Ааҕааччы суруга: «Куйаарга көтүтэр кэнсиэркэ сырыттым…»

Share

Итиинэн илгийэр, куйааһынан кууһар Эдьэн Иэйиэхсин ыйа бүтэр уһуга чугаһаабыт кэмигэр куйаар ситиминэн кэлэр, «эчи хаарыаны, куоракка буолларбыын, хайаан да сылдьыам этээ» дэтэр кэнсиэртэр угуйуктарын ымсыыра, сылдьыахтаах куорат олохтоохторугар ордуҕургуу ааҕабын.

Хаартыска: Афиша СИА.

Бу ый сүүрбэ ордугуна бииригэр буолан ааспыт «Уһуктуу» диэн ааттаммыт айар киэһэни бэркэ сэргии, сэҥээрэ көрбүтүм. «Дьон туох диэбитэ, хайдах ылыммыта буолла» диэн саныы сырыттахпына, биир дойдулааҕым, дьоллоох Дьокуускай куоракка олорор, улуу Пушкиҥҥа сүгүрүйэр иэйиитинэн кынаттанар, бэрт киэҥ ис хоһоонноох кэлиэксийэ хаһаайката Агафья Семеновна Федорова-Алааппыйа сэргэх бэйэлээх суруга «көтөн» кэллэ. Дьэ, дуу, ааҕа олорон, хас да күн санаа ситимэ гыммыт «Уһуктуубун» сүргэлиин көтөҕүллэ, сүрэхтиин сылаанньыйан, бэйэбинэн тиийэн көрбүт курдук турукка киирдим.

Бэркэ сэҥээрэн, Алааппыйа санаатын «Саха сирэ»  ааҕааччыларын кытта үллэстэргэ сананным, кини да утарбата, суруйарбар көҥүллээтэ:
— Култуурунай сынньалаҥ диэҥҥэ сылдьыбатаҕым ырааппыт да эбит. Куораттан тэйэн дуу, арыт араас дьапталҕа кэнсиэртэр сыаналарын ыарырҕатан дуу, бэйэм да билбэппинэн, тэйээри гынным диэн ыксаабыт кэммэр, эдьиийим барахсан: «Чэ, «Уһуктуу» диэн хомус импровизациятын көрдөрөр кэнсиэркэ барыахха» диэн кучуйда.

Хата, онтум оруобуна Сайылык күнүн чэчиэринньигэр түбэһэн, кустаах, алаадьылаах остуолунан эрэ муҥурдаммакка, ис санаам туругун салгылатыах, сайҕыах курдук сананан, чэпчээн, аны ол күммүн били, кыра оҕоҕо дылы, кэтэһэргэ бардым.

Кэнсиэрбит ааттыын «Уһуктуу». 2018 сыллаахха итинник үс талааннаах артыыстар кэнсиэртэригэр «Мантры Вселенной» диэҥҥэ сылдьан, сөрү диэн сөҕөн, эмиэ санаабын үллэстэн ааспытым. Онно Арменияттан сылдьар ыалдьыппыт дудук диэн национальнай инструменнарыгар оонньоон сөхтөрбүтэ, уруккута поп-сулус Сати Казанова Индия мантраларын ыллаан биһирэппитэ уонна биһиги эдэркээн виртуоз хомусчуппут Владимир Дормидонтов «Сайын кэлиитэ» диэн композициятын истэн, саха хомуһа аан дойду таһымыгар төһө баҕарар биллэр оруолу ыларын туоһулаабыта. Эдэр киһи, дьэ, ол кэмтэн өссө  сайыннаҕа буолуо диэн бүк эрэнэн бардым.
Дьүрүйээнэ дьүрүһүтэр хомуһун абылаҥын саха киһитэ барыта билэр, онтон Ырыа Саарын доллоһутар тойугун астынан олорон истээччибин. Дьэ, бу үс айар талаан бииргэ буолан, Өксөкүлээх аатынан култуура дьиэтигэр баппат энэргиэтикэлээх дьүһүйүүлэрэ абытай буолуохтааҕа 5 чаастан буолбут кэнсиэр бүппүтүн үрдүнэн, көрөөччүлэр хабыллар ытыс тыаһынан манньалаан, артыыстарын ыытымаары «хадаардаһан» халыйан туралларыттан да көстөр.

Онон 7-лээх кэнсиэрбит хойутаан саҕаланна. Уун-утары тахсан иһээччилэр сирэйдэрэ сырдаабыта, мичээрдэрэ минньийбитэ (мэлдьи итинник манньыйан хаамыстарбыт), ыһыктыбыт хайҕабыл тыллара кэтэһэн турар дьону эбии күөртээтэ.
Үөрүүттэн, табыллыыттан, ситиһииттэн төрүттэнэн айыллыбыт үс талба талаан тапсан төрүттэммиттэрэ, биһиги сахалар үс куттаахпытын, үс дойдулаахпытын, үс түһүмэхтээхпитин чахчы бигэргэтэр курдук.

Сценаҕа Дьүрүйээнэ. Дьүрүйээнэ аан дойду бастыҥ хомусчуттарын ахсааныгар киирбитэ ыраатта. Дьэ, кырдьык, сценаҕа ананан төрөөбүт. Хомусчут буолаа ини, ырыаһыт буолаа ини, чабырҕахсыт буолаа ини. Үҥкүүгэ да хаалсыбат буолуохтаах. Быһыыта-таһаата онно эппиэттиир, бэрт нарын-намчы, уурбут-туппут курдук. Дьоҕурун барытын ис-иһиттэн үөрэн, махтанан туран көрдөрдө, көрөөччү уонна артыыс биир ситимҥэ дьүөрэлэһиилэрин хомуһунан доҕуһуоллатан ыксары тутта. Саха хомуһун классиката буоллаҕа ол.

«Алгыстаах алаадьы» ырыата олох саха мантрата дии санаатым, ону бигэргэтэн, саха далбардара сааланы кэрийэн, алаадьынан күндүлээтилэр. Сонун амтаннаах алаадьынан күндүлэннибит. Дьүрүйээнэ Саарынныын дуэттарыгар саха мааны көтөрдөрө туруйаллар, кыталыктар, кубалар сөҥөрдүллүбүт сыттарынан пааралаһан, уйулҕалара уһуктан, үҥкүүлээн дайалларын субу кинилэри илэ хараххынан көрөн олорордуу астыктык ыллаатылар. Дьэ, табыллыбыт тандем.

Ону ааһан, быйыл эрэ айар куттаах дьон олонхо тыйаатырын артыыстара, гитарист Дьарааһын Павлов, кырыымпаһыт Айсен Кысылбаиков Дьүрүйээнэ ырыаларыгар тыыннаах доҕуһуол буолан, сахабын дэнэр урааҥхай хорук тымырдарынан курдаттыы сүүрэкэлиир, били «мурашки» диэн этэр туруктарыгар толору бэринэн, тыыммакка да олорон истэриҥ хайдах дайа көтүтүө суоҕай. Тутан олорон сахабыт классикатын туох да күөнтээһинэ суох иһиттибит диир кыахтаахпыт.

Владимир Дормидонтов «Дьыл оҕуһа» композициятын олох ытыс эрэ иһигэр батар хомус оннооҕор  бытарҕан тымныы дуорааныттан тоһуттаҕас, тумарык тумантан тыйыс буолар да эбит түмүктээтим. Дьэ, саала иһэ доргуйуу кытаанаҕа, уолбут сценическэй уобараһыгар Өймөкөөммүт тымныытын оройо охсуллан, хомуһунан оонньуу турар туругун тупсаран, саала устун сүүрүүнэн сүксүллэн, имигэс тарбахтарынан ибигирэтэн, тыынынан тупсаран, дьэ, оонньуу да оонньуу. Ол аата биһиги хомусчуттарбыт тыас-уус, сыт-сымар, көтөр-сүүрэр саҥаларын дьүөрэлэһиилэрин толору баһылаабыттар эбит дии. Арай мантан инньэ өҥ дьүһүнүн дьүһүйүөхтэрэ дуу. Буолуо даҕаны, оччоҕо муҥур чыпчаал буолар дии, доҕоттоор! Көстөн турар эрээри сөҕүмэр дьикти. Били Пушкинныы «Ай да Пушкин… Ай да Дормидонтов…» диэххэ айылаах.
Саарыным сахалыы унаарыччы, сыыйар, кыл кырыымпалыы кылыы кылыһаҕар, сахалыы тойугар киһи истэн олорон ыраах-ыраах улуу күөрчэхтии ытыллар Куйаарга тиийэн, тоҕус дойдуну уҥуордаан, Сир ийэҕин булларар дьикти түгэн. Барахсан куолаһа тупсан иһэр, тупсан иһэр.
Дьэ, «Уһуктууну» кытта бэйэм уһуктан, сарсыҥҥы Сайылык, Ньукуолун күнүн хайдах курдук саппаас энергиялаах көрсөрбүн саныы-саныы эдьиийбинэн оргууй аҕай хааман дьиэлээтибит. Туох барыта түмүктээх, ол маннык — ити бэйэлээхтэри үптээн-үбүлээн, билиҥҥи балаһыанньаны учуоттаан, Азия Илин өттүгэр айар айаҥҥа ыыталаан кэбиспит киһи аар-саарга аатырыа этибит. Киһи кыбыстыбат, кистэммэт, омук быһыытынан ураты, туспа талааннарын өйөөн, үбүлээн иһиэххэ сөп этэ.
Хомус тыаһыгар саха төрдө, олоҕо, сиэрэ майгыта, айылҕата, айылгыта биир ытыс иһигэр иитиэхтэнэ сылдьар эбит, доҕоттоор!
Мантан инньэ сайыммыт барахсан илгэлээх ардаҕынан ибирдээн чэлгитиэ, өҥ быйаҥ тосхойуо, ыһыах ыһыллыа, дьол-соргу олохсуйуо саргы салаллыа», — диэн Алааппыйа кэпсээннээх буолла.
Дьэ, эн да күндү ааҕааччы, Алааппыйа санаатын сырдык сарыалыгар куустардаҕыҥ буолуо диэн эрэнэбин. Аны биһикпитин ыйаабыт Сунтаарбыт чаҕылхай «сулуһа», тапталлаах бэйэтиэссэбит Сайа хоһооннорунан кэнсиэр буоларын эмиэ угуйуктан билэн, «көрбүт, сылдьыбыт киһии-ии» диэн, ымсыыран, олорон хааллым…

Венера Степанова,

Күндээдэ, Ньурба.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга 49 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр

Бүгүн, сэтинньи 22 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар 49 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр диэн УГМС…

18 минут ago
  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 22-29 күннэрэ)

ХОЙ Дьону кытта тапсар, уопсай тылы булар кэмиҥ. Элбэх соруктары туруо­руммуккун, олоргун ситиһэ сатаа. Сүрэҕэлдьиири…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

13 часов ago