Хаартыска: PxHere
Дойдуга 2015 сылтан ыла аан бастакытын дьахталлар эр дьоннооҕор үрдүк биэнсийэни ылар буоллулар. Бу сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, дьахталлар анаммыт биэнсийэлэрин орто кээмэйэ 221 солк.үрдүк буолла. Бу туһунан Росстат пресс-сулууспата суруйар.
«2025 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи дааннайынан, дьахталлар биэнсийэлэрин орто кээмэйэ 23 249 солк. буолла, оттон эр дьоҥҥо — 23 028 солк. Бу иннинэ бары сылларга эр дьон биэнсийэтин кээмэйэ үрдүк этэ. 2015 сылтан саҕалаан дьахталлар ортотунан 10 663 солк. оттон эр дьон — 11 346 солк. ылаллара», — диэн Росстат дааннайдарыгар олоҕуран ТАСС иһитиннэрэр.
2024 сыллаахха дьахталлар ортотунан 20 745 солк., оттон эр дьон — 20 854 солк. ылаллара. Ол аата, сыл иһигэр дьахталлар биэнсийэлэрэ түргэнник улааппыт. Маны таһынан, отчуоттарга куорат биэнсийэлээхтэрэ тыа сиринээҕэр элбэҕи ылаллара бэлиэтэнэр: 2025 сыл саҕаланыытыгар куоракка — 24 005 солк., оттон тыа сиригэр — 20 722 солк. Урут 2025 сыллаахха РФ Социальнай пуондата дойду үрдүнэн биэнсийэ орто кээмэйэ 23 453 солк. тиийбитин, сыл иһигэр 2,5 тыһ.солк. үрдээбитин иһитиннэрбитэ. 2025 сыл тохсунньутуттан страховой биэнсийэлэр 7,3% үрдээтилэр, оттон салгыы өссө 9,5% үрдэтэр былааннаахтар. Маны таһынан, 2026 сылтан страховой биэнсийэ индексацията сылга иккитэ ыытыллыаҕа, оттон үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ төлөбүр индексациятын сөргүтэр былааннаахтар.
Социальнай ситимҥэ ДПС иниспиэктэрдэрэ уонна сүгэлээх киһи хаартыскалата тарҕанна. СӨ Госавтоиниспиэксийэтэ иһитиннэрбитинэн, сэтинньи 1 күнүгэр…
Ис киирбэх, нарын-намчы көрүҥнээх, сахалыы сайаҕас саҥалаах, 5 оҕолоох дьиэ кэргэн далбар хотуна Ульяна Лугинованы…
Сэтинньи – саха саамай сүгүрүйэр ыйа. Булт-алт Байанай ыйа олус үөрүнньэҥ, кэһии биэрэр курдук саныыра.…
Бэҕэһээ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, Тараҕай нэһилиэгин Уол Табаҕа Эбэтигэр, «ТОЙОН МУҤХА-2025» үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллынна. - Эбэбит…
Сахаларга “күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” диэн бэрт дириҥ өйдөбүллээх өс хоһооно баар. Биллэн турар, ити өс…
Сэтинньигэ кыһын хайдах буолуон, саас хойутуон дуу, эрдэлиэн дуу быһаараллар. Сэтинньини ыам ыйа батыһар. Миитэрэйэп…