Ааҕааччы суруга: Турсынай Оразбаева  үрүҥ көмүс  бөҕөх бэлэхтээн турар

Share

Муус устарга Астана куоракка Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай түмэлигэр “Саха сирин күндү кылаата” диэн Саха сирин норуоттарын ускуустубатын уонна култууратын быыстапката буолбута.

Экспозицияҕа кэлбит дьон  саха норуотун ураты ускуустубатын, үгэс буолбут култууратын билистилэр. Быыстапкаҕа туспа миэстэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин  норуодунай худуоһунньуга Анна Зверева бырайыагынан   «Культ коня в культуре народов Евразии» экспозицияҕа бэриллиннэ. Манна биһиги биир дойдулаахпыт, СӨ норуотун маастара  Дарья Константинова,  ат симэҕинэн кытынна. Кини Казахстан национальнай  түмэлигэр көрсүһүүгэ казах поэтессата Турсынай  Оразбаеваны кытары  биир көрсүһүүтүн туһунан кэпсээтэ.

Ол 1983 сыллаахха, Саха сиригэр  Казах Өрөспүүбүлүкэтин литературатын күннэрэ ыытыллар кэмнэрэ этэ. Ыалдьыттар дэлэгээссийэлэригэр бэйиэт, Казахстан уонна Сэбиэскэй сойуус Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ  Турсынай Оразбаева  баара. Дэлэгээссийэ  дьоно Хаҥалас улууһун кэрэ-бэлиэ сиригэр – Хачыкаат нэһилиэгин Булууһугар сылдьыбыта. Хаҥалас айылҕатын кэрэтиттэн, Булуус күөл хаар маҥан мууһуттан оҕолуу долгуйбут Турсынай Оразбаева Дарья Константиноваҕа  казах омук үрүҥ көмүс бөҕөҕүн бэлэхтээбитэ. Ол көрсүһүүттэн ыла 40-тан тахса сыл ааста. Онтон Дарья Гаврильевна Турсынай кэриэһигэр ити дьахтар киэргэлин хараҕын харатын курдук харыстаан илдьэ сылдьар. Дарья Гаврильевна быйыл Саха сирин дэлэгээссийэтигэр киирсэн,  поэтесса дойдутугар сырытта.

Турсынай Оразбаевна Оразбаева  көхтөөх уопсастыбаннай диэйэтэл этэ, Арассыыйаҕа казах диаспоратын олоҕор-дьаһаҕар, үлэтигэр-хамнаһыгар  улахан кылаатын киллэрбитэ. Кини — поэзия тоҕус хомуурунньугун (икки – нууччалыы, биир – сахалыы, биир – тувинныы) ааптара. Саха култууратын уонна литературатын киэҥник сырдаппытын иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитин үрдүк аатын ылбыта.  Турсынай Оразбаева Суорун Омоллоон литератураҕа “кыыһа” этэ уонна “Мин кэллим Тааттаҕа” ырыа ааптара.

Галина СЕМЕНОВА

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

9 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

13 часов ago