«Ааҕыы чорооно» ыалдьыттаата
Ааҕыы — сайдыы, үүнүү тирэҕэ. СӨ үөрэҕириитин эйгэтигэр быйылгы сыл ааҕыы сылынан биллэриллибитэ. Бу чэрчитинэн, бүтүн Сунтаарбыт улууһугар олунньуттан ахсынньыга диэри бары нэһилиэктэрин, үөрэх тэрилтэлэрин устун «Ааҕыы түһүлгэтин Чорооно» алгыһынан арыалланан, аартыктары арыйан айанныы сылдьар.
Л.А.Попов аатынан Арыылаах агро-хайысхалаах оскуола көҕүлээһининэн улуус бастыҥ бырайыага буолан биһирэнэн, эстэпиэтэ суолун тутан, нэһилиэктэри сэргэхситэр. Сунтаар улууһун бастакы норуодунай суруйааччыта, киэн туттар киһибит Леонид Поповка Сиэйэ олохтоохторо 1983 сыллаахха туттарбыт чороонноро ааҕыыны көҕүлээн, биһиэхэ, Күүкэйгэ, оскуолабытыгар ааны аһан айхаллана ыалдьыттаан ааста. Манна даҕатан кэпсээтэххэ, оскуолабыт учуутала, ол кэм үөрүүлээх түгэнин туоһута Ираида Михайловна Герасимова оҕо сааһын кэрэ өйдөбүлүн, улуу суруйааччыны кытары алтыһыытын санатан, устуоруйа кэрэһитэ буолла. Биһиги тэрээһиммит сүрүн сыала — билии биир ыллыга ааҕыынан арылларын, ааҕыы ситиһии төрдө буоларын өйдөтүү, СӨ норуодунай суруйааччыта Л.А.Попов киэн туттуубут буоларын чиҥэтии. Аҕа баһылыкпыт Юрий Семенович Прокопьев биһирээһининэн, истиҥ эҕэрдэтинэн Ааҕыы чороонун күннэрэ саҕаламмыттара.
Бэлиэ күн илдьитинэн үйэлэргэ үөрүүбүтүн-көтүүбүтүн бииргэ үллэстэр, үгүс үтүө дьоммутун үөрэх-үлэ сырдык суолунан көччөх гынан көтүтүһэр ыаллыы олорор Кутана нэһилиэгин Ааҕыы чороонун аҕалбыт А.А.Иванов-Күндэ аатынан Кутана орто оскуолата буолла. Дэлэгээссийэ салайааччыта, бибилэтиэкэр, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Изабелла Николаевна Третьякова, саха тылын учуутала Елена Евгеньевна Архангельская, оҕо тэрилтэтин лиидэрэ Валентин Готовцев Ааҕыы чороонун эстэпиэтэтин Леонид Попов туһунан дириҥ ис хоһоонноохтук кэпсээн туран, чороону оскуолабыт дириэктэригэр Егор Иванович Алексеевка дохсун ытыс тыаһын доҕуһуолунан туттарбыттара. Егор Иванович харда тылыгар сыл дьоһун күүрээнигэр кыттыһарбытын сэргиирин биллэрэн, көхтөөх буоларбытыгар ыҥырбыта.
Маннык бэлиэ тэрээһиҥҥэ сөп түбэһиннэрэн ф.н.д, бэрэпиэссэр Василий Васильевич Илларионов ыыппыт бэлэҕин Учууталлар учууталлара Николаева Мария Васильевна алгыстаах тылларынан тарбахтаах таарыйбатах, илиилээх туппатах саҥа олоҥхо кинигэлэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттаран үөрдүбүтэ уонна көҥүл ааҕыы күннэригэр олоҥхо түһүлгэтигэр үмүөрүһэргэ ыҥырбыта. Ааҕыы эйгэтин күн аайы көҕүлүүр олохтоох бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Львова Нюргуяна Прокопьевна эҕэрдэ тылын ааҕааччыларыгар анаабыта. Ааҕыы чороонун көрсүү күнэ ырыанан, хоһоонунан ситэриллэн:
Ааҕар киһи билиилээх,
Билиилээх киһи ситиһиилээх,
Ситиһиилээх киһи кэскиллээх! — диэнинэн үөрүүлээх чааһа түмүктэммитэ.
Ааҕыы чорооно ыалдьыттыыр күннэригэр тиһигин быспакка киэҥ ис хоһоонноох үлэлэр нэһилиэк араас эйгэтигэр ыытылыннылар, маны сэргэ “Ураты тыыннаах учуутал…” диэн Күүкэй оскуолатын бэтэрээн учуутала, норуот үөрэҕириитин туйгуна Михаил Александрович Федоровка аналлаах кини оҥоһуу кинигэлэринэн кинигэ быыстапката турда. Ааҕыы күннэрин аартыга арыллан хас биирдии киһиэхэ көӊүл санаатын ууран кинигэлиин алтыһар күннэрэ биллэриллибитэ. «Худуоһунньуктар — улуу бэйиэттэр» диэн мээнэҕэ эппэттэр. СѲ норуодунай суруйааччыта Л.А.Попов айымньыларынан уруһуйунан дьүһүйүү ыытыллыбыта. Манна ийэ оҕотунаан кыттан, айымньылаах үлэлэрэ тиһиллэн альбом оҥоһуллан, Арыылаах оскуолатын мусуойугар бэлэх ыытылынна. Бу тэрээһини уруһуй учуутала Васильев Олег Григорьевич көҕүлээбитэ хайҕаллаах. Ааҕыы чорооно “Биһик” уһуйааммыт кырачааннарыгар ыалдьыттаата. Эбээлэр “Таал Таал эмээхсин” остуоруйаны сиэннэригэр аудио- ааҕыынан иһитиннэрбиттэрин кэрэхсээтилэр, иитээччилэр Л.А.Попов «Куобахчаанын» тутан олорон дорҕоонноохтук ааҕан кинигэ алыбыгар киллэрбиттэр.
Ааҕыы эстэпиэтэтин биир сүрүн сыалынан биир дойдулаахтарбыт айымньыларын үүнэр ыччакка тиэрдии буолар. Ол чэрчитинэн «Айар дьулуур абылаҥа» диэн Күүкэйтэн төрүттээх Андрей Илларионович Егоров-Чокуур төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһин “Иэйии абылаҥа” литературнай түмсүүлэрдиин истиҥ көрсүһүүгэ анаммыта. Сунтаар улууһун «Ньургуһун» түмсүү Кутанатааҕы бөлөҕө (салайааччы -– суруйааччы Дьячковская Валентина Григорьевна) кэлэн тэрээһин суолтатын үрдэппитэ. Оҕо сааһы көччүтэр, саататар тускунан алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр “Пройди путь к сокровищу” диэн литература-успуорт оонньуутугар аахпыт кинигэлэринэн ыйытыктары, 10 эриирдээх-мускуурдаах моһолу туораан, билии кылаата “кинигэ” буоларын быһаардылар. Ханнык да литература аан бастаан хоһоонунан айыллар. Ол тэҥэ ааҕыы абылаҥар ылларыы биир сүрүн хардыытынан литература киэһэлэригэр болҕомто уурулунна. “Поэзии чарущие строки”, “Поэзия — музыка слов” курдук иэйиилээх киэһэлэр буолан ааспыттара кэрэ өйдөбүлү хаалларбыта. Бу кэмнэргэ Л.А.Попов аатынан Сунтаардааҕы модельнай бибилэтиэкэ бэлэмнээбит видео-матырыйаалын туһанан, Л.А.Попов олоҕун, айар үлэтин дириҥник билиһиннэрии барда. “Учуутал уонна үөрэнээччи” диэн норуодунай бэйиэт патриотическай хоһооннорун доҕоонноохтук ааҕыы сүргэни көтөхтө. Көрөөччү киэҥ дьүүлүгэр С.Маршак “12 месяцев” остуоруйатын инсценировкалаан көрдөрүүлэрэ сэргээһини ылбыта, ылбаҕайдык нууччалыы саҥаран оруолларын таба биэрдилэр. Соһуччу талааннар арылыннылар.
Ааҕыы чороонун тэрээһиннэрэ сэргэхтик аастылар. Улаханныын-кыралыын көхтөөхтүк кыттан, кинигэ билии төрдө буоларын, киһиэхэ чугас доҕорун кэриэтэ аралдьытарын, кэрэ эйгэҕэ сирдиирин өссө төгүл чиҥэтилиннэ. Биһирэммит кыттааччылар хайҕал сурук туттулар. Онтон, бу күннэр күүрээннэригэр сөп түбэһиннэрэн, айар куттаах хоһоонньут Луиза Прокопьев-Сыккыс Л.А.Поповка анабыл хоһоонун уонна кини айымньытыгар нууччалыы тылбаастарын утары уунан, ааҕааччы эйгэтигэр таһаарда. Тэрээһиннэри “Кустук” пресс-киин иитиллээччилэрэ тиһэн, анал хаһыат таһаардылар.
Ааҕыы чороонун эстэпиэтэтэ салгыы ураты болҕомтолоох, киэҥ билии сыаннастарын кууһан олорор дойдуга, Толоон нэһилиэгин оскуола-саадыгар туттарылынна.
Ксения САВВИНОВА, Күүкэй оскуолатын бибилэтиэкэрэ, «Кустук» пресс-киин
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: