Ааҕааччы суруга: «Куонкуруһу чиэһинэйдик ыытыахха»

Ааҕааччы суруга: «Куонкуруһу чиэһинэйдик ыытыахха»

06.12.2024, 19:30
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Михаил Ефимович Николаев саха оҕотун духуобунаһа, култуурата үрдүүрүн, классическай үрдүк ускуустубаны өйдүүрүн, сатыырын туһугар айбыт «Муусука — барыбытыгар» бырайыагын 10 сылын түмүктээтибит.

Ол түмүгүнэн, «Кэнчээри» РФ үтүөлээх образцовай кэлэктиибэ 2021, 2022, 2023 сылларга Гран-при буолбуппут, быйыл — иккис буоллубут. 10 сылын бастакы сылынан куонкуруска 4 куоластаах, полифоническай тутуллаах  «Аве Мария» ырыаны толорбуппутун сыаналаабакка, хомойуох иһин, 2 куолаһынан эстраднай манеранан ыллаабыт ансаамбылы Гран-при оҥорбуттар.

Бу Михаил Ефимович чуо оҕо классическай айымньыны толоро үөрэниэхтээх диэн этиитин эстраднай хайысхаҕа хайыһыннарар дьаһал буолбута хомолтолоох.

Ити куонкурус кэнниттэн тута «Белый олененок» диэн «Бастакылар» тэрилтэ ыыппыт куонкуруһугар академическай ырыаҕа Судаарыстыбаннай филармония кылаабынай хормейстера Н.Шумилова, В.Индигирскэй састааптаах компетентнай, чиэһинэй жюри дьүүллээн, «Кэнчээри» толоруутун Гран-при оҥордулар.

Итинник балаһыанньа көнүөн наада. Бу бырайыак уопсай үөрэхтээһин оскуолаларыгар анаммыт. 10 сыл түмүгүнэн, оскуоланы бүтэрэр оҕо музыкальнай интсрумеҥҥа оонньуур буолан бүтэриэхтээх этэ. Ол ханан да туолбата. Онон бу бырайыак салалтатын үөрэх министиэристибэтэ ылара ордук буолуо этэ. Үөрэх салаатын үлэһиттэрэ туораттан дьаһалы толоро сатыыллара ыарахан. Үөрэх министиэристибэтэ ылынан, дьаһайара буоллар, улуустар кэм хамсаныа этилэр.

Онон улуу киһибит Михаил Николаев баҕа санаатын, оҕолорбут классическай айымньыны өйдүүр, сатыыр,  дэгиттэр сайдыылаах дьон буолалларын туһугар, бүддьүөт эрэ былдьаһыытыгар кубулуппакка, сомоҕолоһон, чиэһинэйдик куонкурустаһан үлэлииргэ ыҥырабын.

Василий Парников,

РФ, САССР култуураларын үтүөлээх үлэһитэ.

+1
12
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: