Михаил Ефимович Николаев саха оҕотун духуобунаһа, култуурата үрдүүрүн, классическай үрдүк ускуустубаны өйдүүрүн, сатыырын туһугар айбыт «Муусука — барыбытыгар» бырайыагын 10 сылын түмүктээтибит.
Ол түмүгүнэн, «Кэнчээри» РФ үтүөлээх образцовай кэлэктиибэ 2021, 2022, 2023 сылларга Гран-при буолбуппут, быйыл — иккис буоллубут. 10 сылын бастакы сылынан куонкуруска 4 куоластаах, полифоническай тутуллаах «Аве Мария» ырыаны толорбуппутун сыаналаабакка, хомойуох иһин, 2 куолаһынан эстраднай манеранан ыллаабыт ансаамбылы Гран-при оҥорбуттар.
Бу Михаил Ефимович чуо оҕо классическай айымньыны толоро үөрэниэхтээх диэн этиитин эстраднай хайысхаҕа хайыһыннарар дьаһал буолбута хомолтолоох.
Ити куонкурус кэнниттэн тута «Белый олененок» диэн «Бастакылар» тэрилтэ ыыппыт куонкуруһугар академическай ырыаҕа Судаарыстыбаннай филармония кылаабынай хормейстера Н.Шумилова, В.Индигирскэй састааптаах компетентнай, чиэһинэй жюри дьүүллээн, «Кэнчээри» толоруутун Гран-при оҥордулар.
Итинник балаһыанньа көнүөн наада. Бу бырайыак уопсай үөрэхтээһин оскуолаларыгар анаммыт. 10 сыл түмүгүнэн, оскуоланы бүтэрэр оҕо музыкальнай интсрумеҥҥа оонньуур буолан бүтэриэхтээх этэ. Ол ханан да туолбата. Онон бу бырайыак салалтатын үөрэх министиэристибэтэ ылара ордук буолуо этэ. Үөрэх салаатын үлэһиттэрэ туораттан дьаһалы толоро сатыыллара ыарахан. Үөрэх министиэристибэтэ ылынан, дьаһайара буоллар, улуустар кэм хамсаныа этилэр.
Онон улуу киһибит Михаил Николаев баҕа санаатын, оҕолорбут классическай айымньыны өйдүүр, сатыыр, дэгиттэр сайдыылаах дьон буолалларын туһугар, бүддьүөт эрэ былдьаһыытыгар кубулуппакка, сомоҕолоһон, чиэһинэйдик куонкурустаһан үлэлииргэ ыҥырабын.
Василий Парников,
РФ, САССР култуураларын үтүөлээх үлэһитэ.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…