэй кэмҥэ оскуоланы бүтэрэн баран, аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. Кини артиллерияҕа сулууспалаабыта, аармыйаттан ыстаарсай сержант буолан төрөөбүт дойдутугар эргиллибитэ.
Ол кэнниттэн Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар киирбитэ. Үөрэҕин кэнниттэн төрөөбүт Намыытыгар отделение управляющайа буолбута. Оччолорго Приморскай сопхуоска киирсэллэрэ. Аҕыс тыһыынча табалаахтара. Ол кэнниттэн туспа “Бороҕон” сопхуос буолбуттара.
Дириэктэрдээбитэ
Кини сопхуоска кылаабынай зоотехнигынан анаммыта. Онтон 1993 сылтан 2022 сылга диэри бу хаһаайыстыбаҕа дириэктэрдээбитэ. 2015 сыллаахха кини салайар хаһаайыстыбата таба ахсаанын 10 тыһыынчаҕа тиэрдибитэ. Ол эрээри 2016 сыллаахха күн-дьыл уустук усулуобуйатыттан сылтаан таба охтуута бэлиэтэммитэ, ыччат ыстаадаҕа тахсыан баҕарбата. Онон алта тыһыынча кэриҥэ табаларыттан ытыс соттубутара. Дьиҥэ, холкуос саҕана эбэҥки, эбээн, чукотскай, тофаларскай табалары иитэллэрэ. 29 сыл устата дириэктэрдээбит сылларыгар кини олоҕун бүтүннүү хаһаайыстыбаны өрө көтөҕүүгэ анаабыта. Чуолаан, уустук суоллаах-иистээх хоту дойду буолан, хааччыйыыны өрө тутара. Өрүс турда даҕаны таһаҕаһы булуу-талыы, тиэйии ирдэнэрэ. Кыһыҥҥы суол сабыллыар диэри ол туһугар түбүгүрэллэрэ. Тоҕо диэтэххэ, массыынаттан атын тырааныспар көрүҥэ суоҕа.
Кинини үлэһитин, кытаанаҕын, эппитин толорорун иһин ытыктыыллара. Бэйэтэ төрүөҕүттэн күүстээх-уохтаах буолан, сүрэҕэ суохтары, аһыы утаҕы эккирэтэр дьону сөбүлээбэт этэ. Үлэҕэ-хамнаска кытаанах дьиссипилиинэни ирдиирэ. Дьэ, киһи дьиҥнээх салайааччы диир киһитэ этэ. Онно, биллэн турар, үтүө төрдө-ууһа сабыдыаллаатаҕа. Кини – хоту дойду дьиҥнээх чулуу киһитэ. Маннык дьон көмөтүнэн сэлиэнньэ, уопсастыба, Ийэ дойдубут сайдар эбээт.
Сайдыа диэн эрэнэр
Пётр Николаевиһы биир дойдулаахтара олус ытыктыыллар. Кини үс кыыстаах, 12 сиэннээх дьоллоох аҕа, эһээ. Быйыл кини 70 сааһын туолла. Биэнсийэҕэ да олордор, илиитин үлэттэн араарбат. Намыы сэлиэнньэтигэр икки эрэ ыал ынах иитэр, уопсайа 20 төбө сүөһүлээхтэр. Биллэн турар, ити икки ыалтан биирдэстэрэ – кини дьиэ кэргэнэ. Билигин нэһилиэккэ 100 сыспай сиэллээх, 3 тыһыынча кэриҥэ таба баар.
Билигин кинилэртэн чугас атомнай уот ыстаансыйатын туталлар. Кинилэргэ даҕаны бу аныгы уот ыстаансыйата кэлэрэ буолуо. Билиҥҥэ диэри маһынан оттоллор, ол иһин тулаларыгар мас да хаалбата.
Петр Николаевич санаатын түһэрбэт, эдэр эрдэҕинээҕитин курдук түргэн-тарҕан туттуулаах, эрчимнээх, куруук үөрэ-көтө сылдьар. Уопуттаах салайааччы кинилэр да бөһүөлэктэрэ сайдыа диэн эрэнэр.
М.А.Ермолаев, Дьокуускай куорат.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: