Аан дойду иккис уоттаах сэриитэ түмүктэммитэ үбүлүөйдээх 79 сылын туолла

Share

Бу күн – балаҕан ыйын 3 күнэ – биһиги дойдубут устуоруйатыгар улахан суолталаах. Бу күҥҥэ 1939 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр саҕаламмыт Аан дойду иккис уоттаах сэриитэ түмүктэммитэ.

Японияны утары сэриигэ Саха сириттэн тыһыынчаттан тахса киһи кыттыбыта. Олортон үгүстэрэ Забайкаллааҕы фронт 39-с аармыйатын 94-с уонна 210-с дивизиятыгар уонна 17-с армыйа 278-1 дивизиятыгар, ону тэҥэ Уһук Илиҥҥи фронт 1 уонна 2 чаастарыгар сулууспалаабыттара. Илиҥҥи кыргыһыы түмүгэр Сэбиэскэй Сойуус аармыйата Хотугулуу-Илиҥҥи Кытайы уонна Хотугу Кореяны босхолообута. ССРС бэйэтин састаабыттан сүтэрбит сирдэрин-уоттарын, чуолаан Соҕуруу Сахалины уонна Курил арыыларын төннөрбүтэ. Ити курдук, үгүс дойдулары хаппыт улахан таһымнаах аан дойду иккис сэриитэ 1945 сыллаахха түмүктэммитэ. Аан дойду иккис сэриитэ түмүктэммит күнэ – аан дойду үгүс норуоттарын иллээх-эйэлээх олохторун туоһута.

Санаттахха, атырдьах ыйын 28 күнүгэр Дьокуускай куорат Кыайыы болуоссатын мэҥэ уотуттан Ньурбаҕа диэри «Кыайыы уота» айаннаабыта. Ньурбаҕа «Кыайыы Уота» Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, майор Н.Н.Чусовской төрөөбүт нэһилиэгиттэн — Антоновкаттан балаҕан ыйын 3 күнүттэн саҕалаан Ньурба улууһун бары нэһилиэктэрин кэрийиэҕэ. Тэрээһин Кыайыы 80 сылын көрсө «Кыайыы уотун эстафетата» диэн патриотическай аахсыйа чэрчитинэн ыытыллар. Саха сирин бары муниципальнай тэриллиилэригэр ыытыллар эстафетаны көҕүлээччинэн Ил Дархана Айсен Николаев буолар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

41 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

3 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago