ААН ДОЙДУ АТЫЙАХТААХ УУЛУУ АЙМАНАР

Share

Өбүгэлэрбит «Аан дойду атыйахтаах уу курдук айманна» диэн эппиттэрэ баар. Кэлиҥҥи сыллар, кырдьыга да, аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаатылар – ол курдук Сир планета көхсө кыараата, икки атахтаах уйулҕата көттө. Тиһигин быспакка утум-ситим салҕанан иһэр локальнай сэриилэр, судаарыстыбаннай былааһы суулларыы, экэниэмикэ кириисиһэ, экология кыһалҕалара уонна тиһэҕэр коронавирус пандемията… Аны Украинаҕа буолбут бэлиитикэ кириисиһигэр орооһорго тиийбит Арассыыйа анал байыаннай эпэрээссийэтэ… Дьэ, бу кэннэ аан дойду уонна киһи аймах, Арассыыйа уонна биһиги, Арассыыйа гражданнара, хайдах-туох буолабыт?

Политолог, суруналыыс, «Саха сирэ» хаһыат бас эрэдээктэрэ Чокуур Гаврильев «Чолбон» сурунаалга ол туһунан санааларын, сабаҕалааһыннарын үллэстибитин интервьютуттан быһа тардан бэчээттиибит.

Күрүө намыһаҕынан киирэ сатыыллар

Биллэрин курдук, саас Украинаҕа анал байыаннай эпэрээссийэ саҕаланаатын кытары, Арҕааҥҥы дойдулар Арассыыйаҕа биир-биир сааҥсыйалары киллэрбитинэн барбыттара. Дьиҥэр, арҕааҥҥылар, сааҥсыйаларын өссө эрдэттэн бэлэмнээн, Арассыыйа мөлтөх өттүн кыҥаан, чуолаан ол өрүттэрин ыга тутаары олорбуттар эбит. Кинилэр сыаллара – Арассыыйа экэниэмикэтин кэбирэтии. Холобура, Арассыыйа авиа­хампаанньалара лизиҥҥэ ылбыт сөмөлүөттэрин арҕааҥҥылар төттөрү ирдээн турбуттара, ону тэҥэ үгүс дойдулар биһиги дойдубут көтөр ааллара сылдьар салгын суолларын хам сабан кэбиспиттэрэ. Арҕааҥҥылар салгын көлөтүн эйгэтигэр биллэрбит сааҥсыйалара манан эрэ муҥурдамматаҕа. Ол курдук, эрдэ ылыллыбыт көтөр ааллар саппаас чаастара тастан киириитин кытары боппуттара. Арассыыйа курдук киэҥ сирдээх-уоттаах дойдуга, биллэн турар, көтөр аала суох буолуу улахан охсуулаах уонна олус ночооттоох суол.

Арассыыйа экэниэмикэтигэр, кини туруктаах буолуутугар иккис охсуунан аан дойдутааҕы SWIFT диэн бааннар икки ардыларынааҕы төлөһүү тиһигиттэн араарыы буолла. Маннык араарыы тас дойдуларга таһаарар бородууксуйаны, ону тэҥэ иһирдьэ киирэр табаар эргиэнин хааччахтыыр. Ол эбэтэр Арассыыйа олохтооҕо атын дойдуга сылдьан олох­тоох бааннар каарталарынан сатаан туһаммат кыһалҕата үөскүүр. Ол да буоллар, төһө да SWIFT-тан араарбыттарын иһин, бэйэбит МИР диэн систиэмэлээхпит биһигини улаханнык абыраата. Онон дойдубутугар баан карталара үлэлииллэр, бары операцияны көҥүл оҥорор кыах баар.

Маны таһынан арҕааҥҥылар, ньиэп, гаас эйгэтигэр эрдэ кыралаан сааҥсыйалыыр эбит буоллахтарына, ааспыт саастан ыла бу хайысха өссө тыйыһыран, сиртэн хостонор баайтан киирэр үппүтүгэр күөмчүлээһиннэри киллэрдилэр. Ол курдук, бырамыысыланнас эйгэтигэр туттуллар тэриллэр киириилэрин тохтоттулар уонна бу хайысха сайдыытын тэтимирдэр инвестициялары уураттылар. Аны ньиэп уонна гаас сыанатын тоҥоро сатыыллар, сорохтор аккаастанан эрэллэр.

Илиҥҥи хайысха

Бу хайысхаҕа Арассыыйа өттүттэн билигин эмиэ үлэ бара турар. Гаас, ньиэп утаҕа тардыллан, билигин Кытайы, бары даҕаны Илиҥҥи дойдулары кытары ыкса үлэлии олоро­бут. Итинник гынан, экэниэмикэбит маҥнайгы сырбатыыны тулуйда. Арҕааҥҥылар адьас «хоос» гына түһүөхтэрэ дии санаабыттар быһыылаах да, оннук буолбата. Ол гынан баран, маннык турук уһуур-кэҥиир түбэлтэтигэр экэ­ниэмикэбитигэр охсуулаах буолара саарбахтаммат. Атыннык эттэххэ, хаһан эрэ экэниэмикэбит таһыма син биир түһэр, ыыра кыарыыр куттала баар. Ордук дойдубут арҕаа өттүгэр, Европаттан чугас эрэгийэннэрбитигэр охсуута улахан буолуоҕа. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр уруккуттан ыаллыы олорор буоланнар, бэйэ-бэйэлэрин кытары хатайдаһа, ылса-бэрсэ олордохторо, ас-үөл, таҥас-сап, туттар тэрил үксэ тас дойдулартан киирэ турдаҕа. Оттон холобура, бу ааспыт Илиҥҥи экэниэмикэ пуорумугар (ВЭФ) бэлиэтээбиттэринэн, биһиэхэ, Уһук Илин олорор эрэгийиэннэргэ, төттөрүтүн болҕомто күүһүрдэ – сайдыыга талаһыы өттүгэр араас хайысхалардаах этиилэр киирдилэр.

Арҕааҥҥылар Арассыыйа экэниэмикэтин уодьуганныыр кырыктаах санаалара манан эрэ муҥурдаммакка, сырыы аайы хаҥаатар хаҥаан иһэр. Этэн аһарбытым курдук, Европа өттүттэн биһиги гааспытыгар уонна ньиэппитигэр муҥур үрүтү (потолок), атыннык эттэххэ, сыанабытыгар хааччаҕы туруоралларын туһунан үгүстүк лахсыйан баран, балаҕан ыйын 2 күнүгэр «Улахан сэттэ» диэн тас дойдулар бөлөхтөрө мунньахтааннар, ити сыалларын олоххо киллэрэллэрин иһитиннэрбиттэрэ. Биллэн турар, ити икки эйгэ сыанатын аан дойду ырыынага бүттүүн олох­туохтаах этэ буоллаҕа. Ону кинилэр, олус улуутумсуйан, итинник быһаарбыта буолаллар. Арассыыйа манна утары хоруйдуур: «Өскөтүн биһиги гааспыт, ньиэппит арҕаа тахсыбат буоллаҕына, атын туһанар дойдуларга холкутук утары уунабыт». Оччотугар, бастатан туран, итинтэн Европа экэниэмикэтэ бэйэтэ эмсэҕэлиир, олохтоохторо төлүүр нолуоктара хас эмэ төгүл улаатан, сыана бас-баттах барарын туһунан киһи этэ да барбат. Онон бэйэлэрин экэниэми­кэлэрэ эмиэ ыыра барар кэмэ тирээн кэлэр. Судургутук сахалыы быһаардахха, далыҥ арҕаа аана сабыылаах, оттон илин өттө аһаҕас буолла да, сылгыҥ үөрэ онон көҥүл тахса турар.

Аны туран, арҕааҥҥылар дорҕоонноох бобууларыгар атын тас дойдулар кыттыспакка олороллор, ол атахпытыгар турарбытыгар эмиэ өрүһүлтэбит буолар. Атыннык эттэххэ, атыы-эр­гиэн бара турар, үп-харчы киирэр.

Сувереннай экэниэмикэ

Ол эрээри, эппитим курдук, сорох эйгэлэргэ тастан киирии суох буолан, кыһалҕабытын бэйэбит эрэ толуйар кыахтанныбыт. Холобура, ол Илиҥҥи экэниэмикэ пуорумугар эппиттэринэн, Аэрофлот курдук улахан авиахампаанньа Ростехтарга 500-тэн тахса сөмөлүөтү сакаастаан, улахан хантараак түһэрсибит уонна 2029 сылга диэри бэйэбит сөмөлүөттэрбитинэн көтүөхпүт диэн былааннаммыт. Билигин, арыый бытааннык да буоллар, дойдубутугар көтөр ааллары оҥоруу өттүгэр кэккэ уларыйыылар киирэн эрэллэр. Ол курдук, эспэримиэн быһыытынан саҥа ааллары оҥорон көтүтэн, тургутан көрүү үлэтэ бара турар.

Чахчы, бэйэҥ бородууксу­йаҕын толору оҥорору ситиспэтэххинэ, информациялыыр ньымаларгын үрдүк таһымҥа эппиэттиир кэрдиискэ тиэрдибэтэххинэ, искиттэн сайдан тахсыбатаххына – аан дойду кэккэтигэр киирбэккин. Онон, хаһан баҕарар олоххо буоларын курдук, кыһалҕа кыһарыйдаҕына, бэйэҥ бэйэҕэр эрэ эрэнэргэр тиийэҕин. Ол туһуттан сэбиэскэй кэммитинээҕи кыахпытын сөргүтэн, инженердии өй-санаа күүскэ сайдара ирдэнэр.

Өскөтүн, биһиги сааҥсыйалартан сылтаан ылыммыт инники былааннарбытын барытын ситиһэр түгэммитигэр, этэллэрин курдук, экэ­ниэмикэбит сувереннай буолуон сөп. Ол эбэтэр кимтэн да, туохтан да тутулуга суох бэйэбитин бэйэбит хааччынар кыахтанабыт. Эбии этэр буоллахха, билигин Арҕааҥҥы дойдулартан тутулукпут төлөрүйэн, оннук турукка бэлиэр тиийэн эрэбит. Биллэн турар, саҥа оҥорон та­­һаарар бородууксуйабыт ар­­ҕааҥҥы атылыы көрүҥнэрин (аналог) курдук чаҕылхай буолумуон сөп эрээри, туһанааччыга быдан барыстаах уонна экэниэмикэбитигэр даҕаны лаппа туһалаах буолуо турдаҕа. Оттон уонна сыыйа сайдан, тупсан иһиэхтэрэ.

Баай-дьадаҥы киирсиитэ

Аан дойдуга баай-дьадаҥы диэн икки тус-туһунан араҥа мэлдьи баарын курдук баар. Ити көстүүнү «золотая десятка» диэн ааттыыллар. Ол эбэтэр былыр-былыргыттан баай дойдулар, аан дойду үбүн-харчытыттан хаба тардан, барытын бэйэлэригэр мунньа, туһана олороллор. Ол оннук көҥүллүк айбардыы, баһылыы олордохторуна, эмискэ Арассыыйа туран кэллэ. Өскөтүн Арассыыйа бу харгыстары барытын туораан, кыайан-хотон өрө­йүө-чөрөйүө да, бу урукку турук уларыйарыгар тиийиэҕэ. Ол иһин кыра уонна сорох улахан дойдулар Арассыыйа хамсаныыларын кыраҕытык кэтии олороллор.

Ааспыт үйэни санаан көрүөххэ. Холобура, Аан дойду иккис сэриитин кэнниттэн аан дойду тутула уларыйбыта. Ол онно ордук АХШ барыһыран тахсар. Оччолорго атыы-тутуу эйгэтигэр ханнык валютаны туттар туһунан боппуруос көтөҕүллүбүт, онно Европа олус эстэн бэйэтин валютатын киллэрэр кыаҕа суох буолан биэрбит. Солкуобайы эмиэ ылымматахтар. Ол оннугар сэрииттэн улаханнык энчирээбэтэх Америка дуоллара күө­рэс гынан – аан дойду валютата буола түһэр. Инньэ гынан, хайа баҕарар дойдуттан ньиэби, гааһы, аһы-үөлү, о.д.а. бородууксуйаны төһө баҕарар атыылаһар кыахтана охсоллор. Ити кыахтара билигин даҕаны баар.

Ол иһин Арассыыйа билигин ньиэптэн оҥорон таһаарар бородууксуйатын солкуобайга атыылыырын туһунан этэр. Стратегическай аргыһа Кытай гааспыт атыытын аҥаарын бэйэтин валютатынан төлөһөрүн утарбат. Бу маннык ньыманан аан дойдуга дуоллартан аккаастаныы, төлөрүйэ сатааһын бара турар. Маны эмиэ барытын атын су­­даарыстыбалар кэтии уонна кэтэһэ олороллор.

Көрөрбүт курдук, дуоллар куурса халбаҥнаабыта бэлиэр хас да ый буолла. Өскөтүн дуол­лар куурса түстэ даҕаны, атын дойдулар ити валютаттан арахсар түгэннэригэр, Америка экэниэмикэтэ эстэр кутталлаах. Ол иһин кинилэр онно-манна барытыгар орооһон, улахан хамсаныылары оҥоро сылдьаллар. Этэргэ дылы, өлөр-тиллэр хамсаныылара бара турар. Кинилэр Арассыыйа активтарын тоҥорботохторо буол­лар, баҕар, итинниккэ тиийиэхтэрэ суоҕа эбитэ буолуо. Ол да буоллар, билигин үгүс эспиэртэр эрэгийиэннэр валюталара кыаҕырыахтара диэн сабаҕалыыллар. Ол аата, атын дойдулар бэйэлэрин икки ардыларыгар атыылара-тутуулара олохтоох валюталарынан барыа диэн этэллэр…

Салгыы Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум, Америка уонна Кытай, Европа уонна Арассыыйа сыһыаннарын, Турция оруолун, ньиэп, гаас суолтатын туһунан интервьюну толору «Чолбон» сурунаал алтынньытааҕы нүөмэригэр ааҕыҥ.

Утум Захаров кэпсэттэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

6 часов ago