Аахсыйаны мүччү тутумаҥ!
Саха сиринээҕи Хапытаалынай өрөмүөн пуондата Fondkr.ru саайтыгар усунуоскутун “Прощеные дни” аахсыйа кэмигэр төлүүргүтүгэр ыҥырар. Маннык төлөөтөххүтүнэн, хамыыһыйа тутуллубат.
“СӨ Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри хапытаалынай өрөмүөннээһиҥҥэ пуондата” НКО 2024 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри маннык аахсыйаны ыытар. Бу ыытыллар кэмигэр пенята суох төлүүгүт.
Усунуоскутун Пуонда Fondkr.ru киирэн төлөөҥ, манна пуонда счетугар төлөбүргүт тута киирэр. Төлөбүрү ылар агеннар нөҥүө төлөөһүҥҥэ иэскит уонна пеняҕыт суумата араарыллыбат, ону тэҥэ ыыппыт харчыгыт бас билээччи счетугар бааҥҥа 5 күнүнэн киирэр.
Fondkr.ru киирэн “Оплатить капремонт” разделга бэйэҕит счеккутун суруйуҥ (ону “Узнать свой лицевой счет” вкладкаҕа көрүҥ) уонна ханнык баҕарар баан каартатытан төлөөҥ.
Саха сиринээҕи пуонда пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: