Үнүр суруйбутум курдук, улууспут тыаларыгар уончалаах оҕолор сахалыы билэр туруктара мөлтөөбүт диэн улахан айдаан тахсан, Ньурба улууһугар саха тылын улуустааҕы сүбэтин быһаарыытынан тыаларга төрөппүттэри кытта көрсүһүү тэрийиэххэ диэн быһаарыы ылыммыппыт. Улууспут дьаһалтата икки тимир көлө көрөн, икки бөлөҕүнэн улууспут тыаларын кэрийиини иллэрээ күнтэн саҕалаатыбыт.
Хомойуох иһин, мин иллэрээ күннээҕи айаҥҥа кыайан кыттыбатаҕым. Бэҕэһээ биһиги бөлөх үс кыстыгы кэрийиэхтээх этибит: Күндээдэҕэ, Дьаархаҥҥа, Чаппандаҕа. Ону сарсыарда өттүгэр Күндээдэҕэ эрэ сылдьар дьол тосхойдо. Аатырбыт саҥа үөрэхтэрин кыһатын өҥөйдүбүт – куораттартан туох да итэҕэһэ суох килэйэн-халайан сүрдээх уораҕай көстөр. Көрсүһүүнү кулуупка анаабыттар эбит. Онон аны, хата, кулууптарын көрөр дьолго тигистим. 72 сыл устата, арааһа, бастакы өҥөйүүм быһылаах. Эмиэ сүдү уораҕай эбит.
Дьоҕус, чөкө, бэрт дьэрэкээн оҥоһуулаах хоско сүүрбэччэ олохтооҕу кытта бэрт истиҥ, аһаҕас кэпсэтии буолла. Биһиги үһүөбүт – улуус кииннэммит ааҕар уораҕайын хотуна Анна Багмет, улуус түмэлин сүрүн үлэһитэ Борис Борисов уонна мин, босхо бастаах саха урааҥхайа. Киирии тылы, саха ыалыгар 5-7 булгуччулаах ирдэбиллэр туһунан сүбэ солбуллубат суруксута Анна Багмет бэрт чопчутук, 10-ча мүн. иһигэр бэркэ билиһиннэрдэ:
Онтон тылы Борисов Борис Борисович ылла. Төрүкү үчүгэйдик билэр атаһым, эрэллээх уҥа илиим. Салгыы тылы миэхэ биэрдилэр. Аан дойдуга, Саха сиригэр, Ньурбаҕа тылга, итэҕэлгэ сыһыаннааҕы бүтүннүү булкуйа кэпсиэх киһи арыычча тохтоотум. Олохтоохтор тылларын-өстөрүн истэр баҕа баһаама бэрт (ол иһин да таҕыстахпыт).
Бастаан кулууп хотуна кэпсээтэ. Сахалыы саҥарар оҕолорго икки сыл устата көмө харчы биэрэ сылдьыбыт эбит! Онтон эдэрчи, сытыы-хотуу, түмэл үлэһитэ Елена Филиппова ыйытыыларын, туруорсууларын сэргээтим. 25-30 саастаах эдэр кыыс-дьахтар отой бэрт кэпсээннээх эбит, соһутта. Индияҕа ыал буолбут ыкса дьүөгэтин олоҕун кэпсээтэ. Ол саха дьахтарын оҕото ийэтин кытта сахалыы, аҕатын кытта хиндилыы кэпсэтэр эбит! Уһуйааннарыгар аанглийа тылынан кэпсэтэллэр үһү. Аны бу ыал ийэлээх аҕалара бэйэлэрин икки ардыларыгар нууччалыы кэпсэтэллэр эбит. Бу оҕо ону эмиэ өйдүүр эбит. Дьэ бу хайдаҕый?
Күндээдэлэр барахсаттарга махталым муҥура суох. Улууһум дьаһалтатыгар эмиэ махтанабын. Эдэрдэр ортотунан кырата биэс оҕолоноргутун умнумаҥ, саха таҥаратын ирдэбилэ оннук буолан турар! Эһэлэр, эбэлэр, төрөппүттэр, өбүгэлэрбит иннилэригэр ытык иэспитин толорор туһуттан оҕолорбутун, сиэннэрбитин булгуччу сахалыы үөрэтиэҕиҥ! Сахаларга — айхал! Урааҥхайдарга – уруй!
Бигэ Өрөкүй Бааһынай Уола, Ньурба.
Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…
ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…
I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, 19:00 чаастан "Россия 24" телеханаалга «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…