Ааҕааччыларбытыгар саҥа кинигэбитин бэлэх уунабыт

Share

Бүгүн “Саха сирин” эрэдээксийэтин айар кэлэктиибигэр үөрүүлээх күн.  САССР 100 сылыгар уонна өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сылыгар анаан  элбэх оҕолоох ийэлэри үйэтитэр соруктаах “Ийэ баар бу сиргэ – аан дойду аанньала” кинигэбитин илиибитигэр туттубут.

“Сахамедиа” айар холбоһук уонна “Саха сирэ” эрэдээксийэ күн сирин көрдөрбүт кинигэтигэр  Саха сирин элбэх оҕолоох ийэлэрин тустарынан ахтыылар хомуллан киирдилэр. Ахтыылары хомуйуу бу сайынтан саҕаланан, бастакы чааһыгар лоп курдук сүүс суруйуу киирдэ. Онон, 5 уонна биэстэн элбэх оҕону ииппит, олох киэҥ аартыгар таһаарбыт  хорсун-хоодуот үлэһит, үтүө санаалаах ийэлэрбит олохторо барыбытыгар үтүө холобурунан буолуоҕа.

 “Саха сирэ” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрин солбуйааччы, бырайыагы сүрүннээччи Анивера Акимова:

—  2022 сылга  өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сыла биллэриллэн, туох эмэ сонун бырайыагы толкуйдаабыт киһи диэн, тугу гыныахха тугу оҥоруохха диэн санааҕа түспүппүт. Үгүс кэпсэтии кэннэ элбэх оҕолоох ийэлэр тустарынан кинигэ таһаарыахха диэн быһаарыыны ылыммыппыт. Салалтабыт бу бырайыакпытын өйөөн, сайыҥҥыттан ахтыылары хомуйан саҕалаабыппыт. “100 сылга – 100 ахтыы” диэн былааннаабыппыт эрээри, олус элбэх ахтыы киирбитэ. Хомойуох иһин, бары суруйуулар бу кинигэҕэ киирбэтилэр. Онон, кэлэр сылга салгыытын таһаараары үп-харчы көрдүү сылдьабыт, — диэн санаатын үллэһиннэ.

Бастакы кинигэбитигэр биэстэн элбэх оҕолоох ийэлэр тустарынан олус истиҥ суруйуулар түмүллэн киирдилэр. Кинигэни хомуйан таһаарааччы – Анивера Акимова, эрэдээктэр — Ангелина Данилова, көмпүүтэргэ таҥааччы — Кларника Гоголева. 100 ахтыы кинигэ буолан тахсарыгар тиэкистэри бэрэбиэркэлээн таһаарарга суруналыыстар Александр Тарасов, Надежда Егорова, Ангелина Васильева, Айтаана Аммосова, Сардаана Баснаева үлэлээтилэр.

Кинигэ 300 тираһынан Ю.А Гагарин аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи типографиҕа бэчээттэнэн таҕыста. Суруналыыстар ханна да тиийдэллэр, өттүк харалаах, илии тутуурдаах сылдьар үгэстээхтэр. Бу саҥа таһаарыыбытын эмиэ  өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар  командировкаҕа тиийдэхпитинэ,  бибилэтиэкэлэргэ бэлэх уунуохпут.

Кинигэ сүрэхтэниитэ бу бээтинсэҕэ, ахсынньы 23 күнүгэр,  Бэчээт дьиэтигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи медиакииҥҥэ 15 чаастан ыытыллар (Дьокуускай куорат, Орджоникидзе уулуссатын 31, иккис этээс, медиакиин). Сиһилии 7 964 428-11-45 нүөмэргэ бассаапка суруйан билсиҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

2 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

2 часа ago