Салгыы
Ааҕааччы суруга: «Санаалыын сырдаан тарҕастыбыт»

Ааҕааччы суруга: «Санаалыын сырдаан тарҕастыбыт»

29.05.2024, 14:00
Хаартыска: Национальнай бибилэтиэкэ.
Бөлөххө киир:

Мин биир кэтэһиилээх, саха норуодунай суруйааччыта, норуот сэҥээрэр, таптыыр поэтессата Наталья Михалева-Сайа үбүлүөйдээх «Барыта баар этэ» биэчэригэр сылдьан баран, хайдах да бэйэм санаабын атаспаспатым сөбө суоҕун туоһулаан суруйан эрэбин.

Хаартыска: интэриниэт ситимиттэн

Күн-дьыл сүүрүгэ түргэнин, адьас бу соторутааҕыта эрэ Опера тыйаатырыгар орто омурҕанын бэлиэтиир биэчэригэр ханнык да үбүлүөйгэ хатыламмат тутулунан сэргэхтик, сонуннук буолбута. Онтон 10 сыл ааһа охсубут.

Бүгүҥҥү аааҕааччылардыын алтыһыыга Сайа поэтесса, сэһэнньит, публицист, журналист ,ыытааччы, тылбаасчыт. Бу биир киһи холугар сүрдээх ыйааһыннаах сүктэрии. Онно эбии бүгүн биһиэхэ кини «ырыа тылын айааччы» быһыытынан, нууччалыы «поэт-песенник» буолан, куппутун тутар биэчэрэ.

Сайа бэйэтэ этэринэн, 300 ырыа мин хоһооннорбор айыллыбыт эбит диэн соһуйар. Ол аата кини хоһооннорун чопчу бу «ырыа буолан тарҕаныахтаах» диэн айбатаҕа биллэр. Дьиҥинэн, хоһоонноро, кини саха литературатыгар киириэҕиттэн ырыа буолан айыллыбыттара. Били улуу Пушкин ахсаан суотугар мөлтөҕүн билинэн, хараҕын уутунан суунарыныы, ол гынан баран боростуой киһи өйдөөбөт, Фибоначчи чыыһылаларын утумнарын, «кыһыл көмүс сечениены», чыыһылалары сэрэйии теориятын бэйэтэ да билбэтинэн кыайа-хото айымньыларыгар туһанан, күн бүгүнүгэр диэри учуонайдар килиэптэнэр таайбараҥнара буолар.

Ол тэҥэ Сайабыт бу хоһоон чопчу ырыа булуо диэн чочуйан, киэргэтэн суруйбатаҕа чахчы. Биллэн турар, поэттарга форма, рифма ирдэнэр. Ити өссө ирдэбил аҥаара, өссө кини элбэх билиилээх, музыка өттүгэр удумаҕалатар киһи буолуохтааҕа буолуо. Мелодистар ити үлүгэрдээх хоһооннортон «сыттаан» булан, таба тайаналлар, норуот уоһуттан түспэт ырыаны айаллар. Ол иһин кини хоһоонноро буолуохтааҕын курдук, тутатына хоһуйуллубут курдук уйаҕастар, долгутуулаахтар, өрө күүрүүлээхтэр.

Ырыа айааччы таба тайанара, норуот уоһуттан түспэт ырыа гынан таһаарара бэйэтиттэн тутулуктаах. Биир хоһооҥҥо хас да мелодия айыллыан сөп. Онтон саамай табыллыбыт матыыптааҕа ылланара элбэх. Ырыаһыт, кырдьык, хоһоонун тылын ис туругар, ханна эрэ акценнаан, дорҕоонугар сөп түбэһиннэрэн ыллаатаҕына, истээччитинээн ситимнэһэр. Бу кэнсиэр толорооччулара ону туоһулаатылар.

Биллэр артыыстарбыт Юрий Баишев, Павел Семенов, Тамара Попова, Варя Аманатова, Ырыа Саарын, Сиэйэ Уола, Степан Васильев ханнык баҕарар кэнсиэркэ күүтүүлээх ырыаһыттар. Сахабыт «Өрөгөйүн ырыатын» балта буолбут «Сахам сирэ » диэн ырыаны Сайабыт дьүөгэтэ, олохтон эрдэ туораабыт Ангата, бэйэтин матыыбыгар, толоруутугар олус дириҥник иҥмит, атын ырыаһыт толоруутун оҥорон да көрбөт курдук этибит.

Бу киэһэ улахан арыйыы буолла. 80-с сылларга биһиги, математиктар, киэн туттар ырыаһыппыт Яков Максимов күөрэйэн тахсан, эдэр сааһын сырдык сэбэрэтин билигин да мүлчү туппатах, оччотооҕу сценическай уобараһын толору тута сылдьар, өссө тупсубут кэрэ куолаһынан ити ырыаны ыллаан, көрөөччүлэр хайҕабылларын ылыан ылла. Мантан инньэ буолар бырааһынньыктарга, киэҥ өрөгөй сценатыгар, болуоссаттарга Яков толорор буолбут диэн санаам ааһыан иннинэ, ырыаһыппыт отой даҕаны Таилантан Сайаны эҕэрдэлээри анаан-миннээн көтөн кэллэ диэтилэр. Чэ, дойдулаах дойдутугар төннөр ини диэн бүк эрэнэргэ тиийиллэр.
‌ Улуу генийбит «Өйдүүбүн ол кэрэ түгэни» хоһооно — таптал лирикатын чыпчаала. Дьиҥинэн, Пушкин хоһоонноро тылбааска олох бэриммэттэр диэн суруйаллар. Сайа тылбааһыгар, сахабыт тыла баайа бэрдиттэн, тылбаасчыппыт тыл сүмэһинин кыайа-хото баһылаабытыттан, улуу поэппыт иэйиитин иккистээн тилиннэрбит. Ырыа матыыбын ырыаһыппыт, мелодиспыт Алексей Егоров истэргэ, иэйэргэ, долгуйарга сөптөөх мелодияны айбыта, ону толорооччулар, ыраас таптал туоһута үп үрүҥ дьүһүннээх көстүүмнэрэ туналыйан, кэргэнниилэр Сахамин уонна Розалина Файрушина толоруулара дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.

Бу этиллибит ырыалары хайа да бэйэлээх ырыаһыттар толордуннар, үйэлээх буолаллара биллэн турар. Манна сытар тылбаас күүһэ. Аан дойдуга биир шедевр ырыанан биллибит «Бесамо мучо» диэн Сайа сөбүлүүр ырыатын, оҕо эрдэҕиттэн иитиэхтии сылдьыбыт баҕатын бу саҥа тылбаастаан, кыыспыт хаһан да киэҥ эйгэҕэ биллибэтэх, ыраах Орто Халыматтан ыҥыран (толорооччум аатын өйдөөбөтөхпүн, бырастыы гыныҥ) ыллатта. Ситтэҕинэ-хоттоҕуна, ааттаах ырыаһыт бэрдэ, бу ырыа олох «короннайа» буолуон сөп дэтиэх курдук ыллаата.

Урут студенныы сырыттахпытына, ити ырыаны Анатолий Бравин толорор буолара. Туох туһунан ылланарын хантан билээхтиэхпитий, арай онтубут, хонон баран «дорообо» диэбиттии, «Уураа миигин, уураа» диэн эбитин Сайаттан биллибит. Ону ааһан, уураһыы диэни билбэтэх 14 эрэ саастаах кыыс оҕо 80 сыл анараа өттүгэр ырыа гынан айбыта күн бүгүнүгэр диэри ыллана сырыттаҕа, сахалыы барыйаана Сайа тылбааһыгар, олус бэркэ толорунна. Биир кэм  аны «бесамо мучо» диэбэккэ, «уураа миигин, уураа» дии-диибин кэргэним диэки ыйытардыы көрүүһүкпүн.

Иоганн Матвеев ырыаны таптааччыларга номнуо биллэн эрэр ырыаһыт. «Кэмсиммэппин, ыҥырбаппын, ытаабаппын» С.Есенинтэн тылбаастаммыт хоһоону классическай ырыаһыт курдук ыллаата, ити хоһоон романс буолан ылланарын араас толорууга иһиттибит ини, ол гынан баран, уу сахалыы толоруу бүгүн эрэ буолан, кулгаахпар «күлүгээн» Есенин буолбакка, олоҕу сыаналыыр, муунтуйар, чараас дууһалаах поэт сахалыы тыл күүһүнэн, куолас маанытынан туйгуннук толорунна.

Сунтаардар ырыаһыттарын тустарынан этэ да барыллыбат. Бэйэм Сунтаартан силис тардыылаахпын, тоҕо ырыаһыта суохпун токкоолостоъхторуна: «Сунтаардартан уон киһиттэн аҕыһа ырыаһыттар, мин икки киһи ахсааныгар баарбын» диэн куотунабын. Сэттэ талаан талбыта барыта тиксибит кыргыттар «Сунтаар суһума» ансаамбылынан «Дьахтар сырдык күһүннээх» ырыалара биһиэхэ чып кистэлэҥинэн анаммыт курдук. Кырдьык даҕаны, биһиги, сааһырбыт дьон, сырдык, тапталтан хал буолбаппыт, бэйэбит эрэ билэрбитинэн нуһараҥ, чуумпу дьоллоохпут. Таҥас-сап мааны хотуттара, дьүөгэлэрин олох биллэр ырыаһыт оҥорбуттар, оннооҕор рэпер Китжалыын ырыа толорон сөхтөрдө.

Мантан ыла Сайа араас элбэх титулугар «ырыаһыт» диэн эбэбин. Таҥара талааннаах дьонугар тугу да кэччэйбэт, биэрэр эрэ. Ону табатык туһаныы — ситиһии төрдө, дьол өрөгөйө. Сунтаар эр бэртэрэ «Өрөгөй» диэн түмүллэнэн кэнсиэр саҕаламмыт ырыатынан «Барыта баар этэ» диэн, грузинскай бөлөх араас куоластарынан дьигиһитэ ыллыылларыныы, түмсүүбүтүн түмүктээтилэр. Араас дьэрэкээн өҥнөөх клиптэр, сцена үрдүнэн курдары дайа көтүөх курдук үҥкүүһүттэр өйүм ууһун тилиннэрдилэр, киэргэттилэр.

Дьэ, норуот поэта Наталья Михалева-Сайа биэчэриттэн бары астынан, сырдаан таҕыстыбыт. Бачча манньыйбычча: «Өйдүүбүн ол кэрэ түгэни», «Уураа миигин уураа», «Дьахтар кистээн да дьоллоох» диэн киҥинэйэн ыллыы-ыллыы хортуоскабын,үүнээйилэрбин олордуом да буоллаҕа.

Агафья Федорова-Алааппыйа.

+1
12
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
8 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -4°Влажность: 93% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: