Аан дойду эспиэрдэрэ Дьокуускайга ИТ-хампаанньалар сайдыыларын дьүүллэһиэхтэрэ  

Аан дойду эспиэрдэрэ Дьокуускайга ИТ-хампаанньалар сайдыыларын дьүүллэһиэхтэрэ  

22.11.2022, 18:44
Бөлөххө киир:
Сэтинньи 25-26 күннэригэр «Сыыппара алмааһа» («Цифровой алмаз») пуорум пленарнай мунньаҕар дойду ИТ-индустрията сайдыытын кэскилин тула кэпсэтии буолуоҕа.
Суолталаах тэрээһиҥҥэ  федеральнай министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, эрэгийиэннээҕи былаастар уонна ИТ-эйгэ лиидэрдэрэ кыттыыны ылыахтара.
«1 №-дээх Арассыыйа. Хайдах баҕа санаа туолуутун итэҕэйиэххэ уонна технологическай держава буолуохха» диэн пленарнай мунньах сэтинньи 25 күнүгэр ыытыллыаҕа. Онно спикердэринэн РФ Сыыппара сайдыытын сибээс уонна маассабай  коммуникация миниистирэ  Максут Шадаев, РФ экэнэмиичэскэй сайдыыга миниистирэ  Максим Решетников уонна Ил Дархан  Айсен Николаев буолуохтара.

«Биһиги сааҥсыйа кэмигэр дойдуга бастакынан ИТ-хампаанньалары өйүүргэ быһаарыы ылыммыппыт. Бу маннык өйөбүл дьоҕус тэрилтэлэр бэйэлэрин каадырдарын уонна үлэ миэстэтин оннунан хаалларалларыгар  туһаайыллыбыта. Биһиги бөдөҥ ИТ-хаампаанньаларбыт аан дойду ырыынагар үлэлэһэр буолан, биллэн турар, биисинэс  докумуоннарын толорууларыгар, атыыга-эргиэҥҥэ  уустуктар бааллара. Салгыы сайдар хайысханы тобулууга, тосхоллору торумнуурга  тустаах кэпсэтии ыытыллара олус наада. Онон бу дьыалабыай көрсүһүү Саха сиригэр ыытыллара үөрүүлээх суол, — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан Айсен Николаев. Спикердэр сүрүн кэпсэтиилэрэ «Арассыыйа ИТ-индустрията сайдыы ханнык көрүҥүн тутуһуой? Хайдах технологическай держава буола сайдабыт уонна судаарыстыба уонна биисинэс бу соругу ситиһэр инниттэн хайдах биир санааҕа кэлиэхтэрин сөбүй?» диэн боппуруостары дьүүллэһиэхтэрэ.

Тэрээһин дьыалабыай бырагыраамата үс хайысханан барыаҕа: «Технологическай держава», «Сыыппара медиа» уонна «Көмпүүтэр оонньууларын таҥыы». Манна хас да сиэссийэ үлэлиэҕэ.  Барыта 25 дьыалабыай тэрээһин бырагыраамаҕа киирдэ. Онно 100 спикер уонна модератор үлэлиэҕэ.  Ыалдьыт быһыытынан Уһук Илиннээҕи филиалын дириэктэрэ Андрей Карташов, «Гарда Технологии» хампаанньа салайааччыта Михаил Савельев,  МФТИ ректора Дмитрий Ливанов,  Томскайдааҕы судаарыстыбаннай университет ректора  Эдуард Галажинскай уонна  Kaspersky хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Евгений Касперскай кыттыахтара.

Пуорум саайта — https://digitaldiamond.tech

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: