Күн сырдыга ыараханнык ыалдьыбыт киһиэхэ күндү да буоллаҕа. Киһи биирдэ олорор. Быһылааҥҥа,оһолго түбэстэххэ, ыыппат ыарыыга ыллардахха тоҕо маннык олордум диэн өй киирэр.
Сир үрдүгэр киһи 70-80 сааһыгар дылы олордоҕуна үөрэр, 80 саастан кырдьан, кыаммат буолан, киһи көрүүтүгэр киирэн «ыспысаанньаҕа бараҕын», хайа да бэйэлээх киһи баҕарбат олоҕор түбэһэҕин.
Эмискэ ыалдьан балыыһаҕа киирдим. Киирдим да диэн, кэргэним медик буолан, мөлтөөбүппүн сэрэйэн, “суһал көмө” ыҥыран, РБ-2 балыыһаҕа түүн тиийдибит. Иһим ыга тутар, олох ааспат. Өһөс санаам киирэн дьиэҕэ төннөр санаалаахпын. Үөс батааска биэрбэккэ тэлээскэҕэ анньа сылдьан көрдүлэр. Түүн 2 чааска таҥаспын тутан сыгынньахтаан, 4-с этээскэ таһаардылар, син хаамар киһини биирдэ да түһэрбэккэ, 2-с хирургияҕа көрүдүөргэ сытыардылар. Оһолломмут, эпэрээссийэни кэтэһэр дьон элбэхтэрэ сөхтөрдө. Үлэһиттэр бары биир тыла суох сүүрүүнэн сылдьаллар, үлэлэрин дьиҥнээхтии баһылаабыт эдэр дьон. Бу элэккэйдэрин, барыны сатыылларын, үлэни чуолкайдык, түргэнник толороллорун сөҕө саныыбын.
Ыалдьан балыыһаҕа киирбэтэҕим буоллар, бу күннэргэ дуобатчыт доҕотторбун кытары Аммаҕа улахан күрэхтэһиигэ барыахтаах этибит, онно тиийэн ыалдьыбытым буоллар, аймалҕан буолуоҕун, арааһата, Айыыһытым көмүскээтэҕэ.
Быһаарыы ылынабын.
«Дьэ,Андрей Алексеевич, дьыала үчүгэйэ суох, үөскэр икки таас үөскээн, үөһүҥ канаалын бүөлээн сытыйан эрэр, түргэнник эпэрээссийэ наада, сөбүлэһэр буоллаххына, анаалыс ылан сарсын эбиэккэ оҥоробут»,- диэн хирург быһаарар.
Үс сыллааҕыта быраатым эпэрээссийэ остуолугар сытан сүрэҕэ тохтообута, ол санаа арахпат.
—Ыарыһах баҕа санаата сокуон, сөбүлэспэт буоллаххына тохтуубун,- диир.
— Оттон эпэрээссийэтэ суох сатаммат дуо?
— Суох сатаммат, үөһүҥ тэһиннэҕинэ быыһыыр уустук, кыаллыбат даҕаны. Аны аһаабаккын, санааҕын түмэн көмөлөс, үөһүҥ сыстыылаах. Үс сиринэн тэһэн көрдүөм, кыаллыбатаҕына искин балайда хайытабын.
— Уонна хаһан…олороору! Оҕолорум, чэ,кыайар буоллаххытына, оҥорорго сөбүлэһэбин.
— Саастаах киһи эрээри этиҥ-сииниҥ чиҥ, дабылыанньа, аллергия суох, норкуоһу тулуйар инигин, мин эпэрээссийэлиэм диэн бырааһым Ян Петрович Лазарев мичээрдии турда.
— Билигин УЗИ-га түһэн баран сынньан. УЗИ-га үлэлиир быраас сыныйан көрөн барытын быһаарда, 2 таас үөспүн моһуоктаабыт.
— Эдэр аанньалларым, күн-ый буолуҥ!-диэн көрдөстүм.
Эпэрээссийэ
Күнүс 12 чааска тэлиэгэҕэ тиэйэн, сууйан бэлэмнээбит киһилэрин эпэрээссийэ хоһугар аҕалан улахан лаампалар анныларыгар сытыардылар, көмөлөһөр кыыс инструменнары сааһылыыр, иккис быраас үлэтин быыһыгар сэргэхситэр. Наһаа өр буолбата, икки киһи киирдэ.
— Долгуйума, барыта этэҥҥэ буолуо, утуйарга бэлэмнэн, — диэтилэр. Аҕыйах ахсаан кэнниттэн утуйдум…
Эмискэ сирэйбин имитэллэриттэн уһугуннум, ыарыы биллибэт. Өйдөнөн быраастарбар махтанным. Бырааһым киэһээ уонна сарсыарда киирэн көрөр.
— Дьэ, бу сылдьаллар буруйдаах таастарыҥ диэн салапааҥҥа угуллубут 2 тааһы көрдөрдө. Дьоллоох киһи эбиккин, чуут тэстэ сыспыт, нэһиилэ көрдөөн буллубут, үөһүҥ сыста сыспыт, манныкка хойутаатахха түмүгэ куһаҕан буолуохтааҕын билэр инигин, аны дьэ харыстан!
РБ — 2
Балыыһа үлэһиттэрэ түүн тохтоон көрбөккө үлэлииллэр, анаалыс ылыыта, система, укуол туруоруута, ыарыһахтар ыҥырыылара барыта бириэмэтигэр толоруллар. Сотору- сотору тэлиэскэ тыаһаатаҕына, саҥаттан-саҥа ыарыһаҕы илдьэллэр, аҕалаллар. Хос аайы бэрээдэк, туумбаҕа атын мал ууруллубат, орон сарсыарда 7 чааска хомуллар. Мин тымырым көстүбэт буолан үгүстүк эрэйдэнээччибин, кыргыттар үөрэ-көтө укуоллаан,система туруоран эмтииллэр. Киһи да бөҕө эбит, оҥоһуллан баран 4 күн аһаабатым, ууну иһэр көҥүллэммэт, ол оннугар күнүс 2 чаастан киэһээ 8 чааска дылы система ыллахха этин-хаанын уу көрдөөбөт, сэниэлээх буолар эбиккин.
Хоско бииргэ сытар биир дойдулааҕым, Чурапчы уола, бэрэбиэркэҕэ киирбитэ хас да хонно. Үөрэппит учууталым Сивцев Г. Н.быраатын Байбал сиэнэ Байбал диэн эбит. Иһин түгэҕэ аалан ыалдьарын көрөн, оһоҕоһугар 5 см. уһуннаах атын эттик баарын булан, ол эттик оһоҕоһугар туора туран мэһэйдиир, аалар эбит диэн эпэрээссийэлэнэргэ этэллэрин уол куттанар, өр кэпсэтэн быһаарыы ылымматылар. Ыксаан мин: “Чэ, биир дойдулааҕым сиэнэ иһит. Мин бу кэргэним модьуйан киирэн тыыннаах хааллым, кыратык хойутаабытым буоллар дылҕам уларыйыа этэ, эн олох эдэр киһигин. Ити 5 см. тимири дуу, маһы дуу ыллахтарына эрэ быыһанаҕын, сөбүлэс диэтим”. Уолбут толкуйдаан баран сөбүлэһэн илии баттаата. Үс чааһынан палатаҕа аҕаллылар, 5см. уһуннаах хаппыт укроп ото диэтилэр, кытаанаҕа сүрдээх.
Дьиэбэр тахсабын
Эмтэнэн бүтэн тахсар күнүм кэлэн үөрүү үлүскэнэ. Кыра уолум Андрей массыынатынан кэлэн кэтэһэн турар, тахсар ааммын эрэйинэн да буоллар булан, ыраас салгынынан дуоһуйа тыынабын. Үрүҥ халааттаах аанньалларбар, күн-ый буолбут быраастарбар махтал тылын бастыҥын аныыбын. Дьон олоҕун быыһыыр үлэҕит инникитин да ситиһиилээх буоллун, бэйэҕит, дьиэ кэргэҥҥит доруобай, дьоллоох олохтонуҥ диэн махталлаах санаалаах балыыһа аанын сабан, кырдьаҕас киһи дьиэм диэки айаннаатым.
Саҥа үүнэр 2025 сылга төһө да элбэх уларыйыы буоллар үтүөнү-саҥаны, үчүгэй олоҕу кэтэһэбит! Оннук да буолуоҕа, ыал аайы үөрүү өрөгөйдөөтүн, доруобуйа тубустун. Айыы сирэ аһыллан уйгу-быйаҥ эргийдин.
А. А. Варламов
Айылҕаттан айдарыылаах, билэр-көрөр, инникини анаарар, «Битва экстрасенсов» финалистката Кажетта Ахметжанова 2025 сылы туох диэн билгэлиир?…
СӨ Үрдүкү суутунан урут сууттана сылдьыбыт 39 саастаах Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтооҕо буруйдааҕынан ааҕылынна. Буруйданааччы…
Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 28 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар оробуочай командировкаҕа сылдьар. Майа сэлиэнньэтигэр…
Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ оҕолоругар Айсен Николаевтан бэлэхтэри туттардылар. Саҥа дьыл иннинэ Саха сирин баһылыга “Баҕа…
Ахсынньы 29-30 күннэригэр Саха сиригэр киин улуустарынан тымныы, сөҥүүтэ суох күннэр туруохтара. Бу туһунан Саха…
Сыл устата Саха сирин быыһааччылара 1700 киһи олоҕун быыһаатылар. Ахсынньы 27 күнүгэр, Быыһааччы күнүгэр, кинилэри…