Ааҕааччы суруга: Варвара Потапова элбэх чаҕылхай түгэннэри бэлэхтээбит

Share

Норуот бастакы бэйиэт кыыһа Варвара Потапова сырдык аатын биир дойдулаахтара, ньурбалар, бастакы ньургуһун тыллыыта кини төрөөбүт ыам ыйыгар өрүү киэҥник кэриэстээн, ахтан-санаан ааһар үгэстээхтэр. Варвара Потапова үөлээннээҕин, “Ньурба уоттара“ литературнай түмсүү чилиэнэ Валентина Федорованы көрсөн, саха өлбөт-сүппэт улуу хоһоонньут кыыһа оччотооҕу ыччакка умнуллубат чаҕылхай түгэннэри бэлэхтээбит кэмнэрин ахтан аастыбыт.

Ураты кыыс этэ Варя…

— Бу кэрэ-бэлиэ түгэннэр тустарынан 2017 с. улууспут хаһыатыгар «Ньурба уоттарын» атырдьах ыйын 23 к. 62‑с нүөмэригэр улууһум дьонун билиитигэр аан бастаан кэпсээн турардаахпын. Варвара Потапова олоҕун суолун үөрэтээччилэргэ, өрөспүүбүлүкэ кинини ытыктыыр, биһириир дьонугар кэрэхсэбиллээх буолуон сөп диэн санааттан өрөспүүбүлүкэбит сүрүн улахан хаһыатын «Саха сирин” ааҕааччыларыгар анаан бу кэпсиибин.

Этэллэр дии, “Олорон ааспыт үтүө дьоммут ааттарын үйэтитии көлүөнэлэр ахтыыларынан ситимнэнэн, эдэр көлүөнэҕэ салгыы тиийиэҕэ“ диэн. Ол иһин аҕыйах да түгэннэри аҕыннарбын, Варя сырдык уобараһын туһунан бэйэм өйдүүрбүнэн, көрбүппүнэн эдэр-эмэн ааҕааччыга тириэрдээри кэпсиибин, уонна, баҕар, кини хоһоонноругар мин ахтыыбар баар түгэннэри тэҥнии, холуу көрөр киһи көстүө диэн.

Бэйиэт буолуохтаах кыыһы бастаан билсиим Ньурба 1 №-дээх оскуолатыгар этэ. 8 кылааска үөрэнэ сырыттахпына, кини биһиги кылааска анаан киирэн: “Валя, Катя, дьэ, көрүдүөргэ ыллыыргыт бэрт, давай, биһиэхэ көмөлөһүҥ! Биһиги “И на марсе будут яблони цвести» диэн ырыаны кылааһынан хуорунан ыллыыбыт, сыанаҕа биһигини кэннибитигэр киирэн ырыабытыгар торуойдаан биэриҥ эрэ!» — диэн көрдөһөр, соруйар былаастаан эппитэ. Кырдьык, биһигини оннооҕор улахан дьон хуордарыгар РДК-ҕа Дьахтар күнүгэр, Кыайыы бырааһынньыгар аналлаах кэнсиэртэргэ Дора Федоровна Федорова илдьэттии кэлэн иккис куоласка ыллатара. Инньэ гынан, “уопуттаах“ дьон быһыытынан көмөбүтүн оҥорбуппутугар Варя биһиэхэ махтанан эйэҕэс баҕайытык мичээрдии турара бу баарга дылы…

Онтон ыла Варяны атын кыргыттартан чорботон көрөр буолбуппут. Хаамара-сиимэрэ, этэн көрө-көрө, чугдаара күлэрэ, комсомольскай мунньахтарга Варя Сада Мухоплевалыын тыл этэллэрэ хайдах эрэ ураты баҕайы буолара. Биир оннук мунньахха, арааһа, үөрэххэ ээл-дээл сыһыаннаһалларын иһин быһыылааҕа, хас да улахан уолу оскуола дириэктэрэ Николай Васильевич Такыров улаханнык уордайан, киһи этигэр-сиинигэр киирэрдии кириитикэлээбитэ. Онно Иванов Афоня диэн Ньурбачаантан сылдьар аҥаардас аҕа уолун бу икки кыыс туруулаһан, мөккүһэн туран оскуолаҕа хааллартарбыттарын истэн, боруоста сөхпүппүт: кыахтаах да кыргыттар буолаллар эбит, бу комсомолкалар диэн. Ол курдук, оччоттон чобуо, сытыы, чаҕылхай кыыс этэ Варя…

СГУ-га үөрэнэр кэмнэригэр

Салгыы 70‑с сылларга СГУ историко-филологическай факультетыгар үөрэнэ киирбиппэр, биир дойдулааҕым Варя Потапова ааһан иһэн көрөн, үөрүү бөҕө буолан дорооболоһон, эҕэрдэлээн, олус үөрдүбүтэ. Варябыт СГУ-га үрдүкү кууруска үөрэнэ сылдьар эбит этэ. Кэнсиэртэргэ хоһооннорун ааҕарын истэн наһаа диэн сөхпүппүн өйдүүбүн. Баттаҕын кылгас стрижката, мап-маҥан булууһата, сырдык бүрүүкэ көстүүмэ, курдаах кылгас болонья пылааһа киһи хараҕар быраҕыллар кэрэ кыыс буолбут этэ.

Биир киэһэ Сэргэлээххэ университет 12‑с куорпуһугар биир кэмҥэ үөрэммит кыыһым Саргы Алексеева (Тайшина) хоһугар хоноһолуу кэллим. Чэйдии олордохпутуна, эмискэ аан арылла биэрдэ да, Варя көтөн түстэ: “Дьэ, кыргыттар, сарсын киэһэ улахан кэнсиэр буолар. Ленин төрөөбүт күнүгэр аналлаах. Людмила Азарованы (кэлин Павлова Людмила Ивановна, УУНО профсойууһун бэрэссэдээтэлэ этэ) көрдөһө киирдим, хоһоон суруйарын билэн, булан аахтым, олус үчүгэй (эрбэҕин көрдөрдө), онон сарсыҥҥы тиэмэҕэ анал хоһооҥҥун аах эрэ! Бу кыыс олох поэтическэй дууһалаах, өссө кини нууччалыы суруйар, давай, Люся, жду!” Люсяны ол хоһоонун аахтаҕына бэйэтин болҕомтотугар ылыах буолла, саннын таптайбахтыы оҕуста.

Өйөбүл ылаары, биһигини тула көрөттөөтө. Биһиги өрө көтө түстүбүт. Люсяны хоһоонноргун аах диэн ыххайыы. Оттон Варябыт хоспутугар хайдах баар буолбутай да, ол курдук тахсан элэстэнэ турбута. Ол киэһэ биһиги ортобутугар өссө биир бэйиэт кыыһы булбут курдук өйдөөбүппүт…

“Королева землячества“

Аны саҥа тэриллибит землячествобыт айылҕаҕа тахсарыгар биһиги, Ньурба устудьуон ыччата, эмиэ бэлэмнэнии бөҕө буоллубут. Варябыт тэрийэр, иилиир-саҕалыыр: “Ли-Фу Сашалаах инструментальнай группанан кэлэллэр. Кыргыттар, олус кырасыабайдык таҥнаҕыт, баттаххыт үчүгэй бүрүчүөскэлээх, стрижкалаах буолуохтаах. Ньурбалар көннөрү мустан ыһыытаан-хаһыытаан баран тарҕаспыттар үһү диэн буолбаппыт! Маны тэҥэ “Королеву землячества“ талыахпыт”, — диэн күлэ-үөрэ биллэрэн чугдаарыйда, көрөн-истэн чаҕылыйда. Мин ону олус дьиктиргиир этим: кини биир сиргэ туран наҕыллык эҥин саҥарбат, кэпсэппэт, хайдах эрэ “кэлэн иһэн барар, баран иһэн кэлэр“ диэбит курдук буолааччы. Инньэ гынан, ол күүтүүлээх өрөбүлбүтүгэр мыраан үрдүгэр кэлии-барыы, үөрүү-көтүү үгэнэ. Варя сатабыллаах илиитэ, дьону түмэр ураты талаана манна да тиийбит этэ. Кыргыттар, уолаттар тоҕуоруһа мустубуттар. Мин дьүөгэм Тамара Кынаатабалыын ытыахпытыгар диэри диэбит курдук, ыга киэргэнэн кэллибит.

Били Варя биһиэхэ эрэннэрбит ВИА-тын уолаттара тоҕо эрэ ырыаларын барытын английскайдыы ыллыыр этилэрэ. Кэлин өйдөөбүппүт, “Битлз“ группа ырыаларын ыллыыллар эбит! Бу тэрээһиммит хайдах эрэ барыта түргэн-тарҕан баҕайытык, күргүөмнээхтик, саас-сааһынан сааһыланан, орун-оннугар сөп түбэһэн, күммүт туран биэрэн, олус үчүгэйдик бүтэр уһугар тиийэн кэлбитэ.

“Королева землячества“ куонкуруспутугар кистэлэҥ куоластааһын буолла. Ол түмүгэр куолас үксэ Варя Потаповаҕа тиксибит этэ. Дьэ, уруй-айхал бөҕө ортотугар кэнсиэрбэ бааҥкатыттан сатабыллаах баҕайытык оҥоһуллубут, киниэхэ эрэ анаммыт курдук “коронаны“ кэтэрдии сиэрэ-туома буолла. Варя барахсан олус кыбыстыбыта: “Бэйэм бэйэбэр тэриммит курдук буоллум дии…” — диэн. Ону ол диэбэккэ, буолуохтаах буолбутун курдук: “Эн биһиги баар суох королевабыт буолаҕын, баар суох поэтессабыт буолаҕын!” — диэн бараннар, икки уол икки өттүттэн сиэтэннэр остуолбут тула “Круг почета“ оҥорбуттара. Ытыс таһыныыта, “ураа“ хаһыы, истиҥ эҕэрдэ тыллары, королевабытын сибэккинэн уруйдааһын өргө диэри салҕаммыта. Ол курдук оччотооҕу ыччат кинини таптыыра, үрдүктүк тутара. Көрүө этигит, дьолломмут, дуоһуйбут харахтарын!.. Варя Потапова салалтатынан тэриллибит Ньурба устудьуоннарын бастакы землячествота үрдүк тэрээһиннээхтик ааһан, ол саҕанааҕы устудьуоннар өйдөрүгэр-санааларыгар хаһан да умнуллубат дьоллоох түгэн буолан иҥэн хаалбыта. Итинник тэрээһиннээх, көхтөөх, көрдөөх землячествоҕа мин уонна сылдьыбатаҕым.

“Валентина кэрэни кэрэхсиир сырдык, ыраас, поэттыы куттаах буолан, Варя Потапованы олус чугастык ылыммыт, эдэр сааһын умнуллубат чаҕылхай түгэннэрин сүрэҕэр сөҥөрдөн, долоҕойугар тутан сылдьарын дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрбитигэр Варя Потапова аймахтарын ааттарыттан сиртэн халлааҥҥа диэри махтанабыт! Умнуллубат түгэннэр сарыаллара үүнэр көлүөнэлэргэ сыдьаайа турдун!” диэн РФ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Ньурба улууһун Бочуоттаах гражданина Семен Акимович Потапов махтаныыта — миэхэ үрдүк дьол.

Елена Иванова.

В.Д. Федорова архыыбыттан.

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago