Ааҕааччы суруга: Төрөппүттэрбит ииппит тосхоллорунан
Биһиги төрөппүттэрбит Гоголев Петр Никатонович уонна Гоголева-Крылова Мария Гаврильевна, дьонноро этэллэринэн, “сайылыкка көспүт кэннэ” төрөөбүттэр эбит. Иккиэн кэлин докумуон оҥороллоругар, 1924 сыл бэс ыйын 4 күнэ диэн бэлиэтэппиттэр эбит. Онон быйыл кинилэр төрөөбүттэрэ 100 сыла буолар.
Олох уопсай өйдөбүллэрэ, сүрүн сүнньэ биирин иһин, хас биирдии оҕоҕо кини талааныттан, таһымыттан сыаналаан хайысха, тускул биэрии төрөппүттэн олоҕу дириҥник билиини, мындыр, ичээн буолууну эрэйэр. Хас биирдии киһи туспа иитэр тосхоллоох. Маныаха ийэ уонна аҕа биир сомоҕо буоллахтарына, иитии табыллар.
Биһиги дьолбутугар, ийэлээх-аҕабыт итии тапталы иитиэхтээн, биир тыынынан тыынан, биир санаанан салайтаран олорбуттара. Олох оҥорбут тускулун кэспэккэ, хас биирдиилэрэ бэйэлэрин аналларын тиһэҕэр диэри толорбуттара. Аҕабыт дьиэ кэргэн тулхадыйбат тулааһына, суон дурдата, халыҥ хаххата этэ. Дьиэттэн тас өттүгэр сыһыан, кэпсэтии-ипсэтии, булуу-талыы, оҥоруу-ыпсарыы барыта кини илиитигэр. Бэл, ийэм аймахтарын кытта сыһыан, көмөлөһүү-өйөһүү киниэхэ, улахан күтүөккэ, сүктэриллэр этэ. Оттон иэримэ дьиэбит ис тутула, эйэҕэс сыһыана, амарах майгыта, уу нуһараҥа барыта күндү ийэбититтэн тутулуктааҕа. Биһиги ийэбит курдук минньигэстик астыыр, чэбэрдик туттар, олус киэҥ, холку, үөрүнньэҥ, эйэҕэс киһи суох дии саныыбыт. Бука, икки тус-туһунан тэтимнээх дьон бэйэ-бэйэлэрин толорсон биэрэн, биир дьиэ кэргэн иһигэр сөптөөх эйгэни тэрийбиттэр.
Үтүөҕэ уһуйбуттара
Ийэбит аһара холку, сэмэй, аһыныгас, амарах этэ. Кэргэнэ аһара бараары гыннаҕына, умуннаҕына, көтүттэҕинэ, аргыый аҕай ылыннаран, өйдөтөн иһэрэ. Онон, билигин сыаналаан көрдөхпүнэ: дьиэ кэргэн тумулук киһитэ аҕабыт, тиһэҕэр тиэрдээччи ийэбит эбит. Урукку да, билиҥҥи да дьиэ кэргэн сүрүн тутула оннук буолуохтаах дии саныыбын. Өйдөөх дьахтар эрин инники күөҥҥэ таһааран, сайыннаран, өйөөн, көмөлөһөн дьиэ кэргэнин бөҕөргөтүөхтээх. Эр киһиэхэ
эрэллээх, бөҕө туруктаах тыыл баар буоллаҕына, барыны кыайар, үрдэлтэн үрдэлгэ дьулуһар. Онон, биһиги, түөрт оҕо, саха туруктаах дьиэ кэргэнигэр улааппыт дьоллоохпут. Ол иһин да буолуо, улаханнык саҥарбаппын гынан баран, төрдүөн толору дьиэ кэргэннээхпит, уу нуһараҥ олохтоохпут, арахсыы, араллаан диэни билбэппит.
Аҕабыт биһигини олоҕун устата үтүөҕэ уһуйбута, такайбыта, бэйэтин тус холобурунан үөрэппитэ. Убайым биһигини эр дьон буоларга, ардыгар кытаанахтык, үксүн өйдөтөн, быһааран ииппитэ. Бэйэтэ улахан булчута да суох буоллар, олох кырабытыттан куобах күрэҕэр, муҥхаҕа илдьэ сылдьара. Бэһис кылаас кэнниттэн холкуоска от үлэтигэр ыыппыта. Киһи силистээх-төрүттээх буолуохтаах дииллэр. Биһиги төрдүөн силиспит төрөөбүт-үөскээбит Лөгөйбүтүгэр дириҥник киирэн сытар.
Истиҥтэн-истиҥ, эйэҕэстэн-эйэҕэс киһибит — күн-күбэй ийэбит аан ийэ дойдуга саамай күндү, уу, салгын курдук наадалаах буоллаҕа. Бэйэтин тус холобурунан аһыныгас, чиэһинэй, эйэҕэс буоларга үөрэтэрэ. Наһаа чиэһинэй этэ. Биирдэ, биһиги, кыракый бэдиктэр, уулуссаттан балачча харчылаах кумааһынньыгы булан кэлбиппитигэр, ийэбит батыһыннара сылдьан, уулуссанан ыал бөҕөнү кэрийэн, күнү-күннүктээн көрдөөн сүтүктээҕи булбуппут. Ол киһи махтанан, бэлисипиэтинэн баран, мөһөөччүк кэмпиэт аҕалбытын ылбатаҕа.
Бары кинигэни умсугуйан ааҕарбыт Кыра эрдэхпитинэ аччыктаабыппын өйдөөбөппүн эрээри, олус дьадьаҥытык олорбут эбиппит. Аҕабыт үөрэнэр, ийэбит биһигини, түөрт кыракый оҕолорун, көрөн олорбута. Аҥаардас истипиэндьийэ иһэ-таһа биллэр үп буоллаҕа. Онуоха ийэбит дьиэҕэ иистэнэн, атын да быстах үлэлэри толорон биһигини көрдөҕө-иһиттэҕэ. Кини буҕаалтыр этэ, дьиэ үлэтин быыһыгар утуйарбытыгар да, уһуктарбытыгар да, суот тардан лаһырҕатара кулгаахпар билигин да баар курдук. Кырдьыар диэри муус маҕан, тэбис тэҥ кэчигирэс тиистэринэн этэрбэс, унтуу бүүрүгүн ытыран тэҥнии олороро өйбөр бу баар.
Биирдэ да сынньанан таах олорорун көрбөтөҕүм: наар тугу эрэ оҥоро, бүтэрэ-оһоро, түбүгүрэ сылдьарын өйдүүбүн. Арай сынньаннаҕына, оһох таһыгар олорон “Хотугу сулус” сурунаалы арыйара. Оччоҕо биһиги бары саба сырсан кэлэрбит, ийэбитигэр чугас сыстан олорор миэстэни былдьаһарбыт. Онтон ийэбит быһааран биэрэ-биэрэ дорҕоонноохтук ааҕара. Ол үтүөкэн түгэннэр өйбүтүгэр-санаабытыгар умнуллубаттык сөҥөн хаалбыттар. Саха литэрэтиирэтигэр, саха тылыгар уһуйуу биир үтүөкэн ньымата ити буоллаҕа. Ол да иһин биһиги бары кинигэни ааҕыынан умсугуйбуппут. Мин уонна балтым Вера СГУ саха тылын салаатыгар киирбиппит, бүтэрбиппит.
Аҕабыт сахалыы олус уус тыллааҕа
Аҕабыт Гоголев Петр Никатонович оройуон араас тэрээһиннэрин: мунньахтары, ыһыахтары, ат сүүрдүүтүн ыытара. Уус Алдан араадьыйатыгар уонча сыл үлэлээн, өтөрүнэн ким да сиппэт таһымыгар таһаарбыта. Уруккута Өрөспүүбүлүкэтээҕи араадьыйаҕа улуус ыытааччыларын оччо-бачча ахсарбаттар этэ. Биһиги аҕабыт күүскэ үлэлээн, билигин кинилэр балачча үрдүк кэрдиискэ таҕыстылар. Ити үлэтин иһин кини Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Николай Кондаков аатынан суруналыыстар бириэмийэлэрин улуус ыытааччыларыттан бастакынан ылбыта.
Оттон аймахтар, доҕоттор үбүлүөйдэрэ, сыбаайбалара кинитэ суох барбат этэ. Тэрийсиитигэр сүүрэрэ уонна наар бастакы остуол тамадата буолара. Хааһахтан хостуур курдук уобарастаан, ылбаҕай баҕайытык саҥарара. Мээнэ туттуллубат архаизм буолан эрэр тыллары тоҕоостоох миэстэлэргэ туттан соһуталыыра. Онон, ийэлээх-аҕабыт ийэ тыл сүмэтигэр үөрэтэн билигин үөрэнэ сылдьар сиэннэрдиин аахтахха, сэттэ киһи тыл, суруналыыстыка идэтин таллылар.
Биһиги, кинилэр түөрт оҕолоро, үгүс сиэннэрэ, хос сиэннэрэ кинилэр олорон ааспыт олохторунан киэн туттабыт. Аҕабыт Гоголев Петр Никатонович — Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, 1 уордьан, 9 мэтээл кавалера, Эбээн Бытантай уонна Уус Алдан улуустарын бочуоттаах гражданина. ССРС норуодунай хонтуруолун туйгуна. Аҕа дойдуну көмүскээччилэр тустарынан “Бороҕон боотурдара” кинигэ, култуураҕа сыһыаннаах үгүс брошюралар, буклеттар ааптардара. Ийэбит – тыыл, үлэ бэтэрээнэ, 5 мэтээл кавалера. Иһирэх ийэ, эбээ, хос эбээ буолар түбүктээх аналын чиэстээхтик толорбут киһи. Билигин ырыҥалаан көрдөххө, кинилэр анал педагогическай үөрэххэ үөрэммэтэхтэрин да иһин, иитии сүрүн тосхоллорунан салайтаран, сахалыы үтүөкэн үгэстэри тутуһан биһигини, сиэннэрин ииппиттэр эбит. Уопсайынан, маннык иитии сүрүн тосхоло төрөппүттэн — төрөппүккэ, көлүөнэттэн — көлүөнэҕэ бэриллэн иһэрэ буоллар, Сахабыт сирэ туруктаах, тулааһыннаах буолуо этэ.
Анатолий Гоголев, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: